Тыйаатыр – ураты туспа эйгэлээх искусство хыраама. Биһиги кылааһынан Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар сылдьан кэллибит. Мин тыйаатырга пианинаны, сыананы, көстүүмнэри, артыыстар гириимнэнэр хосторун олус интэриэһиргээн көрдүм. Тыйаатыр дириэктэрэ Мотрена Степановна Павлова, кылаабынай режиссер Алексей Прокопьевич Павлов тыйаатыр олоҕун, үлэтин – хамнаһын кэпсээбиттэрэ. «Хааннаах илкээни» испэктээкэл репетициятын көрбүппүт. Бары улэһиттэр бааллар этэ: артыыстар, худуоһунньуктар, режиссердар. Биир да киһи үлэтэ суох олорбот эбит.
Тыйаатыр мусуойугар былыргы өтүүгү, кэлээскэни уонна бэчээттиир массыынаны көрбүппүт. Биир дьоҕус истиэндэҕэ ханнык испэктээкиллэр хас сыллардаахха турбуттара сурулла сылдьаллар эбит. Оҕолор бары олус кэрэхсээтибит, элбэх саҥаны, сонуну биллибит!
Диана Федорова, Саха гимназиятын 2 «а» кылааһын үөрэнээччитэ