Былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит ынаҕы иитэн, үүтүнэн, этинэн аһаан олорбуттара. Сахаларга ынах олус да суолталаах, тапталлаах кыыл буолар. Оннук билигин даҕаны, саха дьоно ынаҕы иитэллэр, бу үтүө дьарыкка оҕолорун уһуйаллар. Бу биһиги, сахалар, култуурабытын харайар суолталаах, ол иһин кэлэр да кэмҥэ тохтообокко сайда туруохтаах.
Ол курдук 17 саастаах Айталина Тимофеева дьиэ кэргэнигэр ынаҕы иитии суолтатын туһунан кэпсээтэ:
- Мин Горнай улууһун Күөрэлээх нэһилиэгэр олоробун. Мин дьиэ кэргэним 2014 сылтан хаһаайыстыбабытыгар ынаҕы, сүөһүнү тутабыт. Билигин түөрт ыанар ынах, түөрт ньирэй үс субай сүөһү баар. Сайын аайы кыстыкпытыгар тиийэн, бэлэмнэнэн от оттуубут. Сүөһүнү иитэр судургу дьыала буолбатах, сүрдээх уустук. Тыыннар тыыннаах буоллаҕа, элбэххэ наадыйар, көрөргө-харайарга улахан эппиэтинэһи ирдиир. Ийэм Кыыдаана Ионовна оҕо эрдэҕиттэн сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр Солоҕон сопхуоһугар сүөһүнү көрөн, үлэллэн улааппыта. Онон сыстаҕас буолан, сатаан ыыр, бүөбэйдиир. Мин санаабар, тус хаһаайыстыба дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр элбэх туһалаах»
Диана Антонова