Муус устар 4 күнэ. Бу күн 1925 сыллаахха Кыадаҥдаҕа Ураһалаах алааска саха норуотун биир уһулуччулаах уола, биир дойдулаахпыт Гавриил Иосифович Чиряев төрөөбүтэ. Бүгүн кини төрөөбүтэ 99 сылын бэлиэтээри биһиги оскуолабытыгар нэһилиэкпит дьаһалтата, общественноһа, оскуолабыт оҕолоро, учууталлара үөрүүлээх линиэйкэҕэ тоҕуоруһа муһуннубут. Манна Г.И.Чиряев олоҕун, үлэтин-хамнаһын кэпсиир кинигэ, хаартыска быыстапкатын көрдүбүт. Оскуолабыт үрдүк ситиһилээх оҕолоро Айылхан Андреев, Мария Поскачина, Айыына Степанова дойдубут былааҕын киллэрдилэр. Тэрээһин РФ, СӨ, өрөгөй ырыаларынан саҕаланна. Оҕолор Г.И.Чиряев холобур буолар чаҕылхай олоҕун туһунан тэттик биэриини көрдүлэр. Нэһилиэкпит баһылыга Семен Самуилович Каратаев эҕэрдэ тыл эттэ.
Кини оҕолорго туһаайан Г.И.Чиряев биһиги биир дойдулаахпыт буоларынан киэн туттуохтаарын, дойдубут сайдарын туһугар сүдү кылааттарын киллэрсибит чулуу дьоммут олохторун билиэхтээхтэрин, Гаврил Иосифович төрөөбүтэ эһиил 100 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылыгар ыытыллыахтаах тэрээһиннэргэ бука бары көхтөөх кыттыыны ылыахтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Тэрээһин 9 кылаас уолаттарын толоруутугар “Сахам сирэ” хоһоонунан түмүктэннэ.
Дьэ, ити курдук, республика биир саамай ытыктыыр улахан салайааччытын, саха саарынын Г.И.Чиряев сүдү аата үйэлэргэ умнуллубат, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолар!
«Дабаан» эдкордара,
Тааһаҕар, Бүлүү