Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, саха бастакы лингвист-учуонайа, сахалыы алпабыыт, бастакы букубаар ааптара, саха суругун-бичигин төрүттээччи, сырдатааччы Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр 1996 сылтан биһиги Сахабыт сиригэр Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ бэлиэтэнэр.
Ийэ тылбыт — биһиги барҕа баайбыт, Ийэ тылбыт — биһиги тыынар салгыммыт. Төрөөбүт тыл — норуот уhун кэмҥэ олорбут олоҕун устуоруйатын тыыннаах кэрэhитэ. Омук тыла сайдыылаах, баай, этигэн, хомоҕой буоллаҕына, омук бэйэтэ эмиэ оннук буолар: өйө-санаата чэбдик, ыраас, киэҥ ыырдаах, инникитигэр бөҕө санаалаах, чиргэл туруктаах, кэскиллээх буолар.
Орто Халыма улууһун Өлөөкө-Күөл үөрэнээччилэрэ төрөөбүт тыл туһунан хоһуйууларын суруйан ыыттылар.
Саха тыла
Саха тылын истэҥҥин
Сахалыы эн билиэҕиҥ.
Саха тылын билэҥҥин
Саха буолан сандаарыаҥ.
Саха киһитэ буолаҥҥын
Саамай күүстээх буолуоҕуҥ.
Сахалыы саҥараҥҥын
Саха сирин сайыннарыаҥ.
Саха тылын билиэҕиҥ —
Суруйааччы да буолуоҥ.
Сахалыы саҥараҥҥын
Саха өйүҥ уһуктуо.
Денис Винокуров, 6 кылаас, Орто Халыма , Өлөөкө-Күөл б.
Төрөөбүт тыл
(Күндэлии хоһуйуу)
Төрөөбүт төрүт тыл —
Минньигэс суорат курдук,
Маанылаан тоторуо.
Ыаммыт ынах үүтүнүү,
Утаппыккын ханнарыа.
Арыылаах килиэптии,
Аччыктаабыккын аһарыа.
Эмилия Заболоцкая, 5 кылаас, Орто Халыма , Өлөөкө-Күөл б.
Төрөөбүт тыл
Биһиги сахалар төрөөбүт тылбыт
Былыргыттан үөскээбит.
Өлбөккө-сүппэккэ,
Өбүгэттэн тиксибит.
Мин төрөппүттэрим миигин
Сахалыы ииппиттэрэ,
Миигин эһэм уус-ураннык
Саҥарар буол диэбитэ.
Люба Еремеева, 6 кылаас, Орто Халыма , Өлөөкө-Күөл б.