Муус устар 27 күнэ Саха сирин устуоруйатыгар ураты суолталаах. 1920 сыллаахха П.А.Ойуунускай салайааччылаах анал хамыыһыйа национальнай суверенитекка олоҕурбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин кэлэр дьылҕатын быһаарар бырайыагы бэлэмнээбитэ. Биир сүрүн көҕүлээччи М.К.Аммосов этэ. Чопчу кини ССКП уонна РСФСР Омуктар дьылҕаларыгар норуодунай комиссариатын иннилэригэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ. Кини дакылаатыгар олоҕуран, уобаластааҕы баартыйа мунньаҕа автономияны киллэрэр туһунан революция ылыммыта. Маны 1921 сыл алтынньытыгар буолбут Саха сиринээҕи өрөбөлүүссүйэ кэмитиэттэрин бастакы сийиэһигэр эмиэ өйөөбүттэрэ. 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр ВЦПК Президиума Саха Автономиятын туһунан уураах таһаарбыта. Ити сыл бэс ыйыгар бырабыыталыстыба тэриллибитэ. 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларация ылыллыбыта.
1991 сыл ахсынньы ыйыгар бастакы бэрэсидьиэнинэн М.Е.Николаев талыллыбыта. 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт сокуона (конституцията) күүһүгэр киирбитэ. Билигин муус устар 27 күнүн Өрөспүүбүлүкэ күнүн быһыытынан билинэбит.
Биһиги оскуолабыт эмиэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын уонна төрөөбүт дойдубут 45 сыллаах үбүлүөйүн тэҥҥэ бэлиэтээтибит.
Сарсыарда аҕыс чаастан боруогу атыллаан киириэхпититтэн учууталлар «аламай күн сыламынан» диэн үтүө тылынан көрүстүлэр. Бары оскуола саалыгар мустан өрөспүүбүлүкэбит өрөгөйүн ырыатын ыллаатыбыт, оскуола дириэктэрэ бэйэтин эҕэрдэтин тиэртэ уонна бырааһынньыкпыт үөрүүлээх чааһын флэшмобунан түмүктээбиппит.
Бу күн уруоктар Саха сиригэр сыһыаннаах ыытылыннылар, дириҥ, баай остуоруйатын билиһиннэрдилэр. Ол кэннэ сынньалаҥ кэмигэр үөрэнээччилэр кылаастарынан арахсан саха норуотугар, сиригэр-уотугар аналлаах араас быһыылаах оонньууларга кытыннылар. Кыра бөлөх оҕолоро «Өркөн өй», «Сайылык оонньуулара», орто бөлөхтөр «Күөрчэх шоу», “Саха сирин геральдиката” уонна улахан бөлөхтөр сахалыы өбүгэ оонньууларын оонноотулар. 11 чааска маннык бэлиэ күҥҥэ буфет үлэһиттэрэ минньигэс алаадьынан уонна күөрчэҕинэн күндүлээтилэр.
Ол кэнниттэн таһырдьа тахсан учууталлыын оҕолуун бары 100 сыыппыраны оҥордубут, «Дьүрүскэн” фольклорнай бөлөх уонна саҥа төрүттэммит “Дьулусхан” үҥкүү бөлөҕө эҕэрдэлэрин тиэрдибиттэрэ. Бу үөрүүлээх күнү оһуокайынан түмүктээтибит. Өрөспүүбүлүкэбит, тапталлаах төрөөбүт дойдубут өссө да сайда, чэчирии турдун!
Судинова Нарыйаана, Спиридонова Кристина, Е. А. Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччилэрэ