«Кэриэhим кэннибэр хааларым
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…»
Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, Саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи, бөлүhүөк суруйааччы, Саха автономиятын төрүттэспит бөдөҥ общественнай-политическай деятель, лингвист-учуонай Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 128 сылын туолар.
Платон Алексеевич Саха республикатын историятыгар, политическай олоҕор, саха тылынан уус-уран айымньыта сурукка тиһиллиитигэр, саха классическай литературатын олохтонуутугар оспот суолу хаалларбыт киһи.
Бастакы хоһооно «Үлэһит ырыата» Е.М. Ярославскай сорудаҕынан 1917 с. суруллубута.
1921 с. «Интернационалы» сахалыы тылбаастаабыта. Кини бастыҥ хоһоонноро — норуот уоһуттан түспэт ырыалар. Саха хоһоонугар уларытыыны киллэрбитэ: силлабо-тоническай системаны олохтообута. «Кыһыл Ойуун» драматическай поэманы М.Горькай уһулуччулаах айымньынан сыаналаабыта.
Норуот айымньытын баһааҕырдар кэмҥэ, бары күүһүн-күдэҕин ууран, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону дьулуурдаахтык суруйан хаалларбыта. Бу олоҥхону нууччалыы В. Державин тылбаастаан, П.А.Ойуунускай аатынан Саха Республикатын государственнай бириэмийэтин ылбыта.
Сахалартан биир бастакынан В.И.Ленин уобараһын айбыта.
Кэпсээнинэн айымньыларыттан «Улуу Кудаҥсаны» ордук бэлиэтиир сөп. Олох уларыйыытын көрдөрөр «Большевик» драмата (1928 с. ) — бэлиэ айымньы.
Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бастакы бэрэссэдээтэлэ.
ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутата эрээри, 1937 с. сымыйанан буруйданан хаайыллыбыта уонна 1939 с. алтынньы 31 күнүгэр Дьокуускай түрмэтигэр төлөннөөх сүрэҕэ тэппэт буолбута.