Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саха чаҕылхай уола Максим Кирович Аммосов 125 сыла киэҥник бэлиэтэнэр. Уһулуччулаах политическай уонна государственнай деятель Максим Аммосов баара суоҕа 25 сааһыгар дойдуну салайсыбыта улахан ытыктабылы, киэн туттууну үөскэтэр.
Кини төрөөбүт дойдутун Хатырык нэһилиэгин М.А. Охлопкова аатынан модельнай библиотека бэлэмнээбит Максим Кирович Аммосов олоҕун сырдатар, дириҥ ис хоһоонноох матырыйаалларынан медиауруоктар ыытылыннылар. Ол түмүгүнэн оскуолабыт бибилэтиэкэрэ К.Е. Саввинова биктэриинэ ыытта. М.К. Аммосов олоҕо кэпсэнэригэр сэргэ кини доҕотторо ахтыллаллар. Оччотооҕу кэм ыарахан түгэннэригэр истиҥ, бэйэ-бэйэҕэ бэриниилээх доҕордоһуу ситиһии төрүөтэ буолбут эбит. Дьиҥ чахчы норуот туһугар олохторун толук уурбуттар биһиги сахабыт чулуу уолаттара.
Биһиги, эдэр көлүөнэ, хайаан даҕаны эбии ааҕан улахан дьоннорбутун билиэхтээхпит. Кинилэринэн киэн туттуохтаахпыт, ытыктыктыах тустаахпыт.
«Кустук» пресс-киин, Күүкэй нэһ.