Муус устар 2 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрисидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев дойдутугар, Өктөмҥө, Николаев-Кииҥҥэ «Саха сирэ – Сир иэнигэр экодухуобунас барҕарыытын биһигэ» диэн ааттаах өрөспүүбүлүкэтээҕи форум ыытылынна. Бу форум уопсайа сүүстэн тахса биир интириэстээх, биир сыаллаах-соруктаах дьону муста. Олор истэригэр үөрэхтээһин эйгэтигэр үлэлиир дьон, урбаанньыттар, тэрилтэлэр салайаачылара, биллэр политиктар, бырабыытылыстыба чилиэннэрэ, уопсастыбыннай холбоһуктар киирдилэр. Уопсастыба уонна үөрэхтээһин, бизнес уонна былаас хайысхаларынан арахсан өрөспүүбүлүкэбитигэр экодуховность сайдыытын тула кэпсэтиилэр буоллулар.
Форум пленарнай мунньаҕар, тэрээһин сүрүн көҕүлээччитэ, техническэй билим хандьыдаата, ССРС атомнай промышленноһын уонна металлургиятын бэтэрээнэ, СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна, Иоган Егорович Максимов «экодухуобунас» туһунан бэйэтин концепциятын кэпсээн дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла. Ол курдук Иоган Егорович экодухуобунаһы араас өттүттэн көрөн быһаарда. СӨ бастакы бэрисидьиэнэ М.Е.Николаев экодухуобунай философиялаах салайааччы буоларын бэлиэтээтэ. Саха норуотун бөлүһүөк суруйааччытын А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй айымнньыларын экодухуобунай сайдыыны көҕүлүүр айымньылардааҕын эттэ.
Иоган Егорович Максимов:
—Экодуховность диэн киһи Ийэ айылҕатын кытта сибээһин харыстааһын уонна ону көмүскээһин. Салҕыы оннук харыстыыр сыһыаннаах көлүөнэни иитэн таһаарыы буолар. Бу саҥа сүүрээн алларааттан тахсан нэһилиэнньэ, учууталлар, төрөппүттэр ылыннылар эрээри, билигин киэҥник тарҕанарыгар элбэх уустуктардаах. Ол иһин хайаан даҕаны бу салаа былаас өттүттэн өйөбүлү ылыахтаах. Онон бүгүн биһиги саамай сүрүн сыалбыт – үлэбитин көрдөрөн, дакаастаан үрдүк өйөбүлү ылыахтаахпыт.
Үөрэхтээһин уонна уопсастыба хайысхата форум сүрүннүүр салаата буолла. Манна оскуола дириэктэрдэрэ, общественнай деятеллэр, практик учууталлар, экодухуобунаһы киллэрэн үлэлэтэ сылдьар үөрэх тэрилтэлэрэ кыттыыны ыллылар. Мэҥэ Хаҥалас улууһа экодухуобунаһы бастакынан уонна киэҥник киллэрбит улуус атын улуустарга холобур буолар тустааҕын бэлиэтээтилэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн экодухуобунай, төрөөбүт дойдутугар, дьонугар үтүө сыһыаннаах, бэриниилээх, киэҥ өйдөөх-санаалаах буолан улаатарыгар дьиэ кэргэн уонна үөрэхтээһин кииннэрэ, чуолаан оскуолалар экодухуобунай сайдыыга дьулуһуохтаахтар эбит. Ону сайыннарыыга маннык этиилэр киирбиттэрэ: оскуолаҕа төрөппүттэри кытта үлэни күүһүрдэргэ, Экодухуобунас уопсастыбатын тэринэргэ, «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» уонна «Орлята России» региональнай компоненнарга экодухуобунас тиэмэлэрин киллэрии, «Инникигэ хардыы» научнай практическай конференцияҕа экодухуобунас сиэксийэтин арыйыы уо.да.а.
Ил Түмэн наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ комитетын бэрэссэдээтэлэ, Антонина Афанасьевна Григорьева:
— Бүгүн бу түһүлгэҕэ дойдубут инникитигэр кыһаллар дьон муһунна. Форум кыттыылаахтара Иоган Егорович концепциятын ылыннылар, интэриэһиргээтилэр. Биһиги маны сарсын парламентскай аһаҕас истиигэ дьүүллэһиэхпит. Мин санаабар, бүгүн киирбит этиилэри эдэр ыччаты иитиигэ, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны, үтүө майгыны-сигилини, дойдуга бэриниилээх буолууну кытта сибээстээн таһаарыахтара. Норуодунай уонна майгы-сигили сыаннастара, дьиэ кэргэн уонна үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ – манна сүрүн оруолу оонньууллар.