Бу күннэргэ Россия, Саха сирэ улахан патриота, биллиилээх учуонай, общественнай деятель, ХИФУ кырдьаҕас профессора Карл Георгиевич Башарин олохтон барбыта 40 хонуга буолар.
Карл Георгиевич саха биир бастакы суруйааччы дьахтарын Калисфена Ивановна Платонова уонна биллиилээх историк-учуонай Георгий Прокопьевич Башарин дьиэ кэргэнигэр Дьокуускайга төрөөбүтэ. Оҕо сааһа сэрии, сэрии иннинээҕи аас-туор олоххо ааспыта. Онно эбии ийэтэ эрдэ өлөн, аҕата сымыйа буруйдааһыҥҥа, сойуолаһыыга түбэһэн ыараханнык ааспыта. Медицинскэй институты, аспирантураны ситиһиилээхтик бүтэриэҕиттэн, харыс халбарыйбакка олоҕун тиһэх күннэригэр дылы үөрэммит институтугар кафедра сэбиэдиссэйинэн, профессорынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кини сэргэх, туһалаах лекцияларын, практическай үөрэхтэрин тыһыынчанан үөрэппит студеннара, врачтар махтана ахталлар.
Карл Георгиевич кэргэнинээн, ХИФУ профессора З.К. Башариналыын университет, институт ыытар үгүс дьаһалларыгар өрүү кытталлара. К.Г. Башарин хаста да университет «Бастыҥ профессора» үрдүк аакка тиксибитэ.
Саха сирин дьиҥнээх патриота Карл Георгиевич төрөөбүт норуотун арыгыттан, арыгылааһынтан быыһыыр үлэни уонунан сылларга утумнаахтык ыыппыта, чөл олоҕу күүскэ турууласпыта.
Кэргэнинээн Зоя Константиновналыын Россия, республикабыт араас таһымнаах конференцияларыгар, дьаһалларыгар сыллата кытталлара, элбэх наҕараадалары ылбыттара. Маҥнай ылыммат дьон сыыйа арыгыттан аккаастанан чөл олоҕу тутуһар буолбуттара, арыгылаах остуоллар, астаах-үөллээх көрсүһүүлэр аҕыйаабыттара. Бу Карл Георгиевич дьаныардаах үлэтин түмүгэ буолар.
Бу үлэтин Бастакы Президеммит М.Е. Николаев өйүүрэ, сүбэ-ама биэрэрэ, махтанара. Профессор К.Г. Башарин үчүгэй хоһооннору ааҕарын сөбүлүүрэ, ордук Семен Данилов, Күннүк Уурастыырап хоһооннорун ааҕара, бэл, улахан концертарга кыттара. Россия, Саха сирин гимнэрин ааҕара, ыччаттар, студеннар билиэхтээхтэр, киэн туттуохтаахтар диэн бигэ эрэллээҕэ. Бу патриотическай иитиигэ сүҥкэн суолталааҕын бэлиэтиирэ, үлэтигэр туһанара. Гимнэри билэр, ааҕар киһи, ыччат, устудьуоннар үчүгэй өттүнэн уларыйалларын, олоххо сыһыаннара тупсарын тоһоҕолуура.
Карл Георгиевичтаах уоллара, биһиги кыра кыыспыт ыал буолбуттара. Түҥүрдүү буолуохпуттан кинини, кини дьиэ кэргэнин ордук үчүгэйдик, чугастык билбитим. Кини бэртээхэй дьиэ кэргэн амарах аҕата, эһээтэ буолар, Зоя Константиновналыын үс оҕолоохтор. Улахан кыыстара Анна Карловна филологическай наука кандидата, ХИФУ доцена, күтүөттэрэ бары билэр киһибит Алексей Ильич Еремеев. Кыра кыыстара Ольга Карловна Канадаҕа олорор, наука доктора. Кэргэннээх, уоллаах кыыс оҕолоох. Уоллара Георгий Карлович Мирнэй улууһун баһылыгын экономикаҕа солбуйааччы, 4 кыыстаахтар.
Карл Георгиевич оҕолорун, сиэннэрин иитиигэ үгүс болҕомтотун уурара. Балыктыырын сөбүлүүр, бэйэтэ муҥхалаах, туулуура. Үчүгэйдик саахымакка, дуобакка оонньуура. Эдэригэр легкоатлет, сүүрэрэ.
Профессор Карл Георгиевич аҕатын, профессор Г.П. Башарин аатын, үлэлэрин үйэтитиигэ элбэх үлэни оҥордо. Аатырбыт докторскай үлэтин монографиятын «Аграрные отношения в Якутии во II половине XVIII-XIX вв.» иккистээн, хат бэчээттэппитэ. Үгүс конференциялары тэрийсибитэ. 2012 с. Георгий Прокопьевич 100 сааһыгар аналлаах конференцияны ЮНЕСКО штаб-квартиратыгар Парижка тэрийэн ыыппыта. Бу П.А. Ойуунускай кэнниттэн саха киһитигэр анаммыт ЮНЕСКО-ҕа ыытыллыбыт иккис конференция буолар.
Профессор Карл Георгиевич олус дойдумсах киһи этэ. Аҕата төрөөбүт Чурапчы Сылаҥар өрүү сылдьара, мединститут филиалын оскуолаҕа арыйбыта, бэйэтэ лекция ааҕара. Былырыын сайын Г.П. Башарин 110 сылыгар анаммыт ыһыахха сиэннэрин илдьэ тахса сылдьыбыта.
Саха норуотугар бэйэтин аатын-суолун хаалларбыт профессор Карл Георгиевич Башарины төрөөбүт норуота үйэлэргэ умнуо суоҕа.
Егор Шишигин,
РФ, СӨ культураларын үтүөлээх үлэһитэ,
Россия музейдарын Союһун Президиумун Бочуоттаах чилиэнэ,
СӨ Ытык Сүбэтин чилиэнэ.