Алтынньы 25 күнүгэр саха тылын бастакы фундаментальнай тылдьытын оҥорбут, лингвист, этнограф, фольклорист, ССРС наукаларын Академиятын бочуоттаах чилиэнэ Эдуард Карлович Пекарскай төрөөбүтэ 165 сылын туолар.
Эдуард Карлович Пекарскай аатырбыт тылдьытыгар 25000 саха тылын киллэрбитэ уонна ырыппыта. Онтон «Саха тылын тылдьыта» иккис таһаарыытыгар 38000 саха тыла киирбитэ уонна үс томунан тахсыбыта.
Кини аатын сүгэр оскуола аан дойдуга соҕотох Таатта улууһугар Игидэй нэһилиэгэр баар. Эдуард Пекарскайы уонна Игидэйи туох сибээстиирий? Эдуард Пекарскай Саха сиригэр көскө ханна олорбутай?
Бу туһунан Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Варвара Константиновна Ефимова «Учуутал — оҕоҕо» рубрикаҕа кэпсиирин көрөргүтүгэр ыҥырабыт. Видеоны Игидэй орто оскуолата Эдуард Пекарскай олорбут балаҕаныгар сылдьан уһуллулар!
keskil14.ru
1
Гагарина Елена