Сахалыы тыллаах КВН сылтан сыл тэтимнээхтик сайдар, оҕо-ыччат болҕомтотун тардар. Ситиһии төрдө – оҕо сайдар сааһын таба тайаныы, тиһиктээх дьарыктары уонна оонньуулары тэрийии. Холобур, Саха КВН эйгэтигэр оҕолор бэһис кылаастан саҕалаан утумнаахтык дьарыктаналлар, кыһыҥҥы өттүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи оонньууларга илин-кэлин түсүһэллэр, оттон сайыҥҥы кэмҥэ лааҕырга кэлэн маастарыстыбаларын үрдэтэллэр, КВН-оонньуу ымпыгын-чымпыгын, кистэлэҥнэрин, үөрүйэхтэрин баһылыыллар.
Уус-уран салайааччы уонна оонньуу сүрүн тэрийээччитэ Николай Корякин бэйэтин санаатын үллэстэр:
– Билигин барыта холбоон сэттэ хамаандалаахпын. Бастаан баҕалаах оҕо аҕыйах курдук этэ, ол иһин куорат оскуолаларын кэрийэ сылдьан, куруһуогум туһунан сырдаппытым, кэпсээбитим. Онтон төрөппүттэр биһиги оҕолорбутун сайыннар диэн көрдөһөннөр, араас оскуолаларга хомуур хамаандалары тэрийбитим. Саха КВН хайысхатын сөбүлүүр, дьарыктаныан баҕалаах оҕолору кытта араас көрүдьүөстэри айарга чэпчэки. Хас биирдии хамаанда тус-туһунан истииллээх.
Сыалбыт диэн “Саха КВН” хамсааһыны салгыы сайыннарыы, оҕолор төрөөбүт тылларынан толлубакка сыанаҕа саҥаралларын, кылаастар бары биир сомоҕо буолан кыттыыларын ситиһии. Элбэҕи билэр-көрөр, санаатын сатаан сайа саҥарар киһи өрүү ситиһиилээх буолар.
Бу хамаандам оҕолоро тиэмэлэрин бэйэлэрэ толкуйдууллар, үчүгэйэ диэн, баһаатайдарга сэлээннээн кэбиспэттэр. Оҕо маннык толкуйдуура үчүгэй дии саныыбын, тоҕо диэтэр, кини толкуйдуур дьоҕура сайдар. Кинилэр толкуйдаабыт миниатюраларын көннөрөн биэрэбин.
Саха КВН оҕолору сценаҕа тахсан микрофону хайдах тутарга, тутта-хапта сылдьарга, көрү-күлүүнү дьоҥҥо итэҕэтиилээхтик тиэрдэргэ, сөпкө саҥарарга үөрэтэр.
«Үрдэл» оҕолоро КВН-ҥа Дьокуускай иһигэр үс бастыҥ хамаанда ахсааныгар киирсэллэр. Оттон быйыл финалга тиийэр сыаллаах-соруктаах бэлэмнээхтэр. Хамаандаҕа оҕо үксэ нууччалыы саҥарар эбит. Кинилэри, Саха КВН салайааччылара, төһө кыалларынан сахалыы саҥарарга үөрэтэллэр.
Кыһаллыам, үлэлэһиэм!
Никита Иванов, Дьокуускай 1 №-дээх орто оскуолата, IX кылаас, «Үрдэл» хамаанда хапытаана:
– Ааспыт сыл сэтинньитигэр «Үрдэл» хамаанда тэриллибитэ. Билигин күрэхтэһиилэргэ кыттаары, күүскэ дьарыктана сылдьабыт. Хамаандабыт оҕолоро үгүстэрэ VIII уонна IX кылаастарга үөрэнэбит. Билигин биһиэхэ өссө да үс сыл баар, элбэҕи ситиһэргэ бэлэммит. КВН үөрэхпэр мэһэйдээбэт, өскөтүн киһи сөбүлүүр дьарыктаах буоллаҕына, үөрэҕэр эмиэ кыһаллыахтаах. Билэбин уонна итэҕэйэбин, дьарыгым, мунньуммут уопутум кэлин олус туһалыа диэн. Төрөөбүт тылбыт сүппэтин уонна симэлийбэтин туһугар, биһиги уус-ураннык саҥарарбытыгар күүс-көмө буолар. Саха КВН куруутун сайдыа диэн олус эрэнэбин! Онуоха барыта биһигиттэн улахан тутулуктааҕын өйдүүбүн. Түһэн биэрбэккэ, Саха сирэ сайдарыгар ис сүрэхпиттэн кыһаллыам, үлэлэһиэм! Саха КВН, өрүү баар буол!
Куруук үөрэ-көтө сылдьыҥ!
Артур Скрыбыкин үөрбүт-көппүт уоллара КВН-ҥа араас, көрүдьүөс оруолларга оонньуур эбит. Ол курдук, сороҕор бэйэтигэр эрэллээх мачо, эмис киһи уонна биирдэ эмит париктаах кыыс буолан ылар. Дьон ону олус сөбүлүүр.
Уол бастаан КВН-ы олох кэрэхсээбэт, наһаа чуҥкук диэн саныыра. Саха КВН-ҥа топёр буола сылдьан, биир дьарыкка салайааччы Николай кинини артыыс дьоҕурдааҕын таба көрөн, «Үрдэл» хамаандаҕа киллэрбит.
– Барытыгар кыһаллыахха наада, сүрэҕэлдьээбэккэ этиллибити толорон, оччоҕо олоххо ситиһиилээх буолаҕын. Оҕолорго баҕарыам этэ кытаанах доруобуйаны уонна куруутун санааҕытын түһэрбэккэ, үөрэ-көтө сылдьыҥ! –диэн санаатын үллэһиннэ.
Элбэх доҕордоннум!
Адам Прокопьев уҥуоҕунан намыһах буолан, кыракый киһи эбэтэр «коротышка» оруолун толорор. Оскуолатыгар көхтөөх үөрэнээччинэн ааттыыллар. Тэрээһиннэргэ, түмсүүлэргэ кыттар буолан, доҕоро элбэх.
– Күрэххэ кытта кэллэхпитинэ куруук үөрүү-көтүү аргыстаах сылдьабыт. Сахалыы КВН элбэх доҕору булан биэрдэ, – диэн махтанар.
Уол араас хайысханан сайдара олус үчүгэй. Саха КВН кини талаанын арыйан, кэскиллээх көлүөнэни иитэ-үөрэтэ турдун. “Саха КВН-ныын аргыстас, үрдүккэ, кэрэҕэ талас” диэн мээнэҕэ этиллибэт.
Көр-күлүү аргыстаах, үөрүү-көтүү үктэллээх оҕолорбутугар бу курдук үөрэ-көтө, ыллыы-туойа сылдьыҥ диэн баҕарабыт.
Павел Ильин.