1926 сыл кулун тутар 22 күнүгэр Саха сирин Киин Ситэриилээх комитета И.Н. Бараховы, М.К. Аммосовы уонна И.Н. Винокуровы Саха АССР бырабыыталыстыбатын дэлэгээссийэтэ диэн Москубаҕа командировкалаабыта.
И.Н. Барахов бу сыл саҕаланыыта олунньуга Баку куоракка Бүтүн Сойуустааҕы Түүр омук сийиэһигэр кыттыыны ылбыта. Ити сийиэскэ сахалыы алпаабыт олохсуйуутун туһунан киэҥ дакылааты оҥорбута. Бу кэмҥэ кини Москваҕа БСКП(б) КК марксизм уонна ленинизм курсугар үөрэнэ сылдьара.
М.К. Аммосов 1925 сыл атырдьах ыйыттан саҕалаан Совнарком бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирэ.
И.Н. Винокуров САССР бэрэстэбиитэлистибэтигэр 1925 сыл сайыныттан саҕалаан үлэ үөһүгэр түспүтэ.
Дэлэгээссийэ САССР бырабыыталыстыбатын «оһуобай дэлэгээссийэтэ» диэн ааттаммыта. Дэлэгээссийэ Москуба куоракка тугу туруорсубутун, туох кэпсэтиини ыыппытын Максим Кирович суруктарыттан билиэххэ сөп. Дэлэгээссийэ кулун тутар ыйыттан бэс ыйыгар диэри үлэлээбит. Ситэ туруорсубатах боппуруостарын салгыы Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтэ салгыы үлэлэһиэхтээҕэ.
Кинилэр тугу туруорсубуттарый? Салгын суолун арыйарга 3 сөмөлүөтү, Дьокуускай-Амур тимир суолун тутуу, атыыга-эргиэҥҥэ, кооперацияҕа кредиттээһин болдьоҕун 9 ыйтан 12 ыйга диэри уһатыы, баан бырыһыанын аччатыы. Обком бастакы сэкирэтээринэн И.Н. Бараховы аныыр сөптөөҕүн туһунан санааларын суруйбуттар. Оччолорго Саха сирин территориятын тула мөккүөр өссө да бара турар. Онон бу «оһуобай делегация» Охотскай биэрэк территориятыгар хат көрөргө, мөккүөрдээх Алдан уокуруга Саха сириттэн арахсара сатамматын суруйбуттар.
Ити туруорсуулара тугунан түмүктэммитин Максим Кирович бэс ыйынааҕы суруктарыттан ааҕыахха сөп. Ол түмүгэр Алдан Саха сиригэр хаалар. Охотскай биэрэк территориятын КК-тэн кэлбит улахан хамыыһыйа быһаарыахтааҕа биллэр.
Дьэ, ити курдук, бэрт уһун унньуктаах үлэ кэннэ «анал дэлэгээссийэ» Саха сирин туһатыгар туруорсубут боппуруостара үгүстэрэ быһаарыллар.
Евдокия Павловна Семенова,
И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музейын үлэһитэ.