(Суруйааччы, тылбаасчыт, фольклорист, общественнай деятель Анна Денисовна Неустроева төрөөбүтэ 115 сыла)
1998 сыллаахха тахсыбыт “Ыстатыйалар” диэн тэттик кинигэни СГУ доцена, филологическай наука кандидата Ю.И. Васильев-Дьаргыстай хомуйан таһаартарбыта. Онно А.Д. Неустроева олоҕо, айар үлэтэ сиһилии суруллубута, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэммит ыстатыйалара түмүллүбүттэрэ.
Анна Денисовна 1903 сыл кулун тутар 3 күнүгэр Таатта улууһун II Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1915 сыллаахха бииргэ төрөөбүт убайа, саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, биллиилээх суруйааччы Николай Денисович Неустроев көмөтүнэн Уолбатааҕы тыа начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Ол кэмҥэ убайа Н.Д. Неустроев тэрийбит оскуола иһинээҕи “Ньургуһун” сурунаалга бастакы кылгас кэпсээннэрин суруйбута.
1923 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай техникумҥа үөрэнэ киириэҕиттэн өрөспүүбүлүкэ общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттыбыта. 1924-1927 сылларга үлэһиттэр депутаттарын Дьокуускай куораттааҕы Сэбиэтигэр дьахталлар кыһалҕаларын быһаарар салааҕа, ону таһынан Саха сирин дьахталларын I съеһигэр делегат этэ.
1927-1933 сылларга ааҕар балаҕаҥҥа, начаалынай оскуолаҕа учууталынан, Дьокуускайдааҕы уһуйаан салайааччытынан үлэлээбитэ. 1933-1943 сыллар эргин Саха сирин суруйааччыларын сойууһун “Хотугу сулус” сурунаалыгар эппиэттиир сэкирэтээр, Саха сиринээҕи кинигэ кыһатын уус-уран литератураҕа эрэдээктэрэ.
Саха дьахталларыттан бастакынан ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбута. Оччолорго бүтүн Сойуус үрдүнэн суруйааччылар кэккэлэригэр киирэр олус уустуга. А.Д. Неустроева оҕоҕо аналлаах элбэх кэпсээннэрдээх. Олор тустарынан кэпсэтиэх.
“Албын”
1936 сыллаахха суруллубута. Айымньы сүрүн дьоруойа – Дьэкиим уус. Алҕаска уҥа атаҕын тойон тарбаҕын хайа охсунан кэбиһэн, атаҕа саллаччы иһэн, ыарыыта тулуппат.
Онуоха Хаартыһыт Тиэхээн Хаппар ойууҥҥа көрдөрөрүгэр сүбэлиир. Ойуун: “Сүдү ойуун уйатын үрдүнэн атыллаабыккын, ол иһин атаххын оһоллообут эбиккин”, – диэн, чороҥ соҕотох сүөһүтүн толук ууруохтааҕын туһунан этэр. Дьэкиим: “Соҕотох сүөһүбүттэн мэлийдэхпинэ, ыал аатыттан ааһыыһыбын”, – диэн санааҕа ылларар.
Хата, алта кылаас үөрэхтээх Сиэҥкэ уол кэлэн, биэлсэрдээх сиргэ балыыһаҕа илдьэн үтүөрдэр. Оттон ойуун билээҕимсийбитэ сымыйа буолан тахсар.
“Кэһии”
Кэпсээҥҥэ Тараах уол Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ барбыт аҕатыгар баһыылка ыытарын туһунан кэпсэнэр. Почтаҕа уолун аатыттан харчы кэлбитин ылаары турар дьахтары көрсөр. Почта үлэһитэ аҕа саастаах дьахтарга кэмбиэрдээх суругу туттарар. Хараҕынан мөлтөхтүк көрөр буолан, кыайан аахпат.
Хата, аттыгар турар Тараах уолга аахтарар. Уолчаан доргуччу ааҕан иһэн, куһаҕан сурах суруллубут строкаларыгар иҥнэ түһэр уонна оҕотун кэтэспит ийэҕэ ыарахан ис хоһоонноох сурук тугунан түмүктэнэрин кыайан эппэт.
“Ороһукаан”
Сүрүн дьоруой – Ороһукаан. Бахсырҕана ойуун холорук буолан кубулуна сылдьыбытын билбэккэ, ыраахтан быһаҕынан быраҕан бааһырдар, ороҥҥо-тэллэххэ сытыарар.
Кэнникитэ иэстэбиллээх буолуоҕун, хата, Чубукка Ыстапаан үтүө сүбэни биэрэн, өлүүттэн быыһанар.
“Оҕонньордоох эмээхсин”
Оччотооҕу былыргы кэмҥэ тугу да билбэт, сатаабат кэнэн дьоҥҥо эдэр киһи булугас-талыгас өйүнэн көмөлөһөрө суруллар. Күн уотун сырдыгын, ыаҕайатыгар хаалыы-хаалыы, дьиэтигэр киллэрэ сатыыр киһиэхэ түннүгү хайдах оҥорору көрдөрөр. Оһох буруотун, хааһахха симэ-симэ, таһырдьа таһаара сатыыр оҕонньорго үөлэс оҥорон биэрэр.
Ити курдук “моһуогурбут” дьоҥҥо барыларыгар туһалаах буолан иһэрэ кэрэхсэнэр.
“Оҕолор”
Куонаан, Бүөккэ, Биэрэ, Хабыычча, Кылааса уонна Бааска диэн оҕолор үөрэхтэригэр кыһаллаллара, барыны-бары билиэн-көрүөн баҕараллара ойууланар.
“Куттамсах куһаҕан”
Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн абааһы, сибиэн туһунан араас түбэлтэни сырса сылдьан истибит буоланнар, кэлин онтон-мантан куттана сылдьар буолбуттарын туһунан кэпсэнэр.
“Тиргэһиттэр”
Кэпсээн 1938 сыллаахха “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэнэн, ааҕааччыларга киэҥ биһирэбили ылбыта. Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа, В.А. Протодьяконов-Кулантай бу айымньыга үрдүк сыанабылы биэрбиттэрэ.
Оскуола үөрэнэр кинигэтигэр киирбит айымньы. Манна оҕолор барахсаттар өс киирбэхтэрэ, бэйэ-бэйэҕэ истиҥнэрэ арылыччы көстөр. Билигин айылҕабыт айгыраан турар кэмигэр кыһалҕалары туоратарга, оҕону иитэр-үөрэтэр үлэҕэ олус табыгастаах.
Василий ИВАНОВ.