Саха сирин үөрэнээччилэрэ инники идэлэрин «Кэскилгэ билиэт» оҕону оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар инникитин талыахтаах идэтигэр эрдэттэн билиһиннэрэр, сыһыарар бырайыак чэрчитинэн быһарыахтарын сөп. Бу туһунан СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Бу бырайыак үөрэнээччилэргэ бэйэлэрин идэлэрин сөпкө буларга көмөлөһөр. ″ Кэскилгэ билиэт″ араас сибилигин уһулуччу суолталаах уонна ирдэнэр эйгэлэри киллэрэллэр: ″Здоровая среда″, ″Комфортная среда″, ″Безопасная среда″, ″Умная среда″, ″Креативная среда″, ″Социальная среда″, ″Деловая среда″ уонна ″Индустриальная среда″», — иһитиннэриигэ этиллэр.
Оҕолор онлайн-платформа бырайыагын кытары билсиэхтэрэ, онно кинилэр бэйэлэрин интэриэстэригэр уонна кыахтарыгар тирэнэн, инники идэлэрин билсиэхтэрэ, «Россия-мин историям» историческай паарка базатыгар мультимедийнай быыстапка-практикумнарыгар кыттыахтарын сөп.
Үөрэнээччилэри таһынан, бырайыакка төрөппүттэр кыттыахтара. Кинилэр анаан оҕолор инникитин талыахтаах идэтигэр туһунан ыйытыыларга хоруйдары ылыахтарын сөп, оҕолорун кытта тест ааһыахтара, төрөппүт көрүүтүгэр оҕо төһө толору сөп түбэһэрин билиэхтэрэ.
Бырайыак Россия 85 субъегар үлэлиэҕэ. Барыта 150 тыһыынчаттан тахса идэни талыыга, онлайн диагностиканы 3000-тан тахса үөрэнээччи ааһыаҕа.