Сааскы сынньалаҥ кэмигэр оҕолор бириэмэни туһалаахтык атааралларыгар аналлаах «Каникуллааҕы оскуола» үлэлээтэ.
Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэҕирии салаата сылын аайы ыытыллар оскуоланы быйыл Нам нэһилиэгэр улуус ыраах-чугас сытар нэһилиэктэрин 9-с кылааһын үөрэнээччилэрин түмэн эбии үөрэх ыытта. Оҕолор сүрүн экзамеҥҥа талбыт предметтэринэн алта бөлөххө арахсан үс күн үөрэннилэр. Үөрэх кэннэ психологы кытта кэпсэтиилэр ыытыллан, оҕолор хом санааны уонна кутталы хайдах ааһыахха сөбүн биллилэр.
Сүрүн ыалдьыттарбыт «Оҕо технопарката» уонна «Ураан», устудьуоннар түмсүүлэрэ идэни талыы туһунан кэпсээтилэр, оҕо өйүн сайыннарар, хамаанданан үлэлииргэ үөрэтэр араас оонньуулары оонньоттулар, умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтилэр. Иллэҥ кэмҥэ ким тугу баҕарарынан дьарыктанна: оҕолор түмсэн гитараҕа оонньоотулар, кэпсэттилэр, волейбол оонньоотулар, сорохтор утуйан сынньаналларын ордордулар.
Мин, оҕо хаһыатыгар сонуммун суруйаары, оҕолору уонна учууталлары кытта кэпсэттим.
Сардаана Валерьевна Харитонова, Нам орто оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы:
— Каникулярнай оскуола сыала-соруга, Владимир Семенович Поскачин эппитин курдук, Үөһээ Бүлүү ыччата түмсүүлээх буоллун диэн сыаллаах ыытыллар. Хас биирдии оҕо оскуоланы бүтэрэн баран атын сиргэ бардаҕына бу Үөһээ Бүлүү оҕото диэн билэрин курдук, эһиги бары түмсүүлээх буоларгыт туһугар, ол таһынан ОГЭ-ни ситиһиилээхтик туттараргытыгар аналлаах.
Лилияна Павлова, Нам оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ:
— Аан бастаан кэлэн баран үөрэммэтэхпит, ол иһин сынньана эрэ кэллибит дии санаабытым. Онтон сарсыныгар үөрэх буолбутугар сылайан хаалтым, ол эрэн барыта үчүгэй. ОГЭ-ҕэ информатиканы уонна биологияны талбытым. Информатика туһунан олох тугу да билбэт этим, боруога кыра диэн талбытым, онтон манна үөрэнэн элбэх билиини ыллым. Олус элбэх оҕону кытта билсистим, бары түмсэн хамаанданан үлэлиирбитин наһаа сөбүлээтим. Бириэмэ түргэн баҕайытык ааһан хаалла. Өссө эбии икки-үс күн буолуон баҕарабын.
Ян Игнатьев, И.Н. Бараахап аатынан 1-кы нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччитэ:
— Бу каникул оскуолатыгар иккиспин сырыттым, былырыын да, быйыл да олус үчүгэйдик ааста. Оскуола оҕолору кытта билсиһэргэ-алтыһарга, күн аайы бииргэ сылдьарга, элбэх доҕоттонорго уонна саҥа билии ыларга аналлаах. Хаһан эрэ, ханна эрэ сылдьан манна билсибит оҕобун көрсөн кэпсэтэн, бииргэ сылдьыахпыт, бэйэ-бэйэбитин өйөһүөхпүт диэн эрэнэбин.
Сардаана Корякина, Боотулуу оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Манна кэлэн үөрэнэн наһаа астынным. Элбэх оҕону кытта билсистим, СГЭ туттарарбар элбэх саҥаны биллим. Оҕолору кытта уопсай бииргэ хайдах олорорго, бииргэ сылдьарга, алтыһарга үөрэнним диэххэ сөп. Саҥа доҕоттордоннум, онон маннык түмэр тэрээһин баара олох наһаа астык. Кылгас кэм иһигэр оҕолор доҕордоһон, бэйэ- бэйэлэрин өйдөһөн-өйөһэн, кэрэ кэмнэри, үтүө түгэннэри атаардылар. Кырдьык, бу өрөбүллээҕи оскуола улуус оҕолорун түмсүүлээх буоларга уһуйда. Өссө да көрсүөхпүт диэн эрэнэбит.
Илона Руфова, 9 кыл., Дүллүкү орто оскуолата, «Эрчим» корпост.