Биһиги, В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 8 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ сааскы сынньалаҥмытыгар Уһук Илин икки улахан куораттарыгар сынньанан, элбэҕи билэн, көрөн-истэн кэллибит. Олус интэриэһинэй бырагыраамалаах тууру, кылааспыт салайааччыта кэпсэтэн, күндү төрөппүттэрбит «Юта» хампаанньа нөҥүө атыыласпыттара.
Кулун тутар 23 күнүттэн Аллараа Бэстээх тимир суолун вокзалыттан Хабаровскай куоракка үс күннээх айаммытыгар поеһынан туруммуппут. Бастаан поездка олорсубут буолан, барыта саҥа, интэриэһинэй этэ. Бары бииргэ араас оонньуулары оонньоон, элбэҕи кэпсэтэн, үс күн олох биллибэккэ ааһан хаалбыта. Поезд айаннаан истэҕинэ, суолбутугар үөр кыыл табалар кэлэн көстөн айаммытын арыаллаабыт, араҥаччылаабыт курдук буолбуттара. Тохтобулларга Тында уонна Белогорскай улахан станциялары көрбүппүт.
Хабаровскай куорат биһигини чаҕылхай араас өҥнөөх уоттарынан, экскурсоводпут Мария үөрэн-көтөн көрсүбүтэ. «Амакс» диэн куорат киинигэр баар гостиницаҕа олорбуппут. Икки күн олох биллибэккэ ааспыта. Хабаровскай куорат кэрэ көстүүлээх сирдэринэн: Площадь Славы, Площадь Ленина, Набережная, Утёс, кыраайы үөрэтэр Гродеков аатынан музейга сылдьыбыппыт. Биһиги экскурсоводпыт кэпсиирин олус болҕойон, сөбүлээн истибиппит. Уонна «У Зайца» диэн мороженай фабрикатыгар сылдьан, мороженайы оҥоруу технологическай хаамыыта хайдах барарын харахпытынан көрөн, куонкуруска кыттан араас бэлэх туппуппут, бэйэбит мороженай ырысыаба толкуйдаан, мороженай бөҕө оҥорон, амсайан, үөрэн-көтөн кэлбиппит.
Кулун тутар 27 күнүгэр айаммыт эмиэ поеһынан саҕаламмыта уонна кулун тутар 28 күнүгэр Владивосток куорат биһигини чаҕылхай күннээх көрсүбүтэ. Экскурсовод Маргарита Витальевна ытыс үрдүгэр тоһуйбута.
Владивосток куорат кэрэ көстүүлэрин барытын көрөн олус астынныбыт, үөрдүбүт: подводнай лодка С-56, фуникулер, Маяк, Русский остров, Приморье наука-үөрэх киинигэр, Океанариум. Олус да баараҕай тутуулааах, элбэх уу кыылын, балыгын үөрэтэр киини көрөн сөхтүбүт-махтайдыбыт. Саамай үөрүүлээх түгэн «Дельфинарийга» сылдьан наһаа үчүгэй көрдөрүү көрөн олус үөрдүбүт-көттүбүт. Сафари парк, Штыковские пруды уонна да элбэх кэрэ көстүүлээх сирдэри көрдүбүт-иһиттибит. Приморскай кыраай Арсеньев аатынан государственнай музейга сылдьан, элбэх саҥаны биллибит-көрдүбүт, музейга бэйэбит санаабытын сурукка тиһэн хааллардыбыт.
Биһиги олохпутугар биир саамай интэриэһинэй, хаһан да умнуллубат чаҕылхай күннэри бэлэхтээбит күндү төрөппүттэрбитигэр, кылааспыт салайааччытыгар Калисфена Семеновнаҕа, арыаллаһан сылдьыбыт төрөппүккэ Екатерина Егоровнаҕа барҕа махталбытын тириэрдэбит, бары үчүгэйи баҕарабыт.
Павловскай орто оскуолатын 8-а кылааһын үөрэнээччилэрэ.