”Чуораанчык” оҕо сурунаалын эрэдээксийэтэ ”Саха өһүн хоһооннорунан чинчийиитэ оҥор” диэн куонкуруһу нэдиэлэттэн ордук кэм устата ыыттыбыт. Ааҕааччыларбыт, төрөппүттэр, учууталлар, иитээччилэр сэргээн кытыннылар. Уопсайа 60-ча оҕо кытынна.
Оҕолор ордук “кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат”, “тыала суохха мас хамсаабат”, “үтүө доҕор үтүмэн үптээҕэр үрдүккэ сыаналанар”, “сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар”, “кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт”, “силиһэ суох мас үүммэт”, “көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс”, “баҕалаах маска ыттар”, “уокка арыы кутан умулларбаккын”, “туттуон иннинэ толкуйдаа, кэрдиэҥ иннинэ кээмэйдээ”, “ким үлэлиир ол аһыыр”, “кырдьыктан харах саатар”, “быа синньигэһинэн быстар, быһах уһугунан тостор”, “сытар дүлүҥ анныгар уу киирбэт”, “ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр”, “күн сири сырдатар, үөрэх – киһини”, “үлэни хаһааныма, аһы хаһаан”, “уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат үрдүгэр”, “быс да сыа, бас да арыы”, “отонноотоххо оҥоойук туолар”, “аҕал” диэтэххэ антах хайыһар, “мэ” диэтэххэ ымах гынар”, “үлэ киһини киэргэтэр”, “эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойутаан турбут чыычаах хараҕын хастар”, “балык уу дириҥин былдьаһар, киһи күн сырдыгын”, “алдьатар дөбөҥ, оҥорор уустук”, “хантайан туран силлээмэ – хараххар түһүө” курдук өс хоһооннору чинчийбиттэр. Өбүгэ саҕаттан этиллэн кэлбит үөрэтэр суолталаах мындыр этиилэри аныгы олоҕу кытта дьүөрэлээн, күннээҕи олохторугар сыһыары тутан, илиилэринэн тутан-хабан, харахтарынан көрөн ис хоһоонун арыйбыттар.
Оҕолор уопуттарын kolokolchik_chuoraanchik инстаграмҥа #чинчийэнбилөсхоһоону хештегинэн киирэн көрүөххүтүн сөп.
Кыттааччылар санаалара:
Октябрина Тимофеевна Феофанова, «Чычып-чаап» оҕо саадын орто бөлөх иитээччитэ, Сулҕаччы, Амма:
– Куонкуруһу наһаа сэргээтим. Сахалыы тыыннаах, өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүгэр сөп түбэһэр, ис хоһооно ураты буолан, кыттааччылар болҕомтолорун тарта. Харантыынынан сибээстээн, тэйиччиттэн олорон үлэлиир кэммитигэр көмөлөөх, туһалаах буолла. Биири бэлиэтиирим диэн – иитээччи үлэтигэр сонун сүүрээни киллэрдэ. Тэйиччиттэн олорон оҕону наар ыллатан, үҥкүүлэтэн, уруһуйдатан тахсарбыт сылаалаах. Бэйэбит эппитигэр-хааммытыгар иҥэн сылдьар, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит өс хоһооннорунан элбэх чинчийиини оҥоруохха сөп эбит диэн бэйэбит да соһуйдубут. Онон тэрийээччилэргэ сонун идеяҕыт иһин махтанабыт.
Ирина Прокопьевна Адамова, 6 №-дээх «Солнышко» оҕо саадын иитээччитэ, Үөһээ Бүлүү:
– Биһиги, «Чуораанчык» бөлөх, сурунаалы кытта ыкса үлэлиибит. Оҕолорум үксэ сурутуулаахтар. Сурунаал эрэдээксийэтин кытта оҕо ааҕар эйгэтин тэрийиигэ бииргэ үлэлииргэ дуогабардаахпыт. «Чуораанчык» ыытар куонкурустарыгар, бырайыактарыгар кыттабыт, сурунаалбытын туттубут эрэ кырыйан, оҥорон, уруһуйдарын көрөн туһанабыт.
Саха тутан-хабан, сыттаан-сымардаан көрдөҕүнэ биирдэ астынар. Өс хоһооннорунан уопуттары оҥоруу эмиэ оннук буолла. Оҕо өс хоһооҥҥо суруллубуту тутан-хабан, кэтээн, сыныйан көрөр. Ол түмүгэр ылынарыгар ордук туһалаах уонна көмөлөөх буолла. Өс хоһооннорунан уопуту оҥорууну урут көрө да истэ да илик эбиппин. Мин санаабар, аныгы саха оҕото өс хоһоону билэ улаатарыгар биир сонун хайысханы биллибит.
Ксения Вензель, төрөппүт, Орто Сурт, Горнай:
– Уопуту оҥорууга оҕолорбут саастарын учуоттаан өс хоһооннору талбыппыт. Улахаттар “эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойутаан турбут чыычаах хараҕын хастар”, орто уолбут “ким үлэлиир – ол аһыыр”, саамай кырабыт “баҕалаах маска ыттар” диэн өс хоһооннору талбыппыт. Өс хоһооно үөрэтэр, иитэр суолтатын аныгы да кэмҥэ сүтэрбэт Билигин өссө ордук көмөлөөх, туһалаах курдук. Ол бу ыытыллыбыт куонкуруска да көһүннэ. Өс хоһооҥҥо ыйыллыбыты оҕо бэйэтэ толкуйдаан, ырыҥалаан, оҥорон, боруобалаан көрбүтүн ордук ылынар. Онон бу саҥалыы тыыннаах куонкурус ордук эдэр төрөппүттэргэ туһалаах буолла.
Лилия Захарова, 7 саастаах, Дьокуускай:
– Мин куонкуруска кытынным. Ийэбин кытта уопут оҥорбуппут. Ыстакааҥҥа бастаан уу, онтон арыы куппуппут. Уубут аллараа, арыыбыт үөһээ сылдьар. Хайдах да гыммытым иһин, уу арыы үрдүгэр кыайан тахсыбата. Ол аата “кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат”. Элбэх оҕо мин курдук уопуту оҥорбутун көрдүм. Ордук Саргылана Гаврильева уопутун сөбүлээтим. Киниэхэ “бирибиэт” тиэрдэбин.
«Саха өһүн хоһоонун чинчийэн бил” куонкурус кыайыылаахтарыгар эҕэрдэ!
Бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр “Чуораанчык” анал мэтээлинэн наҕараадаланаллар.
Сиһилии 89142790160 төл. билсиҥ.
Оскуола үөрэнээччилэрэ
Кыайыылаахтар:
I миэстэ — Черемкин Айсен (V кылаас, Абый).
II миэстэ — Мальцева Айыллаана (I кылаас, Тумул, Уус Алдан; Барашков Айастаан (II кылаас, Бахсы, Чурапчы).
III миэстэ — Лопатина Сандаара (2 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта); Старостин Ньургун (VII кылаас, Мээндиги, Амма); Максимова Анжела (I ”Б” кылаас, 2 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта); Лыткин Костя (III ”В” кылаас, 2 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта).
«Бэйэ үлэтинэн көрдөрөн чинчийии» анал аат
Марков Эрхаан, (I ”Б” кылаас, 2 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта); Вензель Авдей (I кылаас, Орто Сурт, Горнай).
«Ураты, сонун чинчийии» анал аат
Шадрин Данил (III ”В” кылаас, 2 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта); Охлопков Леня (I кылаас, Мээндиги, Амма).
«Бастыҥ чинчийии» анал аат
Васильева Аня (III ”В” кылаас, 2 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта); Павлов Айхал (I кылаас, Мээндиги, Амма); Иванова Далаана (V кылаас, Аллыҥа, Сунтаар); Захарова Лилия (I кылаас, 20 №дээх оскуола, Дьокуускай).
«Күннээҕи олоххо туһалаах чинчийии» анал аат
Оросин Дархан (I ”А” кылаас, 2 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта).
«Өс хоһоону арыйар чинчийии» анал аат
Николаев Эрэл (I кылаас, Өргүөт); Кириллин Максим, 1 класс, Мээндиги Амма. Анисимова Алина (I кылаас, Мээндиги, Амма).
«Саха өһүн хоһоонун чинчийэн бил” куонкурус кыттыбытын иһин сертификат
Арина Саввина (I “А” кылаас, 2 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта); Бястинова Сайаана (II ”Б”, 2 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта); Кулаковская Анеля (II ”Б”, 2 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта); Давыдов Артем (I кылаас, Мээндиги, Амма); Голиков Стас (IV кылаас, 2 №-дээх Ытык Күөл орто оскуолата, Таатта); Кириков Дима (1 “Г”, кылаас, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас).
Оҕо саадын иитиллээччилэрэ
Кыайыылаахтар:
I миэстэ — Гаврильева Саргылаана (6 саастаах, “Чуораанчык” оҕо саада, Эмис, Амма).
II миэстэ Сазонова Айсена (4 саастаах, “Чычып-чаап” оҕо саада, Сулҕаччы, Амма); Неустроева Наташа (6 саастаах, “Чуораанчык” оҕо саада, Эмис, Амма).
III миэстэ —Яковлева Айыына (5 саастаах, «Якутяночка» оҕо саада, Дьокуускай); Шарина Лилия (5 саастаах, «Якутяночка» оҕо саада, Дьокуускай).
«Ураты, сонун чинчийии» анал аат
Иннокентьева Алиса (4 саастаах, «Чычып-чаап» оҕо саада, Сулҕаччы, Амма); Капитонов Арылхан (6 саастаах, «Чычып-чаап» оҕо саада, Сулҕаччы, Амма); Сазонова Айыллаана (6 саастаах, «Чычып-чаап» оҕо саада, Сулҕаччы, Амма); Никифоров Сандал (6 саастаах, “Солнышко” оҕо саада, Үөһээ Бүлүү).
«Күннээҕи олоххо туһалаах чинчийии» анал аат
Устинов Валера (21№-дээх «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин, Дьокуускай).
«Кэскиллээх чинчийээччи» анал аат
Сенькин Айхал (2,6 саастаах, «Сулусчаан» оҕо саада, Ытык Күөл, Таатта).
«Саамай кыра кыттааччы» анал аат
Вензель Адриан (1,5 саастаах, «Кустук» оҕо саада, Орто Сурт, Горнай); Михайлов Альберт (2 саастаах, «Ымыычаан» оҕо саада, Чукаар, Ньурба).
«Саха өһүн хоһоонун чинчийэн бил” куонкурус кыттыбытын иһин сертификат
Сергеева Амелия («Солнышко» оҕо саада, Үөһээ Бүлүү); Окороков Ньургун (4 саастаах, “Чычып-чаап” оҕо саада, Сулҕаччы, Амма); Алексеева Алекса (6 саастаах, «Солнышко» оҕо саада, Үөһээ Бүлүү); Христофоров Гена (4 саастаах, “Чычып-чаап” оҕо саада, Сулҕаччы, Амма); Капитонов Эрэл (“Чычып-чаап” оҕо саада, Сулҕаччы, Амма); Павлуцкий Эрсан (5 саастаах, “Якутяночка” оҕо саада, Дьокуускай); Уварова Сардаана ( “Солнышко” оҕо саада, Үөһээ Бүлүү).
Дьиэ кэргэнинэн кыттааччылар
Кыайыылаахтар:
I миэстэ — Ларионова Анеля (6 саастаах, «Чуораанчык» оҕо саада, Эмис Амма).
II миэстэ — Авдей, Алекс Вензеллэр (I кылаас, Орто Сурт, Горнай).
III миэстэ — Петухова Сайнаара ( 6 саастах, «Кэнчээри» оҕо саада, Майа, Мэҥэ Хаҥалас); Каролина, Женя Гоголевтар (Хаптаҕай, Мэҥэ Хаҥалас).
«Бастыҥ чинчийии» анал аат
Коля, Айал Мартыновтар (Дьокуускай); Сивцев Антон, Сахамин, Тима Егоровтар (Кэптэни, Уус Алдан); Сулустаан, Лилия Скрыбыкиннар (“Сардаана” оҕо саада, Чамча, Ленскэй)
«Көлүөнэ ситимэ» анал аат
Соловьева Алиса (6 саастаах, “Чуораанчык” оҕо саада, Эмис, Амма).
«Ураты, сонун чинчийии» анал аат
Айхан, Дохсун Дьяконовтар (Ытык Күөл, Таатта).
Бырайыак ааптардара Сардаана МАТВЕЕВА, Нюргуяна ЗАХАРОВА.
О5о саадын иитиллээччилэрэ:
Оскуола үөрэнээччилэрэ:
Дьиэ кэргэн: