Аһыыр ас — чөл олох төрдө
А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын остолобуойа быйыл куорат остолобуойдарын көрүү күрэхтэригэр кыайыылааҕынан ааттаммыта. «Ситиһии төрдө туохха сытарый?» диэн ыйытыылаах биир үтүө күн мин остолобуой сэбиэдиссэйин Петрова Жанна Петровналыын көрүстүм. Манна этэр эбит буоллахха, бу күһүн национальнай гимназия остолобуойа Бүтүн Арассыыйатааҕы бастыҥ оскуола остолобуойдарын көрүү күрэҕэр Саха сирин аатын көмүскүү барыахтаах.
Гимназия остолобуойугар киирээти кытары, тута сахалыы аска, сиэргэ-туомҥа анаммыт дьэрэкээн стендаҕа киһи хараҕа хатана түһэр. Остолобуой бэйэтэ киэҥ-куоҥ, сырдык, саҥа тупсаҕай өрөмүөннээх. Хос биир истиэнэтэ аныгылыы моһуоннаах Дьокуускай куоракка анаммыт улахан уруһуйдаах, бу — биллэр дизайнер Кыыдаана Игнатьева үлэтэ. Биһиги остолобуой сэбиэдиссэйэ Жанна Петровналыын сахалыы ас тула кэпсэттибит.
— Жанна Петровна, ситиһии төрдө туохха сытарый?
— Гимназиябыт остолобуойа бу күһүн икки сыла буолар бэйэ бас билиитигэр киирбитэ, эрдэ аутсорсинг нөҥүө үлэлии олорбут буоллаҕына. Онтон «КҮН Сандалы» бырайыакпытын олоххо киллэрбиппит сылтан орто. Бырайыак гимназиябыт кэнсиэпсийэтэ Кут-Дабаан сайдыы үөрэҕин салаата буолар. Үөрэх кыһата норуот үгэстэригэр олоҕуран, дьыл кэмнэрин батыһан иитии эйгэтин олохтуур анал кэнсиэпсийэлээх. Манна гимназия бырайыактара бары киирсэллэр. Олортон биирдэстэрэؙ «КҮН Сандалы» диэн ааттаммыт саха оҕотун саха төрүт аһынан доруобуйаларын тупсарыы бырайыага буолар. Ол аата бырайыакпыт саха төрүт аһыгар олоҕурар. Холобур, сахалыы ыйдарынан ылан көрдөххө, кыһыҥҥы өттүгэр — тоҥ ас, саас, сайын — үрүҥ ас, күһүөрү — сир аһа, эт-балык ас буолар. Ити курдук, саха оҕото төрүт астан тэйбэтин туһугар сыаллаах-соруктаах үлэлии олоробут. Бу улахан уонна суолталаах бырайыагы ааптардар — норуот педагогикатын киинин салайааччыта Татьяна Ильинична Жиркова, педагог Вероника Павловна Васильевна тэрийэн ыыталлар. Гимназиябыт концепцията Кут-Дабаан сайдыы үөрэҕэр олоҕурар. Ол иһигэр биир сүрүн хаттыгас Кут-Дабаан, чэгиэн-чэбдик турук үөрэҕэ буолар.
— Онтон төрүт сахалыы аһы оҕо эрэ барыта ылынар дуо?
— Саха оҕотугар төрүт аска сыстара, үөрүйэҕэ хааныгар (генетикатыгар) баар буоллаҕа. Биллэн турар, үөрэнээччилэрбит 100% бары саха аһын сиир буолбатахтар, сиэбэт оҕо эмиэ баар. Бу оҕолор кэлин үөрэнэн иһиэхтэрэ дии саныыбыт. Аны төрүт ас күннээҕи менюга күн аайы киирбэт, ый аһа диэн, ыйга 1-2 менюга киирэр. Бэлиэтээн эттэххэ, оҕолорбут ордук сахалыы лэппиэскэлээх саламааты ордорон сииллэр. Уонна тумата суох сахалыы миини эмиэ сөбүлүүллэр. Онон төрүт аска наһаа элбэх туманы туттубаппыт, үксэ ас бэйэтинэн ууга буһар, тумалаан биэрдэххэ, суолтата да сүтэр буоллаҕа. Олохтоох бэйэ бородууксуйатын оҥорор тэрилтэлэри кытары дуогабардаһан үлэлиибит, үүппүт, үрүҥ аспыт “Молочный дождик” үүт собуотуттан, оҕуруоппут аһа “Саюрилартан”, эппит, балыкпыт эмиэ олохтоох бааһынай хаһаайыстыбалартан киирэллэр.
— Онтон атын куорат оскуолалара саха төрүт аһын киллэриини төһө сэргииллэрий?
— Атын оскуолалар ыйыталаһаллар, сэргииллэр, кэлин ылыныахтара диэн эрэнэбит. Саха оҕото төрүт аһын сиэхтээх, дэлэҕэ да төрүт ас иҥэмтиэтин туһунан элбэхтик этэн кэллэхтэрэ. Омук араас албын аһылыгыттан аккаастанан, оҕону төрүт аска үөрэтиэхтээхпит диэн оскуола иһигэр эрэ буолбакка, дьиэ кэргэнтэн быһаччы саҕаланыахтаах. Төрөппүттэр төрүт ас туһатын эмиэ өйдүөхтээхтэр уонна ону өйүөхтээхтэр. Оҕо тиистэннэ, ыстыыр буолла да, алаадьы, лэппиэскэ сиэтэн, онтон сыыйа-баайа оҕону 3 сааһыттан сахалыы төрүт аска үөрэтэн барыахтаахпыт. Дьиэ иһигэр нэдиэлэҕэ биирдэ эбэһээт алаадьылаан, лэппиэскэлээн, күөрчэхтээн астына-дуоһуйа аһаатахха, оҕо бу манныкка син-биир үөрэнэр.
— Онтон, холобур, ис миинин оҕо эрэ барыта сиэбэт. Маны хайдах өссө атыннык буһарар ньыма баарый?
— Оҕо, холобур, ис миинин этэ кытаанаҕыттан сөбүлүө суоҕун сөп, оччотугар бу аһы эн сонуннук астаан көрдөрүөхтээххин, арай ис миинин эн блендердаан, илдьиритэн, суп-пюре оҥор, эмиэ атыннык көстүө, ордук кырачааннарга барсыаҕа маннык буһарыллыбыт ас.
— Күрэх туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ?
— Күрэххэ кыттыыны ыларбытыгар гимназиябыт кэлэктиибэ бары өйөөбүттэрэ, күүс-көмө буолбуттара. Биһиги күннээҕи аска сахалыы аһылыгы саҥардан, сонуннук астаан киллэрдибит уонна ону көрдөрдүбүт. Холобур, куурусса миинин сэлиэйдээтибит, аны сахалыы лапсанан, билигин муода аһы, удону астаатыбыт, сахалыы лэпиэскэбит хайаатар да менюҕа киирбитэ, аны хаппыыстаны оҕо эрэ барыта сиэбэт, ол эрээри бу олус битэмииннээх оҕуруот аһа буолар. Онон хаппыыстаны сонуннук эриллибит эти кытары буккуйан “Эттээх төкүнүктэри” оҥорбуппут. Аны бэйэбит Сахабыт сирин отонноруттан хомпуот өрбүппүт. Уонна убаҕас күөрчэҕинэн «Смузи» оҥорон көрдөрбүппүт. Күрэххэ кыттар аһы оҕо сөбүлээн сиир аһын сонуннук уонна сахалыы аһы кытары дьүөрэлээһин курдук киирбитэ. Күрэх түмүгүнэн маҥнайгы миэстэни ылан, дипломунан уонна телевизор ылар сертификатынан наҕараадаламмыппыт.
— Жанна Петровна, остолобуойга кимнээх үлэлииллэрий?
— Остолобуойбут тоҕус үлэһиттээх, олортон үһэ повардар: старшай повар Аина Николаевна Лугинова, повардар — Родион Романович Большаков уонна Вероника Кирсановна Необутова. Кухня үлэһиттэрэ — Федора Дмитриевна Суздалова, Любовь Викторовна Седых. Кассир-раздатчиктарынан Ньургустана Владимировна Аргунова, Анжелика Ивановна Слепцова үлэлииллэр. Баһаартан сэрэхтээх буолууга АХЧ салайааччыта Василий Васильевич Винокуров эппиэттинэстээх. Остолобуойга үөрэнээччилэр икки сменанан аһыыллар. Барыта сибиэһэй аһынан аһатабыт, хас күн аайы анал бракеражнай хамыыһыйа аһылык калорийдарын, битэмииннэрин көрөр. Гимназиябыт иһигэр медработник баар.
— Бэйэҥ хантан төрдүлээххин?
— Бэйэм куоракка улааппытым. Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрбитим. Бэйэм Улан-Удэтээҕы Восточно-Сибирскай технологическай университеты бүтэрбитим, идэбинэн общественнай ас-үөл инженер-технолога буолабын. Бу эйгэҕэ үлэлиибитим номнуо 20-тэн тахса сыл буолла.
Түмүккэ гимназиябыт дириэктэригэр Валентина Семеновнаҕа, гимназиябыт кэлэктиибигэр, бу курдук эрэнэн, өйөөн, өрүү көмө-тирэх буолалларыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Аны күһүн Арассыыйатааҕы күрэххэ өссө күүскэ ылсан, менюбутун саҥардан, тупсаран, күүстээхтик кыттарга бэлэмнэнэбит.
keskil14.ru