Подкаст истэргитин сөбүлүүгүт дуо? Бу аныгы кэмҥэ олус табыгастаах ньыма. Оттон оҕону кытта бииргэ хас күн аайы саҥаттан саҥа остуоруйаны истэри, ол кэнниттэн ырытыһан, туһалаах түмүктэргэ кэлэри туох дии саныыгыт?
2016 сыллаахха “Чуораанчык” оҕо сурунаалын эрэдээксийэтэ сахалыы остуоруйа суруйууга айар дьоҕур күрэҕин ыыппыта. Ол күрэххэ өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан элбэх ааптарыскай остуоруйалар айыллан кэлбиттэрэ. Ол онтон ыла бу бырайыак олоххо киирбит, күрэх кыттааччыларын айымньыларынан «Остуоруйалар» диэн мобильнай сыһыарыы тахсыбыта.
«Кэскил» подкаһыгар номнуо 30-тан тахса таһаарыы баар. Маны барытын ый устата истиэххэ сөп. Остуоруйалары Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ уонна саха тыйаатырын артыыстара аахтылар. Маны таһынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ өссө да элбэх остуоруйаны бэлэмнээн муспуттар.
Подкаһы keskil14.ru сайтка киирэн, эбэтэр Breaker, Google Podcast, Pocket Cast, RadioPublic мобильнай сыһыарыылар нөҥүө истиэххитин сөп. Ону тэҥэ төлөпүөҥҥэ, планшекка киллэрэн, сибээс хаппат да сиригэр сылдьан истиэххэ, доҕор оҥостуохха сөп.
Интэриниэт ситимигэр төрөөбүт тылынан саҥа сатараатын, сахалыы эйгэ баар буоллун!
Көрүң, сэргээн, истиң!