Партизан нэһилиэгэ тыа хаһаайыстыбата сайдыбыт нэһилиэгинэн биллэр. Уруккута Партизан «Нам» совхозка киирэрэ. Кэлин «Партизан» коллективнай хаһаайыстыба тэриллибитэ. Билиҥҥи туругунан Партизан нэһилиэгэ сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар.
Биһиги Партизан нэһилиэкпит сирин иэнин ахсаана — 356,96 кв.км., бааһыната – 516 га, одуһата – 5668 га. Онтон билиҥҥи туругунан ынах сүөһү ахсаана — 977, ол иһигэр ыанах ынах ахсаана 390 төбө; сылгы 832 төбө, ол иһигэр биэтэ 655 төбө. Ону сэргэ нэһилиэккэ тэриллиилээх хаһаайыстыба ахсаана – 16, 2 кооператив, 14 бааһынай хаһаайыстыба уонна ыалга баар 78 кэтэх хаһаайыстыба.
Быйылгы кыстыгы нэһилиэк олохтоохторо этэҥҥэ сүтүгэ суох туораатылар. Сүрүн ыарахаттарынан оттуeр сир тиийбэтэ буолар. Өрүс хочото сылын аайы ууга баран-синньээн арыыларга сылтан сыл аайы аччыр. Өрүс биэрэгин бөҕөргөтөр уонна сүнньүн дириҥэтэр үлэлэр ыытыллыахтарын наада. Үөһээ дойдуга тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар ыһыллыахтарыттан сири оҥоруу ыытыллыбат буолла. Ол да иһин буолуо сүөһү ииттэр чааһынай ыал ахсаана кыралаан көҕүрүүрэ.
Нэһилиэккэ сылын аайы ырааһырдыы үлэлэрэ ыытыллаллар. Ол курдук үгэскэ кубулуйбут сааскы ыырааһырдыы субботниктара. Уулуссалары, тэрилтэлэр территорияларын хомуйуу – сылын аайы ыытыллар. Бэс ыйыгар свалка аттынааҕы территорияны ырааһырдыыга тэрилтэлэр көхтөөхтүк кытталлар. Памятниктарга уонна сквердарга оскуола кылаастара сыһыарыллан көрөллөр-харайаллар.
Партизан нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Скрябина П. И. бу курдук кэпсиир:
— Халлаан уута кэлэринэн нэһилиэккэ сэрэтии үлэтэ күүскэ ыытыллар. Нэһилиэк олохтоохторо ыксаллаах түгэннэ ханна эвакуацияланаллара списога оҥоһуллубут. 1 Хомустаах нэһилиэгэр эвакуационнай пункт тэриллибит. Үөһээ үрдүк сиргэ сүөһү хаайарга сир күрүөтүн абырахтааһын ыытыллыбыт. Саас уу халлаана нэһилиэк биир сүрүн проблемата буолар. Ону туоратар инниттэн нэһилиэк олохтоохторо дамба, өрүскэ дириҥэтии үлэтин ылалларыгар уонна биэрэктэри бөҕөргөтүү туруорсубуттара ыраатта.
9 кылаас үөрэнээччитэ Влада Андросова,
Партизан орто оскуолата, Нам.