Саха сирэ диэн аат хаһан бэриллибитин анал үөрэхтээхтэр өссө ситэ быһаара иликтэр. Билигин сурукка-бичиккэ, араадьыйаҕа уонна тэлэбиидэнньэҕэ Саха сирин “Олоҥхо дойдута” диэн уобарастаан, тупсаран ааттыыллар. Ол эмиэ сөп.
Ол эрээри, биһиги омук (нация) быһыытынан олорор сирбит-уоппут, төрөөбүт төрүт дойдубут сурукка-бичиккэ киирбит, суукка-сокуоҥҥа бэлиэтэммит, былаас бары салаалара билинэр ааттаах, бэлиэлээх буолуохтаах. Итинник аат үйэлэри уҥуордаан, көннөрүллэн-тупсарыллан, дьон өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалла. Онон билигин биһиги дойдубутун Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттыыр буоллубут. Нууччалыытыгар – “Республика Саха (Якутия)” диэн. Итинэн сибээстээн хас да боппуруос үөскээн тахсар.
Бастакы ыйытык – биһиги Сахабыт сирин статуһун Өрөспүүбүлүкэ (“Республика”) диэн ааттаабыппыт сөп дуо? Ити бэйэтэ туспа историялаах. Нууччалар манна кэлэ иликтэринэ сахалар бэйэлэрин дойдуларын уопсай аата, арааһа, суоҕа буолуо. Учуонайдар быһааралларынан, сахалар туспа омук буола иликтэринэ, олорор сирдэрэ чуолкай биллибэт этэ, көһө сылдьыбыт буолуохтаахтар. ХIII-ХIV эрэ үйэлэргэ биһиги төрүттэрбит Өлүөнэ өрүс биэрэктэригэр бүтэһиктээхтик олохсуйбуттара уонна ону Саха сирэ диэн сыыйа-баайа ааттаабыттара.
Саха сирэ Нуучча судаарыстыбатыгар киирбитин кэнниттэн (1632 с.) “Якутский уезд”, ”Якутская область” диэн ааттаабыттара. Итинник, Нуучча судаарыстыбатын кытыы сиринэн биһиги дойдубутун 1917 с. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтигэр диэри ааттаабыттара. Сэбиэскэй былаас олохтоммутун эрэ кэнниттэн Саха сиригэр Өрөспүүбүлүкэ диэн үрдүк ааты ылар иһин охсуһуу барбыта. Итинник сыралаах политическай охсуһуу 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр түмүктэммитэ. Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ.
Манна бу өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит омук аата (“саха”) киирбитэ историческай уонна геополитическай суолталаах. Бу кыраайы олорор-үлэлиир, үөскүүр-тэнийэр кыаҕы саха омуга күүстээх үлэтинэн, айылҕаны кытта күөнтэһэн, ону кыайан тэрийбитэ. Үтүөтэ оннук улахан. Ону ким да мэлдьэспэт.
Өрөспүүбүлүкэ ис хоһоонунан социализмы тутар хайысхалааҕа. Итинник идиэйэ оччолорго кыайан тахсыбыта. Оттон былаас саҥа көрүҥүнэн Сэбиэттэр буолбуттара. Аны «өрөспүүбүлүкэ» диэн тылбыт латыынныы «судаарыстыба»диэн суолталанар. Дьэ, бу тылтан уруккуттан билиҥҥигэ диэри уһун уонна унньуктаах мөккүһүү барар.
1990 сыллаахха
Итини бүтэһиктээхтик быһаарар инниттэн 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин сессията “Саха АССР судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан” диэн Декларацияны ылыммыта. Нууччалыытыгар “Декларация о государственном суверенитете Якутской-Саха Советской Социалистической Республики”. Саха сиригэр судаарыстыба суолталаах статус (аат-суол) бэриллибитэ. Итинэн сибээстээн Саха сирэ бэйэтэ былаахтаах, гербэлээх, гимнээх.
Аны Саха сирин Бырабыыталыстыбата бэйэтэ дьаһайар кыахтардаах, сокуону ылынар парламеннаах, сууту уонна сокуону көрөр уорганнардаах. Россия атын субъектарын кытта тэҥ бырааптаах. Онон политическай балаһыанньата эмиэ үрдээтэ.
Россияны кытта
Ол эрээри ситэ быһаарыллыбатах боппуруостар син биир бааллар. Биһиги Өрөспүүбүлүкэбит Россия судаарыстыбатыгар көҥүл өттүнэн киирдэ эрээри, бэйэтин баҕатынан туспа судаарыстыба буолар бырааба суох.
Ол аата федеративнай тэҥ быраабы өссө ыла иликпит. Аны дьон ыйытар – тоҕо Россияттан туспа бара сатыахтаахпытый диэн. Оччотугар сайдыыбыт тохтоон хаалыа суоҕа дуо дииллэр.
Мин тус санаабар, Россияттан тахсан барар олох сыыһа. Онон итинник боппуруостар үөскээтэхтэринэ, биһиги санаабыт биир буолуохтаах – Россияны эрэ кытта биһиги сайдыы үрдүк чыпчаалыгар тиийиэхпит. Арахсан бардахпытына мөлтүөхпүт, Россияны эмиэ мөлтөтүөхпүт. Ол кимиэхэ да наадата суох.
Билиҥҥи кэм соругунан Саха сирин экономикатын үрдүк кэрдиискэ таһаарыы буолар. Атыннык эттэххэ, биһиги бэйэбит үлэлээн ылар дохуоппут суотугар, киин былаастан “умналаспакка” эрэ олоруохтаахпыт. Нууччалыы ол “экономическая самодостаточность” диэн ааттанар. Маннык баай дойду бэйэтин хайаан да кыанар буолуохтаах. Оннук кыахтар бааллар, олору биһиги сатаан туһанабыт дуо?
Аны суут-сокуон эйгэтигэр Россия таһымыгар тахсан, сөптөөх үлэни ыытыахтаахпыт. Итини эмиэ сатаабакка сылдьабыт. Биһиэхэ үөрэхтээх, инникини табатык көрөр кыахтаах, күүстээх санаалаах эдэр каадырдар наадалар. Олор, оҕолоор, эһиги кэккэҕититтэн тахсыахтаахтар.
Кытаатыҥ, дьаныһан туран үөрэниҥ!
Николай Слепцов,
политолог.