«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл, учуонай Владимир Петрович Ларионов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу церемониятыгар кытыннылар.
1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР уон иккис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыта. САССР Верховнай Сэбиэтэ “автономия” диэнтэн аккаастанан, “Якутская-Саха Советская Социалистическая Республика” дэммитэ.
1991 с.алтынньы ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин дуоһунаһа олохтоммута. Ахсынньы ыйга Бастакы Президенинэн Михаил Николаев анаммыта.
1992 с. кулун тутар 31 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ атын Өрөспүүбүлүкэлэри кытта тэҥ бырааптаах субъект быһыытынан, Федеративнай дуогабарга илии баттаспыта. Ол түмүгэр, Арассыыйа Федеративнай судаарыстыба быһыытынан чөл хаалара ситиһиллибитэ.
1991 с. ахсынньы ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ билиҥҥи аатын ылыммыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията (Төрүт Сокуона) СӨ Верховнай Сэбиэтин 11-с уочарата суох сессиятигэр 1992 сыл муус устар 4 күнүгэр ылыныллыбыта. Манна өрөспүүбүлүкэ бэйэтин социальнай-экономическай сайдыытын, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга тугу ордук чорборун, ханнык хайысхалары сүрүн оҥосторун бэйэтэ быһаарынар кыахтаммыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа СӨ Верховнай Сэбиэтин Уурааҕынан 1992 с. алтынньы 14 күнүгэр, гиэрбэтэ ахсынньы 26 күнүгэр олохтоммуттара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин ис политикатын, экономикатын бэйэтэ дьаһанар кыахтанан, норуот хаһаайыстыбатын араас араҥаларыгар сайдыы, хамсааһын, уларыйыы барбыта. Бу улахан суолталаах күҥҥэ аналлаах тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн буолан аастылар.
Бу күн өрөспүүбүлүкэбитигэр судаарыстыбаннай өй-санаа уһуктарыгар, олоххо киирэн сайдарыгар улахан оруоллаах Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйү, Василий Никифоров-Күлүмнүүрү, Максим Аммосову, Платон Ойуунускайы, Степан Аржакову, Исидор Бараховы, кэлиҥҥи кэминээҕи М.Е.Николаевы, В. П. Ларионову, Ю. Н. Прокопьевы, Г. И. Чиряевы саныахтаахпыт.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын, Космофизика институтун, Общественнай палата үлэһиттэрэ, Технопарк резиденнэрэ, оскуолалар үөрэнээччилэрэ биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл, учуонай Владимир Петрович Ларионов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу церемониятыгар кытыннылар.
СӨ инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология миниистирэ Анатолий Семенов мустубут дьону бу кэрэ бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Ларионов научнай чинчийиилэрэ, арыйыылара дьиҥ олоххо, бырамыысалыннаска туһаны аҕалар улахан практическай суолталаахтарын туһунан эттэ. Судаарыстыбаннас сайдарыгар Ларионов оҥорбут үтүөтүн кэлэр көлүөнэ умнубатын бигэргэттэ, “ким уруккуну умнар, ол – инники кэскилэ суох” диэн кынаттаах этиини санатта.
Судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээнэ Матвей Мучин ол ураты историческай кэмҥэ, дьылҕа хаан бэйэтэ анаабытын курдук, саха чулуу уолаттарын бүтүн плеядата өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһа олохтонорун, саҥа сокуоннар, уураахтар олоххо киирэллэрин туһугар туох-баар өйдөрүн-санааларын, эрчимнэрин-дууһаларын ууран туран, үтүө суобастаахтык үлэлээн-хамсаан ааспытын туһунан долгуйан туран санатта. Ларионов Бастакы Президент Николаев чугас соратнигын быһыытынан, учуонай быһыытынан, элбэх сүбэни-аманы биэрбитэ. Кини ССРС норуодунай депутатын быһыытынан киэҥ эйгэҕэ сылдьан, билэрэ-көрөрө элбэх этэ. Ону барытын өрөспүүбүлүкэ туһатыгар таһаарарга дьулуспута.
Ларионов чугас доҕоро, судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээнэ Алексей Томтосов, Ларионов аатынан “Свет-Сырдык” пуонда бэрэссэдээтэлэ Василий Ефимов, Ил Түмэн депутата Андрей Дорогань бу церемонияҕа Ларионов үлэтинэн хабар эйгэтин киэҥин бэлиэтээтилэр. Кини алмааһы, чоҕу хостуур бырамыысалыннас сайдарыгар улахан өҥөлөөх. Кини быһаччы салалтатынан хотугу сир намыһах температуралаах килиимэтигэр араас матырыйаалы үөрэтэр физика-техническай институт 1970 с. арыллан, билиҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлии турар.
«Владимир Ларионов умел выбирать наиболее перспективные направления исследования, разработать верную тактику и стратегию решения научных проблем, использовать имеющиеся ресурсы для достижения результата. Талант ученого и руководителя обеспечил лидерство в науке и организации научной деятельности. Благодаря его усилиям техническая наука Якутии за сравнительно короткий срок вышла на передовые рубежи». /Выдающийся советский учёный в области металлургии и технологии металлов, доктор технических наук, профессор, академик АН СССР Борис Патон/.