Арассыыйаҕа архыып устуоруйатын биир кэрчик кэмин кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык.
Олунньутааҕы революция буолбутун кэннэ, ыраахтааҕы саҕанааҕы тэрилтэлэр докумуоннарын суох гынаттаан испиттэрэ. Бэл, Николай 2 ыраахтааҕы Царскай Селоҕо дьиэ хаайыытыгар олорон докумуон бөҕөнү уматалаабыта биллэр. Быстах кэмнээх бырабыыталыстыба тэрилтэлэрэ син архыыптарын харайан испиттэрэ.
Кулун тутар ыйга полиция уонна жандармерия дьиэлэрин таһыгар улахан кутааларга докумуоннары быраҕаттаабыттара. Максим Горькай уонна биллиилээх интеллигенциялара (Бенуа, Билибин, Шаляпин уо.д.а.) архыып докумуоннарын суох гынаттыыр сатамматын, устуоруйа туоһута буоларын туһунан ыҥырыы таһаарбыттара. Дьэ ити кэннэ архыып үлэһиттэрини сойууһа тэриллибитэ. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэннэ туох баар үлэлээн тохтообут тэрилтэлэр архыыптарын биир сиргэ мунньууну тэрийбиттэрэ. 1918 сыл муус устартан архыыбы салайар киин тэриллибитэ.
1922 сыл тохсунньу 1 күнүгэр РСФСР архыыбын киинин балаһыанньата диэн декрет тахсыбыта. Итинтэн сиэттэрэн Москубаҕа киин архыып уонна губернияларга туспа архыып тэриллибиттэрэ. 1922 сыл сэтинньи 20 күнүгэр губерния (уобалас) архыыптарын быстах кэмнээх балаһыанньата ылыныллыбыта.
Киин архыып бастакы докумуона — 1918 сыл тохсунньу 20 күнүгэр тахсыбыт таҥара дьиэтэ судаарыстыбаттан уонна оскуолаттан арахсыыта. Манна олоҕуран таҥара дьиэтин архыыбын национализациялаабыттара.
Иккис докумуон — 1919 сыллааҕы архыып уонна армия туһунан декреттэр, библиотекалар уонна музейдарга харалла сытар өлбүт нуучча суруйааччыларын, худуоһунньуктарын, учуонайдарын үлэлэрин чааһынай бас билии тохтуурун туһунан. Ити докумуоннарга олоҕуран Саха сиригэр бастакы партия устуоруйатын архыыба тэриллибитэ. Кэлин СӨ Национальнай архыыба буолбута.
Саха сирин архыыбыгар билигин биир мөлүйүөнтэн тахса араас фонда харалла сытар. Олор истэригэр И.Н. Барахов 181 нүөмэринэн үгүс докумуоннарын фондата баар. Биһиги И.Н. Барахов Саха сирин архыыбын фондатын төрүттээччи диэн киэн тутта ааттыахпытын сөп. 1921 сыл балаҕан ыйын 16 күнүгэр партия устуоруйатын үөрэтии бэрэссэдээтэлэ Исидор Иванов Октябрьскай революция уонна Саха сирин партийнай тэрилтэтин туһунан ахтыыны хомуйууга анкета ыытыы туһунан докумуона баар. Манна Өктөөп өрөбүлүүссүйэтин устуоруйатыгар 15 ыйытыы киирбит. Ыйытык иннигэр туох сыаллаах ыытыллара сиһилии быһаарыллыбыт.
“Надо собрать таких источников как можно больше, потому что один исправляет и дополняет или подтверждает другой. Путем критики этого материала историку удастся тем легче восстановить картину совершившегося, чем многисленнее количество свидетельств очевидцев”.
Туох эмэ докумуон баар буоллаҕына эбии ахтыыларыгар хамыыһыйаҕа биэрэригэр диэн суруйбут. Бу ыйытык түмүгүнэн 1919 сыл ахсынньы ыйдааҕы переворот туһунан кыһыл армия саллааттарын ахтыытын И.Н. Барахов суруйбута архыыпка харалла сытар.
1922 сыл ахсынньы 18 күнүгэр Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтигэр архыып пуондатын уонна ону салайыы туһунан уурааҕы ревком бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан олорон таһаарбыта. Үөһэ ахтыллыбыт Киин архыып тэриллиитин туһунан уураахтарга олоҕуран бу Саха сирин архыыбын тэрийбитэ. Уураах архыып үлэтин хаамыытын, кимиэхэ бас бэринэрэ, архыып үлэтин сэбиэдиссэйин үлэтин сүрүннүүр, дьиэтин-уотун быһаарар пууннардаах.
Исидор Барахов кииҥҥэ барарыгар туох баар архыыбын барытын Саха сирин обкомугар хаалларбыта, онтон ити уураахха олоҕуран партийнай архыыпка бэриллибитэ.
Репрессия кэмигэр норуот өстөөҕө буолбут дьоммут архыыптара анал харайыыга сыппыттара. 1956 сыллаахха кинилэр дьыалаларын опистаан, анал нүөмэрдээн бүтэрбиттэрэ.
Билигин архыыпка И.Н. Барахов пуондатыгар 124 дьыала 1907 сылтан 1926 сылга диэри баар.
Билиһиннэрдэ Евдокия Семенова, И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музейын үлэһитэ.