Бүгүн оскуолабытыгар Саха сирин былааҕын күнүн олус интириэһинэйдик уонна өйдөнүмтүөтүк бэлиэтээтибит.
Алтынньы 14 күнэ – Саха өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күнэ. 1992 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр бигэргэтиллибитэ. Бу күнтэн ыла Сахабыт сирин былааҕа Арассыыйа Федерациятын былааҕын кытта сэргэстэһэ турар.
Бу күн оскуолабыт иһинэн «Мы – частички нашей бескрайней и любимой Якутии!» диэн акция тэрийэн, кыттыыны ыллыбыт. Хас биирдии үөрэнээччи Саха өрөспүүбүлүкэтин былааҕын курдук өҥнөөх биирдии лентаны аҕалан, баайан, былаах оҥорон таһаардылар.
Өрөспүүбүлүкэбит былааҕа түөрт өҥнөөх: от күөх – уйгуну-быйаҥы, халлаан күөх – ыраас эйэлээх халлааны, кыһыл – олох кэрэтин ойуулуур, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууну бэлиэтиир. Онтон былаах ортотугар үрүҥ күн өбүгэлэрбитин кытта ситими көрдөрөр.
Бу акция биһиэхэ өйдөбүл, ытыктабыл бэлиэтэ буолар. Сахабыт сирэ инники сайдыыта хас биирдиибититтэн тутулуктаах.
Биһиги биир сомоҕо буоллахпытына, элбэҕи айар-тутар, элбэҕи ситиһэр кыахтаахпыт.
Вадим КОЛЕСОВ, XI кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы