Биһиги сааскы каникулбутугар Москва куоракка баран кэлбиппит. Москватааҕы үөрэх тэрилтэлэригэр сылдьыбыппыт. Мэҥэ Ханаластан, уопсайа, 35 оҕо буолан барбыппыт.
Москва куорат, биһиги санаабытыгар, наһаа улахан, элбэх дьонноох, онно баран кэлэн наһаа астынныбыт. Лааҕыр курдук оҕолору кытта билсэммит, кэпсэтэн биир улахан дьиэ кэргэн буолбуппут дии саныыбыт.
Бастакы күммүтүгэр тиийэн баран гостинницаҕа тохтообуппут. Бэйэбит программалаах этибит. Москва сити корбуппут, Кыһыл болуоссакка, 1812 сыллааҕы Аҕа дойду сэриитин түмэлигэр, «Зарадье» пааркаҕа экскурсияҕа сырыппыппыт. «Атом», Бауман аатынан МГТУ устудьуоннарын кытта көрсүспүппүт, Наукоград МФЮА, МАСИ, Москватааҕы зоопаркаҕа, Мореон аквапаркаҕа сылдьыбыппыт.
Кулун тутар 28 күнүгэр Санкт-Петербург куоракка поездынан барбыппыт. Сорох оголор поездынан бастакыларын айаннаан үөрбүттэрэ аҕай. Санкт Петербурга тиийэн баран, эмиэ программаны тутуһан экскурсияҕа сылдьыбыппыт: Россия Грант Макетыгар, Эрмитажка, Сенатскай болуоссакка, Кыһыҥҥы дыбарыаска, Петроповловскай кириэппэскэ, Гатчинаҕа.
Мин санаабар, маннык айаннар наадалахтар. Оҕо тулалыыр эйгэтигэр көрүүтүн сайыннаран, олохпутугар наһаа үчүгэй өйдөбүл, уопут хаалла.
Күннэй ПЕТРОВА, Айта БАИШЕВА,
VIII кылаас, Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас