Муус устар 17 күнүгэр “Саха өйүн-санаатын барҕа баайа: үгэһи тутуһууну үйэтитии билиҥҥи кэмҥэ уонна инники кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста.
Саха ыччата бигэ тирэхтэнэригэр
“Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ, А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията, “Олоҥхо Ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ, Научнай-методическай үлэҕэ уонна тас дойдулары кытта сибээскэ Олоҥхо Киинэ, “Саха сирин норуот педагогикатын Ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ “Саха өйүн-санаатын барҕа баайа: үгэһи тутуһууну үйэтитии билиҥҥи кэмҥэ уонна инники кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэни ыыттылар. Кэмпириэнсийэҕэ барыта 70 киһи кытынна, 60 үлэ киирдэ. Бу тэрээһин Ил Дархан Гранын күрэһигэр кыайбыт уопсастыбаннай бырайыак чэрчитинэн ыытылынна.
Ангелина Афанасьевна Кузьмина, тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ:
– Ыччакка саха өйүн-санаатын барҕа баайын, тылынан уус-уран айымньытын, төрүт дьарыгын, үгэһин тарҕатар, сайыннарар, үйэтитэр, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону өбүгэ үөрэҕинэн иитиини көҕүлүүр кэмпириэнсийэни ыыттыбыт. Маннык хайысхаларынан буолла: саха өйүн-санаатын барҕа баайа (нематериальное наследие) билиҥҥи кэмҥэ үөрэтии уонна үйэтитии; норуот тылынан уус-уран айымньытын, кыраайы үөрэтии, хомуйуу; саха төрүт дьарыгар үөрэтии: дьиэ кэргэн уопута (уопуту үллэстиини маастар-кылаас халыыбынан көрдөрүү); саха бэлиэ күннэргэ үгэһэ: мүһүлгэ хаамыытынан үгэстэр.
Уус Алдан, Горнай, Орто Халыма, Амма, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Кэбээйи, Сунтаар, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Хаҥалас, Нерюнгри, Ньурба, Нам улуустарыттан, Дьокуускай куораттан учуонайдар, учууталлар, иитээччилэр, култуура тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, норуот маастардара, кыраайы үөрэтээччилэр, дьиэ кэргэн, үөрэнээччилэр, устудьуоннар, ыччат, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго социальнай-реабилитационнай киин кытыннылар.
Олус үчүгэй дириҥ хорутуулаах үлэлэр киирбиттэр. Аҕыйах холобуру ааттыыр буоллахха, Н.Д. Субуруускай аатынан Болтоҥо уопсай орто үөрэх оскуолата, Василий уонна Сардана Киприяновтар, Борис уонна Саргылаана Кармановтар дьиэ кэргэннэрэ, норуот уус-уран айымньытын үтүө үгэстэрин нөҥүө саха ыччатын сахалыы тыыҥҥа иитии үгэстэрин туһунан Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусствотын оскуолатын иһинэн үлэлиир Олоҥхо оскуолатын салайааччыта Айталина Мойтохонова, удьурхайтан оҥоhуллубут эhэтин иhиттэрин туһунан Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Лида Борисова, Сэмэн Данилов айымньыларын сонуннук тэҥнээн үөрэппит педагогическай институт үһүс кууруһун устудьуона Ульяна Максимова, фольклору хомуйууга ураты эспэдииссийэни тэрийэн хас эмэ сыл устата таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията. Ити курдук хас биирдиилэрин үлэтин ааттыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ, бары кыттааччылар үлэлэрэ оннук чахчы үчүгэйдэр, дириҥ ис хоһоонноохтор. Онон норуот үгэһин, төрөөбүт тылы, култуураны, дьарыгы үөрэтиигэ үлэлии сылдьар дьону түмэр, ыччаты, оҕо аймаҕы көҕүлүүр үлэбит биир хайысхата итинник ситиһиилээх буолла диэн тэрийээччилэр олус үөрдүбүт. Ону тэҥэ саха төрүт дьарыгын, билиитин, сатабылын көрдөрөр маастар-кылаастар киирдилэр. Элбэхтик истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук дииллэринии, эмтээх оту туһаныыны, тимири уһаарыыны, ытыгы, булчут сандалытын, анньыыны, сахалыы харысхалы оҥорууну, кыбытыылаах тигиини, кийиит таҥаһын бэлэмнээһини, кылынан аҕыс утахтан өрүүнү, ийэ тылынан ааҕыыны уһуйууну, сайылыкка тахсыы сиэрин-туомун, кымыһы, саламааты астааһыны, саха төрүт дьарыгар, үлэтигэр үөрэтиини көрдөрөр видео дьарыктар киирдилэр.
Бу ыстатыйалар, маастар-кылаастар барыта «Саха этигэн тыла» саайпытыгар http://sakhaetigentyla.ru/ уонна «Саха суола» ютуб-ханаалбытыгар https://www.youtube.com/channel/UC4aWS9CkkemJoS_gci2fFxA тахсыахтара. Киирбит үлэлэр научнай уонна практическай таһымнарынан сыаналаннылар, салгыы хайдах үлэлиэхпитин сөбүгэр саҥа санаалар, чинчийэр, иитэр-үөртэр үлэ туһатын улаатыннарар, сайыннарар ньымалар торумнаннылар. Тэрээһин техническай өттүн А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията хааччыйда. Тэрийсибит, өйөөбүт тэрилтэлэрбэр, үөлэннээхтэрбэр, дьүүллүүр сүбэҕэ, уопсастыбанньай хамсааһыҥҥа кыттыбыт бары дьоммор-сэргэбэр барҕа махталбын тириэрдэбин! Ыал бигэ тирэхтээх буоллун, саха кэскилэ сайдыы саҥа суолунан саҕыллан, чэчирии салаллан иһиэхтин!
Анна Николаевна Неустроева, педагогика билимин хандьыдаата, дассыан, М.К. Аммосов аатынан пединститут алын сүһүөх үөрэхтээһинин хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ:
– Бүгүн олус туһалаах кэмпириэнсийэ буолан ааста. Мин тус бэйэм истээччи быһыытынан тиэмэтэ олус тоҕоостоох буолан кытынным. Билиҥҥи саха тылынан иитии-үөрэтии уһуйааннарга, оскуолаларга, педкэллиэскэ, пединститукка, дьиэ кэргэн эйгэтигэр хайдах тэриллэ турарын, уопуту атастаһыы, ырытыы буолла. Олус элбэх киһи кытынна. Үчүгэйэ диэн бу уопсастыбаннай үлэҕэ көҕүлээһин быһыытынан тэриллэр буолан ураты суоллаах кэмпириэнсийэ быһыытынан сыаналаатым. Ангелина Афанасьевна Кузьмина, бу олох энтузиаст учуонай киһи, ис дууһатынан тыл сайдыытыгар ыалдьара биллэр, өйдөнөр, кини көҕүлээһининэн араас улуустартан кыттаччылар киирэн, оскуола үөрэнээччилэриттэн саҕалаан, бэтэрээн ытыктабыллаах учуонайдарга тиийэ, аһаҕастык үлэлэрин, бэйэ саҕалааһыннарын кэпсээтилэр. Дьон үлэтин истэн, билэн, сэргээн астынным. Биһиги алын сүһүөх хаапыдыратын уһуйааччыта Евдокия Эдуардовна Сидорова тэрийсиигэ кыттан, элбэх үлэлэри дьүүллүүр сүбэҕэ көрсөн, бэйэбит устудьуоннарбытын, учуутал буоларга бэлэмнэнэр оҕолорбутун, иитэргэ-үөрэтэргэ эмиэ саҥа идиэйэлэннибит. Махтаныам этэ, бу маннык кыһамньылаах дьон күүһүн мунньан, түмэн үлэлээн эрэр Ангелина Афанасьевнаҕа, бары маннык сомоҕолоһон, биир санаалаахтык үлэлээтэхпитинэ эрэ, туһалаах үчүгэй үлэ, сайдыы кэлэн иһиэ диэн эрэллээхпин. Саҥа ньымалары туһанан, бу ютуб-ханаалга туһалаах матырыйааллары таһааран, киэҥ эйгэҕэ элбэх талааннаах саха маастардарын, учууталларын, учуонайдар үлэлэрин сырдатар кэскиллээх үлэни биһирии, саха дьоно өйөөн сайдарыгар, инникитин да үлэлии турарыгар кыттыахтарыгар баҕара хаалабын.
Сардана уонна Василий Киприяновтар дьиэ кэргэннэрэ:
– Бүгүн олус дириҥ ис хоһоонноох, ыччаты, оҕону төрүт сиэргэ-туомҥа иитэр -үөрэтэр аналлаах, саха норуотун төрүт үгэстэрин, дьарыгын үйэтитэр суолталаах тэрээһин буолан ааста. Элбэҕи биллибит-көрдүбүт, бэйэбит эмиэ кыттан санаабытын этэн долгуйдубут. Тэрээһин тэрийээччилэригэр, чуолаан Ангелина Афанасьевнаҕа биһиги Киприяновтар дьиэ кэргэн аатыттан истиҥ махталбытын тириэрдэбит. Айымньылаах үлэтигэр өссө да элбэх ситиһиилэри, кыайыыны-хотууну баҕарабыт.
Карамзина Татьяна Алексеевна, СӨ норуот маастара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Гордость Якутии” бириэмийэ “Норуот маастара” анал аат финалиһа Нам улууһа:
– “Саха өйүн-санаатын барҕа баайа: үгэһи тутуһууну үйэтитии билиҥҥи кэмҥэ уонна инники кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ маастар-кылаас ыытан кыттарга быһаарыммытым. Кылгастык эттэххэ, саха туоһу тигиитигэр, традиционнай ньыматыгар, технологиятыгар өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх маастар-кылаастары ыытан, үөрэтэн, уһуйан кэллим. Туоһунан дьарыктанар киһи аҕыйах сыллаахха диэри ахсаана аҕыйах этэ, билигин улуус аайы элбээтилэр, кэрэхсэнэрэ эдэрдэр да бааллар. Бу ыытыллыбыт зуумунан тэрээһини олус сөбүлээтим, элбэх үлэ уопутун иһиттим, өссө биһирээбитим дьиэҕэ олорон ыксаабакка, 4 чаас ааһан хаалла. Ордук аныгы үйэҕэ сөп түбэһиннэрэн дьиэ кэргэҥҥэ оҕону ютуб нөҥүө иитии уопутун билиһиннэрбит филология билимин хандьыдаата, икки оҕо иһирэх ийэтэ Саргылаана Еремеевна Карманова үлэтин сөбүлээтим. Уонна дакылааттары истэ олорон саҥа сүүрээннэр кииртэлээтилэр. Бу тиэмэ миэхэ олох чугас буолан, үөрэтэ, өбүгэ үгэстэрин тарҕата сылдьар киһиэхэ наһаа наадалаах, туһалаах буолла, билии-көрүү да кэҥээтэ. Онон маннык тэрээһиннэр өссө да буола турдуннар, кыттыһыахпыт, билиибитин- көрүүбүтүн эдэр дьоҥҥо өссө да тарҕатыахпыт уонна итинник этэн туран кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарыгар, дьүүллүүр сүбэҕэ, тэрийээччилэргэ, чуолаан Ангелина Афанасьевнаҕа барҕа махталбын тириэрдэбин.
Анна Павловна Черосова, Хаҥалас улууһун С.П.Ефремов аатынан Булгунньахтаах орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала:
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэни биһирээтим. Билиҥҥи дьалхааннаах кэмҥэ, олохпутугар глобализация өтөн киирэн турдаҕына, омук быһыытынан уратыбытын, төрөөбүт тылбытын сүтэрбэт туһуттан кэнчээри ыччаты иитиигэ туһуламмыт дириҥ ис хоһоонноох дакылааттары иһиттим. Тус бэйэм Чурапчы улууһун Болтоҥо орто оскуолатын учууталларын «Биир маршрукка – иитии тоҕус хайысхата» диэн бырайыактарын сэргээтим. Учууталлар биир санаанан үлэлээн, сүбэлэрин холбоон үтүө түмүгү ситиспиттэр. «Ийэ тыл кыһата» диэн бырайыактарын улуус баһылыга өйөөн, үрдүк таһымҥа тахсыбыта үлэлэрэ биир тиһиктээҕин бигэргэтэр. Варвара Прокопьевна Корякина учуонайдар үлэлэригэр сигэнэн, саха итэҕэлин өйдөнүмтүө, киһи өйүгэр түһүмтүө гына кэпсээбитэ олус үчүгэй. Оҕолорбутугар өйдөнөр гына, Варвара Прокопьевна кэпсиирин курдук тиэртэхпитинэ, олус тиийимтиэ буолуо этэ дии саныыбын. Кини билиитин-көрүүтүн, куйаар ситимин нөҥүө тарҕатар суруйууларын учууталлар үлэлэригэр туһаныахтарын наада. Кэмпириэнсийэни иилээн-саҕалаан тэрийбит Ангелина Афанасьевна Кузьмина киэҥ хабааннаах үлэни ыытарыгар махтанабын. Ютубка «Саха суола» ханаалын көрөөччүбүн, үлэбэр туһанабын. Инстаграм сирэйигэр таһаарбыт норуот айымньытын хомуйууга ыытар күрэҕин балаһыанньатын көрөн, үөрэнээччибин кытыннарбытым. Ангелина Афанасьевна норуот айымньытын чинчийиигэ, хомуйууга, тылы сөпкө туттууга үгүс өрүттээх үлэни ыытар. Бу маннык үлэ тиһигин быспакка тэриллэн ыытылла турдаҕына, иитээччилэр, учууталлар күүс-көмө буоллахпытына, омук быһыытынан сүтүөхпүт суоҕа. Саха тыла үйэлэргэ чэчирии сайдарын, умнуллубатын туһугар бары кыһаллан үлэлиэҕиҥ.
Светлана Михайловна Бурцева, «Уус Алданнааҕы оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай киин” СӨ судаарыстыбаннай тэрилтэтин стационарнай отделениетын сэбиэдиссэйэ, РФ уопсай үөрэхтээһиҥҥэ Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна:
– Бу тэрээһиҥҥэ Саха сирин уһук хотугу муннугуттан соҕуруу оройуоннарыгар тиийэ зуумунан киирэн 75 киһи кытынна. Дьүүллүүр сүбэ таһыма олус үрдүк, хас биирдии үлэҕэ ыйыы-кэрдии, сүбэ-ама бэриллэн истилэр, үлэлэр сөптөөхтүк сыаналаннылар. Биһиги тэрилтэбит маннык научнай хабааннаах тэрээһиҥҥэ бастакы кыттыыбыт буолла. Бэркэ кытынныбыт диэн бэлиэтиэххэ наада. Оҕолорбут олох үчүгэйдик кытыннылар. Бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр Олесов Артем – 1 миэстэ, Олесов Ариан – 2 миэстэ буоллулар. Кыттааччылар бары уопуттара өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаммытын туһунан туоһу сурук, оттон оҕолор добун суруктары тутуохтара. Бу улахан ситиһии! “Айыы санаанан” уонна “Аҕа алгыһынан, Ийэ иэйиитинэн” бырайыактарбыт үчүгэй бырайыактар ахсааннарыгар киирэн дьүүллүүр сүбэ өттүттэн үрдүктүк сыаналаннылар. Үгүс элбэх үлэни иһиттибит, көрдүбүт. Наһаа даҕаны былааннаахтык, систиэмэлээхтик үлэлиир дьон баарын хайҕаатыбыт, сөхтүбүт, элбэх саҥаны, сонуну биллибит. Уопуттарыттан үллэстибит дьон бары бырайыагынан үлэлэрин кэпсээтилэр. Аны даҕаны сахалыы сиэрдээх-майгылаах, толкуйдаах буоларга үөрэтэр, көҕүлүүр үлэбит үтүө түмүктээх буоллун, үлэ көдьүүһэ үрдүү-үүнэ, сайда турдун!
“Саха өйүн-санаатын барҕа баайа: үгэһи тутуһууну үйэтитии билиҥҥи кэмҥэ уонна инники кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ түмүгэ:
Бастакы хайысхаҕа
1 миэстэ – Альмира Варламова, Г.В. Егоров аатынан Хара Алдан орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ, үлэтэ «Хос ааттар – Н.Д. Неустроев пьесаларыгар». Салайааччыта А.Г.Бочурова.
2 миэстэ – Лида Борисова, 9 «В» кылаас үөрэнээччитэ, 17 №-дээх оскуола, Дьокуускай, үлэтэ «Удьурхайтан оҥоhуллубут эhэм иhиттэрэ».
3 миэстэ – Егор Винокуров, Г.В. Егоров аатынан Хара Алдан орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, үлэтэ «Н.Д. Неустроев айымньыларыгар эргэрбит тыллар».
3 миэстэ – Анастасия Павлова, Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын 7 «В» кылааһын үөрэнээччитэ, үлэтэ «Кыhыҥҥы тыа иhиллээбит курдук иhийэн–ньимийэн турар (Н.Е.Мординов–Амма Аччыгыйа «Алдьархай» айымньытыгар туттубут тэҥнээhиннэрэ)», салайааччы: саха тылын уонна литературатын учуутала Ирина Егоровна Тарабукина.
3 миэстэ – Ваня Харлампьев, С. К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, «Күн Өркөн» эспэдииссийэ туһунан.
Ыччат ортотугар:
1 миэстэ –Ульяна Васильевна Максимова, педагогическай институт үһүс кууруһун устудьуона, үлэтэ «Семен Петрович Данилов хоһооннорун хартыынанан дьүһүйүү».
Иккис хайысхаҕа
1 миэстэ – Алиса Киприянова (Дьокуускай куорат «Прометейчик» уhуйаан), Айсен Киприянов (Дьокуускай куорат 26 №-дээх оскуолатын 6 кылааһа) ийэлэриниин Сардана Петровна Стручковалыын «Төрөөбүт түөлбэм сиэрин-туомун күннээҕи олоххо тутуһуу, оҕону саха төрүт үгэстэригэр уһуйуу» үлэлэринэн.
5-8 кылаастарга
1 миэстэ – Артем Олесов, 7 кылаас, үлэтэ “Ыйдар сахалыы ааттара – мин олохпор”. Салайааччыта — Лия Ивановна Сивцева, Уус Алданнааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго социальнай-реабилитационнай киин.
2 миэстэ – Ариан Олесов, 5 кылаас, үлэтэ “Аал Луук Мас – ытык бэлиэ”, салайааччы Сардана Прокопьевна Готовцева, Уус Алданнааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго социальнай-реабилитационнай киин.
3 миэстэ – Василина Попова, Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатын 6 «Б» кылааһын үөрэнээччитэ, үлэтэ “Уран тыллаах Кобяковтар”. Салайааччы — Антонина Петровна Терехова, Кэбээйи улууһа.
9-10 кылаастарга
1 миэстэ –Вероника Бобровская, Бүлүү улууһун Д.А.Гуляев аатынан Кыргыдай орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ, үлэтэ — “Дойду сурахтаах, алаас ааттаах…”. Салайааччылар: Эдуард Яковлевич Яковлев, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, Сардаана Дмитриевна Яковлева, алын сүһүөх учуутала.
2 миэстэ – Сильвия Сивцева (Горнай улууһун Бэрдьигэстээх гимназията, 10 кылаас), үлэтэ — «Куорунай түөлбэ тылын сүрүн уратыта».
3 миэстэ – Карина Кононова (Горнай улууһун Бэрдьигэстээх гимназията, 10 кылаас), үлэтэ — «Аат туохтуурдаах өс хоһооннорун морфологическай, синтаксическай тутуллара».
Үһүс хайысхаҕа
2-4 кылаастарга
1 миэстэ – Маша Коколова, Күннэй Петрова, Сайаана Филиппова, Настя, эбэлэрэ Петрова Валентина Васильевна (Ньурба оройуона, Маар бөһүөлэгэ) «Дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрэ» маастар-кылаастара.
2 миэстэ —Андреевтар дьиэ кэргэн (Амма улууһа, Сатаҕай нэһилиэгэ): Лия Владимировна, Федор Евсеевич Андреевтар, Андриан, 3 кылаас үөрэнээччитэ, Андреева Арина, 1 кылаас үөрэнээччитэ.
3 миэстэ —Слепцова Мария Гаврильевна, «Кэнчээри» оҕо уһуйааныгар өр сылларга оҕо психологынан үлэлээбитэ. Сиэнэ Вася Слепцов, Амматааҕы академик Л.В. Киренскай аатынан лиссиэй 4 «Б» кылааһын үөрэнээччитэ, 10 саастаах. «Ийэ тылынан ааҕыы ньымалара».
5-8 кылаастарга
1 миэстэ –Дьяконовтар дьиэ кэргэн (Таатта улууһа, Ытык Күөл нэһилиэгэ) Иннокентий Владимирович уонна Татьяна Спартаковна Дьяконовтар, оҕолоро Лиана, 7 кылаас үөрэнээччитэ, Айхан, 3 кылаас үөрэнээччитэ, Дохсун, 3 саастаах, «Сулусчаан» детсад иитиллээччитэ, «Саха төрүт дьарыгар үөрэтии» маастар-кылаастара.
2 миэстэ –Ньургуйаана Валериевна Николаева кыыһыныын Уйгууналыын, 7 кылаас үөрэнээччитэ, «Эмтээх оту туһаныы» маастар-кылаастара. Сунтаар улууһа, Илимниир нэһилиэгэ.
3 миэстэ –И.И. Седалищев, төрөппүт (Н.Д. Субуруускай аатынан Болтоҥо уопсай орто үөрэх оскуолата) Седалищев Эльдар, 5 кылаас. «Булчут остуола» маастар-кылаастара.
9-11 кылаастарга
1 миэстэ –Спиридианна Николаева, 15 саастаах, «Сайылык педагогиката дьиэ кэргэҥҥэ оруола» (Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик орто оскуолата). Салайааччылар А.М. Мойтохонова, А.А. Самсонова.
2 миэстэ – Ньурбатааҕы К.Д. Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһууларын түмэлин филиала, В.А. Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл иһинэн үлэлиир «Сата Уус» куруһуок. Н.И. Кочнев аатынан орто оскуолын 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ Саша Филиппов, Вася Никифоров, Эльдар Николаев.
3 миэстэ –Елизавета Константиновна Софронеева, Клара Полятинская, 10 кылаас, Кэбээйи улууһа. “Cаха төрүт дьарыгар үөрэтии” маастар-кылаас.
Ыччат ортотугар
1 миэстэ –Ларина Гаврильевна Данилова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ педагогическай институтун 4 кууруһун устудьуона, «Туостан оҥоһуктар» мастар-кылааһа.