Кэпсээн
Бүтүүтэ. Иннин «Кэскил» хаһыат 4 №-гэ көр.
Абрамыч саҥата суох сѳҕүрүйэн эрэр уоту тонолуппакка одуулаһар. Алексей Петрович тобугар тоҥолоҕун ѳйѳѳн, сыҥаах баттанан олорор.
… Бары даҕаны таптыыр сахабыт тыла сүппэтигэр, кэхтибэтигэр ис сүрэхпититтэн баҕарар эбиппит бу сааскы киэһэ кулуһун тула олорор доҕордуулар.
Аттыбытынааҕы үѳттэри ааһар мэник тыал ибирдэтэн ылар. Ыраах, ходуһа уҥуор кѳлүкэҕэ, ким эрэ кус ыҥырар маногун настройкалыы сатаан маатыргыыра иһиллэр. Чөкчөҥөлөр, былдьырыыттар саҥалара, уһун кыһынтан улугурбут дьоҥҥо, дьикти-кэрэ дьүрүскэн буолан иһиллэр. Баҕалар баҕыргыыллара кытта үчүгэйэ бэркэ дылы.
Абрамыч эргэ, саһархай түүлээх бэргэһэтин сэгэччи анньыммытыгар будьурхай кѳҕүлэ быкта:
– Мин уоллаах кыыһым бэйэлэрин икки ардыларыгар киһи кулгааҕын таһынан иһиллэр тылларынан кэпсэтэллэрин иһиттэхпинэ дууһам ыалдьар. Чэ, холобур, кыыһым: «Саҥа трудовикпыт янговай, няшка бааи», – диир. Убайа онуоха: «Чобаи да? Лол. Санньыйдыҥ да? Yнүр «Азия» циетаҕа класснай вислихалаах чувихалыын сылдьар этэ, ол янговайыҥ. Биирдэ писи-хаси бѳҕѳ хааланан, капитолийга элээрдим, онно кинини схема аттыгар инглиштии плюсуйдаабыттар этэ», – диэн баллыргыыр. Онуоха Людата: «Ташкеҥҥа даа? Отто ону бээтэ айса сох да, не зрит щоли? Ханнык эрэ ваандефул фѳѳсн марайа ини», – диэннээх өссө.
Алексей Петрович дьээбэлэммиттии кѳрѳр уонна нууччалыы доргуччу, кѳрүдьүѳстүк этэр:
– Переводи.
Абрамыч удьурхай уктаах саха быһаҕынан ачаахтаах лабааны кыһан биилкэҕэ майгынныыры оҥоро олорон, биһигини көрдө.
– Ол аата дуо? Ол маннык эбит, «Саҥа трудовик эдэр, ис киирбэх» диэн. Уолум: «Үчүгэй баҕайы даа? Истэн испэр күлэ санаатым, сѳбүлээн кэбистиҥ дуо? Yнүр «Азия» киинэ тыйаатырыгар мѳтѳйбүт кыыстыын сылдьар этэ, ол эдэр киһиҥ. Биирдэ чэй бѳҕѳ иһэн, кэлин хабаҕыран, оскуола туалетыгар элээрдим, быыс эркиҥҥэ трудовик уонна английскай учууталынсатын ааттарын плюстаабыттар этэ», – диэбит эбит. Балта: «Тахсан киирэр сиргэ даа? Бэйэтэ хараҕа суох, кѳрбѳт дуо? Хайа эрэ акаары суруйдаҕа буолуо» диэн эппит буоллаҕа.
Көр, итини билээри оҕолорбун кытта уон мүнүүтэни быһа ылахтастым, син ѳйдѳѳтүм ээ. Эбэлэрэ ол иһин этээхтиир эбит ээ: «Сиэннэрим омуктуу кэпсэтэллэрин өйдөөбөппүн», – диэн. Ол эрээри, бэйэлэрэ эрэ итинник кэпсэтэллэр, улахаттардыын син киһи ѳйдүүрүн курдук саҥараллар.
Абрамыч биһикки күлэн баһаарыйар кэммитигэр Алексей Петрович, ыгыста-ыгыста, күлэн ыгдаҥалаата. Онтон, арыый холкутуйан, химикпит:
– Урут, эдэр сылдьан, хомнуо-хойут тыллар буомуран иһиэхтэрэ, дьоҥҥо наадалаах аҕыйах сүүс тылтан уратыта умнуллуоҕа. Ол оннугар формулаларынан толкуйдуур буолуохпут дии саныырым. Онтум тѳрдүттэн сыыһа эбит, – диэтэ, ол ааспыт кэмнэри эргитэ санаабыттыы арҕаа мыраан үрдүнэн аа-дьуо устар ньалака былыттары одууласта.
Сааскы түүн чэбдик сѳрүүн салгыныгар дьагдьайан, аттыбар сытар бушлат соммун ылан бүрүннүм. Уокка ойоҕолуу олордум. Табаарыстарым төрөөбүт тылларын туһугар кыhаналлара, ыалдьаллара үчүгэй даҕаны!
– Тыл диэн тыыннаах уорган кэриэтэ. Хаһан эрэ үѳскүүр, онтон сайдар, кэнэҕэс эргэрэр-элэйэр, кырдьар, – бары билэр чахчыбытын санаттым. – Биһиги тылбыт сүппэтин туһугар дьиэ иһигэр оҕолорбутунуун сахалыы кэпсэтиэхтээхпит. Холобур, мин дьукааҕым Баанньалаах, били «ыраас уу доставкатынан дьарыктанабын» диэччи, кыргыттарын кытта дьиэлэригэр нууччалыы кэпсэтэллэр. «Сахалыы кэпсэтиэххитин» диири истибэттэр. «Наадата суох» үһү.
Алексей Петрович хоссоох саппыкытын талаҕынан охсуолаан, хаппыт буору саккыратта уонна эттэ:
– Дьэ, ол сыыһа. Киһи барахсан аан дойдуну кытта ситимэ тѳрѳѳбүт тылыттан саҕаланар, оннук буолуохтаах даҕаны. Чэ, хата, биир кѳрүдьүөһү кэпсиим. Арай, соторутааҕыта, бассаапка «Хаастар» бѳлѳххѳ киирэргэ ыҥырыы кэллэ. «Кусчут-хаасчыт уолаттар бѳлѳхтѳрѳ быhыылаах» дии санаан, киирдим. Һок! Арай, бѳлѳххѳ бары кыргыттар! Хаас муодунай быһыытын, хааhы татуажтаан тупсарыы эҥин туhунан кэпсэтэллэр эбит. Отой даҕаны кус-хаас туhунан кэпсэтии суох, һэ-һэ-һэ!
Абрамыч биһикки эмиэ күлэн лаһыгыраттыбыт.
Салгыы, тѳрѳѳбүт тылбыт кэскилин тула кэпсэтэн, түүн ааспытын билбэккэ хааллыбыт. Тылбыт чэчирииригэр сахалыы тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, литература, хаһыат, үѳрэх оруолларын астына ырыттыбыт.
Хотугулуу илин саҕах лаппа сырдаата. Өрүс арыытын диэкиттэн доруоптар тыастара биир-биир битиргээн иһилиннэ. Ити аата сарсыардааҥҥы кус кѳтүүтэ саҕаланна. Туран, сып-сап хомунан, сааларбытын сүгэн, куул сабыы үрдүнэн хагдаҥ отунан бүрүллүбүт дурдабыт диэки хаамтыбыт.
Максим КСЕНОФОНТОВ,
СӨ үѳрэҕириитин туйгуна.