Муус устар 13-14 күннэригэр, Бороҕоҥҥо республикатааҕы Саха КВН финала буолан ааста. 9 араас улуустан 10 хамаанда кытынна. Мин кыттааччылартан аҕыйах боппуруоска эппиэттииллэригэр көрдөстүм.
— Үтүө күнүнэн, аатын -суолуҥ кимий? Ханнык улуустан сылдьаҕын?
— Мин аатым, Григорьев Алик. Таатта улууһун Ытык -Күөл нэһилиэгиттэн сылдьабын.
— Хамаандаҥ аата? Тоҕо ити ааты талбыккытый?
— Хамаандабыт аата “СИТИК” диэн, “Сиэрдээх, иллээх Таатта инники кэскилэ”. Тоҕо итинник ааттаммыккытый диир буоллахха, Таатта улууһугар “Ситик” диэн саамай улахан оҕо түмсүүтэ буолабыт. Ытык- Күөлбүт аатын ааттатаары маннык ааты ылыммыппыт.
— КВН эйгэтигэр хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?
— 2019 с. бастаан 8 кылааска үөрэнэ сылдьан дьарыктанан көрбүтүм, онтон тохтообутум. Уонна билигин 2022 с. эмиэ дьарыкпын салҕаатым.
— КВН эйиэхэ тугу биэрэрий?
— Сыанаттан куттаммат буоларга, сахалыы тылбаастыырга, элбэх саҥа сахалыы тылы билэргэ үөрэтэр дии саныыбын.
— КВН — диэн мин санаабар, күлүүлээх үһүйээннэр, көрдөөх кэпсээннэр, остуоруйалар. Бэйэҥ туруораҕын. КВНҥа киһи олус сайдар, искэр баар талааныҥ уһуктар, сыанаттан куттаммат буолаҕын.
— Бүгүҥҥү күнтэн тугу күүтэҕин?
— Күүстээх дуоһуйууну, өйөбүлү. Уоттаах-күөстээх кэнсиэр ааһыа дии саныыбын.
— Атын хамаандаларга тугу баҕарыаҥ этэй?
— Үрдүк ситиһиини, инники хардыылары, сыанаттан олох куттанымаҥ. Саҥа саҕалаан эрэр оҕолорго туохтан да толлубакка, кыбыстыбакка иннин диэки хардыылаан иһэргитигэр.
—— Үтүө күнүнэн, аатын-суолуҥ кимий? Ханнык улуустан сылдьаҕын?
— Исаков Денис диэммин. Уус Алдан улууһун Арыылаах бөһүөлэгиттэн сылдьабын.
— Хамаандаҥ аата? Тоҕо итинник ааттаммыккытый?
— Биһиги хамаандабыт аата Дьулуур. Кыайыыга дьулуурдаах буолаары.
— КВН-нан хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?
— Быйыл саҥа, үс ый буолла.
— КВН-нан дьарыктаныы оҕолорго тугу биэрэрий?
— Мин саныахпар, дьон иннигэр тахсарга, сыанаттан куттаммат буоларга, атын улуустартан, атын оскуолалартан сылдьар оҕолору кытта билсэргэ, элбэх доҕордоох буоларга.
— Кыттаачччыларга тугу баҕарыаҥ этэй?
— Ким тулуурдаах, дьулуурдаах – ол кыайдын!
— Мин аатым Айаан диэн, Үөһээ Бүлүү улууһуттан сылдьабын.
— Хамаандаҥ аата? Тоҕо итинник ааттаммыккытый?
— Биһиги хамаандабыт аата “Айыккабыан”. Тоҕо инник ааттаммыкытый диир буоллахха, биирдэ бэлэмнэнэ сылдьан ким эрэ “Айыккыа” диэбитэ, онтон ким эрэ “быан” диэн эбэн биэрбитэ, онтон сүбэлэһэн баран “Айыккабыан” диэн ааттаммыппыт.
— КВН диэн мин санаабар күлүү, көрүдьүөс. Бары күлэллэрин курдук, кими да наһаа үөхпэккэ, күлүү гыммакка.
— КВН-нан хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?
— Быйыл күһүн, сэтинньи ыйтан.
— КВН-нан дьарыктаныы эйиэхэ инникигэр тугу биэрэрий?
— Сыанаҕа үлэлиирбэр, сыанаттан куттаммат буоларга наадалаах буолуо дии саныыбын.
— Бүгүҥҥү күнтэн тугу күүтэҕин?
— Кыайыыны, инникигэ эрэллээх буолууну!
— Кыттаачччыларга тугу баҕарыаҥ этэй?
— Ситиһиини! Ким дьоллоох – ол кыайдын!
— Үтүө күнүнэн, аатын -суолуҥ кимий? Ханнык улуустан сылдьаҕын?
— Мин аатым Егоров Айхал, Уус- Алдан улууһуттан сылдьабын.
— Хамаандаҥ аата? Тоҕо итинник ааттаммыккытый?
— Биһиги хамаандабыт аата “Алаас оҕолоро”. Биһиги Мүрү алаас – саамай улахан алаас оҕолоробут, ол иһин бу ааты талбыппыт.
— КВН диэн эн санааҕар тугуй?
— КВН диэн «клуб веселых и находчивых». Онтон мин санаабар, КВН-ҥа саамай актыыбынайтан актыыбынай оҕолор кытталлар.
— КВН-нан хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?
-Олох кыра эрдэхпиттэн, 4 кылааска үөрэнэ сылдьан, убайбын кытта аан бастаан кыттыбытым. Онтон, 9 кылааска “Уолан” гимназияҕа кэлэн баран, бастакы хамаандабын тэрийэн, бу финалга кытта кэлэн турабыт.
— КВН-нан дьарыктаныы оҕолорго тугу биэрэрий?
-Сыанаҕа куттаммакка тахсыыны, тылы түргэнник өйдүүргэ, оҕолору кытта билсэргэ.
—Бүгүҥҥү күнтэн тугу күүтэҕин?
-Үс кыайыылаах хамаанда иһигэр икки Уус-Алдан хамаандата киирэригэр.
— Кыттаачччыларга тугу баҕарыаҥ этэй?
-Тылларын умнубатыннар, сыанаттан куттамматыннар. КВН- биллэрин курдук, сыана оонньуута. Онон көрдөөхтүк, күүстээхтик, күлүүлээхтик кытталларыгар!
—Махтал!
Ити курдук, кэпсэппит оҕолорум бары кэриэтэ, КВН — диэн сыанаттан кыбыстыбат, элбэх доҕордоох, күүстээх санаалаах, булугас өйдөөх, көрдөөх-нардаах буоларга үөрэтэрин бэлиэтээтилэр. Инникитин оҕолорго баҕарыам этэ, бу дьарыктарын бырахпакка, салгыы дьарыктаналларыгар, кыайыылаах-хотуулаах буолалларыгар.
Кэпсэттэ Доминик Васильев,
“Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ, Уус Алдан.