Дьокуускай куоракка алтынньы 20 күнүгэр «Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара» диэн сылын аайы ыытыллар быыстапка үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Тэрийээччилэр – Дьокуускайдааҕы художественнай училище, Саха сирин сыаннастарын государственнай хранилищета уонна Арктика ювелирдарын холбоһуктара.
Быыстапкаҕа «Киэргэ», «Саха таас», «Уруу», «Оһуор утум» ювелирнай хампаанньалар, Петр Алексеев ювелирнай мастарыскыайа, Саха сирин маастардара, дизайнердара, Дьокуускайдааҕы художественнай училище, Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай оскуола, «Айар уустар» креативнай индустрия колледжын устудьуоннара бэйэлэрин үлэлэрин дьон-сэргэ киэҥ көрүүтүгэр таһаардылар. Быйылгы быыстапкаҕа 30 кыттааччы баар, быыстапкаҕа 100-кэ үлэ турда. Үрүҥ, кыһыл көмүстэн, алтантан, фианит таастан, мамонт муоһуттан бииртэн биир ураты үлэлэр айыллан тахсыбыттарын киһи дуоһуйа көрөр.
Тэрийээччилэр маастардар, дизайнердар оҥоһуктара сылтан сыл тупсан иһэрин бэлиэтээтилэр уонна норуот үгэһин үрдүктүк тутан, харыстаан, үүнэн-сайдан иһэллэригэр баҕардылар.
Быыстапка үөрүүлээх арыллыытын Клавдия, Герман Хатылаевтар уонна «Тэтим» коллектив, Зинаида Колодезникова, Вячеслав Попов киэргэттилэр.
Саха сирин маастардара айан-тутан таһаарбыт уран оҥоһуктарын алтынньы 23 күнүттэн сэтинньи 10 күнүгэр диэри Дьокуускайга Кирова уул. 12 №-дээх дьиэтин 3-с этээһигэр кэлэн көрүөххүтүн сөп. Манна сыһыаран эттэххэ, алтынньы 23 күнэ Саха сиригэр ювелирнай уонна алмааһы кырыылыыр промышленность үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр.
Антонида КОНСТАНТИНОВА