Ороһу сынньалаҥ киинин (дириэктэр М.С. Захарова) кэлэктиибэ «Үтүө санаа харыйата» акция ыыта сылдьарын суруйан турабыт. Уопсайа 44 бадаарак киирбитин, Ороһооспо күн доруобуйаларынан хааччахтаах, дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэ сылдьар оҕолорго, элбэх оҕолоох ыалларга туттардылар. Бадаарак ылбыт дьиэ кэргэн бары махтамыттарыттан, иккини ойуччу тутан ыытабыт.
Розалия Леонидовна Акимова: «Ёлка Добра» ыытыллан, үтүмэн элбэх киһи, ыаллар оҕолоругар саҥа дьыл алыптаах тыына киирэн, дьол кыымын бэлэхтээтэ. Биһиги дьиэ кэргэн, бадаарак бэлэхтээбит дьоҥҥо, үтүөҕүт 100 төгүл төннөн кэллин диэн туран, улахан махталбытын ыытабыт».
«Очень здорово, что не только в городах, но и в сёлах зажигаются Ёлки Добра. С каждым годом их становится все больше. Спасибо за подарки, добрые сердцем люди родного Оросу. Пусть в Ваших домах всегда будут Здоровье, Любовь и Достаток. Семья Васильевых».
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу.