Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаан Хаҥаластааҕы В.А. Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл үлэhиттэрэ оскуола үрдүкү кылааhын оҕолорун Үөhээ Бүлүү — Бүлүү хайысхатынан Ороhу — Харбалаах — Бүлүү — Хохочой экспедицияҕа баран кэллибит.
Ороhу нэhилиэгэр норуот педагогикатын түмэлигэр сылдьан төрүт саха олоҕун-дьаhаҕын, умнуллан эрэр саха тылларын сөргүтэр Ф.А. Васильева сахалыы тылынан кэпсээн, боппуруос ыйыталаhан олус сэргэхтик кэпсээтэ.
Харбалаахха С.Д. Копыленко төлөннөөх революционер И.Н. Барахов музейыгар, кини олоҕун, үлэтин иэйиилээхтик кэпсээтэ.
Саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай музейыгар сырыттыбыт. Бүлүү куоракка П.Х. Староватов кыраайы үөрэтэр түмэлигэр 100 саастаах түмэл кылгас историятын билистибит.
1922 с. муус устар 18 күнүгэр Бүлүүгэ үрүҥ бастаанньыттар улахан этэрээттэрэ чугаhаан, ыксаллаах быhыы-майгы үөскээбитэ. Доброволецтары хомуйан, өстөөҕү тохтоторго санаммыттара, этэрээккэ 16-17 саастаах оҕолор киирбиттэрэ. Бүлүү куоратыттан тахсан, аара тоhуурга түбэhэн суорума суолламмыттара. Барыларын Бүлүү куоратыгар бырааттыы ииҥҥэ көмпүттэр. Билигин онно өйдөбүнньүк стела турар.
Оҕолор Хохочойго туруоруллубут паамытынньыкка өйдөбүнньүк бэлиэ уурдубут. Барбыт сыалбытын ситэн кэллибит. Музейдарга сылдьан истэн-көрөн ылбыт билиибит өйбүтүгэр-санаабытыгар хаалыаҕа диэн эрэнэбит.
Илдьэ сылдьыбыт түмэл үлэhиттэригэр, төрөппүттэргэ, суоппардарга махталбытын биллэрэбит.
Олег АДАМОВ, 9 кылаас үөрэнээчитэ,
Ньурба, Хаҥалас , ‘Ыллык» эдкорпост.