Саха сирэ аптаныамыйаны ылынаатын кытта, салайааччылар биир бастакынан сахатытыыга үлэлээбиттэрэ. Ол аата оскуолаларга, үөрэх тэрилтэлэригэр сахалыы үөрэҕи киллэрии, тиэрмини тылбаастааһын ыытыллыбыта. И.Н. Барахов совнарком бэрэссэдээтэлэ буолан олорон, 1924 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саха халандаарын тиэрминнэрин булгуччу докумуоҥҥа, хаһыакка, кинигэҕэ туттуллуохтаах диэн уураах таһаарбыта.
Дьэ, ол хайа тылларый? Күн, мүнүүтэ, сөкүүндэ, суукка, ый, нэдиэлэ, сыл. Маны таһынан билиҥҥи сахалыы ыйдар ааттара уонна нэдиэлэ ааттара. Ыйдар ааттарыгар балаҕан ыйын – балаҕаны көрөр диэн бэрт дьиктитик тылбаастаабыттар.
Оттон ыйдар ааттарын П.А. Ойуунускай “Нууччалыы-сахалыы тиэрминнээх-арпагыраапыйа тылларын кинигэтигэр” (“Талыллыбыт айымньы”, 3 туома, 1993 с.) киллэрбит. Дьэ, онно, балаҕан ыйын туох диэбитий? Балаҕан ыйын – балаҕан ыйа уонна бэһинньи диэбит. Аттыттарга ити курдук иккилии аат суох. И.Н. Барахов илии баттааһыннаах Уураах 1923 сыл ахсынньы 24 күнүгэр тахсыбыта. Бу күнтэн саҕалаан тылбаастаммыт тыллар олоххо туттуллан барбыттара.
Евдокия Павловна Семенова,
И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музейын үлэһитэ.