Олунньу 2 күнэ, сарсыарда 7 чаас. Оскуолаҕа мустаммыт, Майаҕа “Саас” форумҥа айанныырга бэлэмнэммиппит. Бу күнү биһиги олус күүппүппүт!
Хас биирдиибит “Саас” форумтан саҥаны, сонун, сырдыгы күүтэрбит. Ситиһиилээхтик кыттарга, сайдарга уонна атын оскуола оҕолорун кытта доҕордоһорго эрэллээх этибит. Автобуспут кэлбитигэр, тахсан олорбуппут уонна гимназия оҕолорун кытта үөрэ-көтө айаннаабыппыт.
Таһырдьа хараҥа этэ. Сир туманынан бүрүллэн сытара. Эмискэ автобуспут суол ортотугар тохтоон, барыбытын соһуппута. «Күүскэ алдьаммыт эбит» диэни истэн баран санаабыт кыратык түспүтэ эрээри, үчүгэйгэ эрэ эрэнэн, автобуспут оҥоһулларын күүтэ олорбуппут.
Халлаан улам сырдаан, саҕахха күн көстөн кэлбитэ. Кыһыҥҥы айылҕа уһуктарын автобус түннүгүн нөҥүө бары сөбүлүү, сэргии, умсугуйа көрбүппүт. Автобуспут дьэ собуоттанан, салгыы Дириҥҥэ айаннаабыппыт. Онно тиийэн иттэн, «Майаҕа хайдах барабыт?» диэн толкуйга түспүппүт. Хомойуох иһин, Чурапчыга төннөрбүтүгэр эрэ тиийбиппит. Ол гынан баран сатамматх айантан сылтаан тохтоон хаалбакка, “Саас” форумҥа кыттыыны син биир ылабыт диэн быһаарыммыппыт.
Биһиги дьолбутугар, ол күн Чурапчыга иккис күнүн В.Н. Кривошапкин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи волейбол күрэҕэ буола турара. Форуму тэрийээччилэр “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата биһиги балаһыанньабытын өйдөөн, жеребьевката суох волейбол күрэҕин тиэмэ быһыытынан ылан, видео оҥорорбутун көҥүллээбиттэрэ. Оскуолабытыгар кэлэммит, тэринэ охсон, сценаристка тылбаасчыттары кытта көмөлөөн, сахалыы, нууччалыы ыйытыылары толкуйдуу охсубута. Ону барытын киллэрэн, сценарийы суруйан, бэчээттээн таһаарбыта. Ол кэнниттэн волейбол күрэхтэһиитин уста спортивнай комплекска барбыппыт.
Таһырдьа массыына бөҕөтө кэчигэрэһэн турара. Иһирдьэ дьон бөҕөтө. Комментатор тохтоло суох күрэхтэһии хаамыытын кэпсиир олороро. Ыалдьааччылар хаһыы-ыһыы бөҕөтө. Ити барыта мээчик охсуллар тыаһын кытта дуораан буолан биир кэм кутуллара. Оҕолор бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөн үлэлээбитинэн барбыппыт. Оператор оонньууну араас өттүттэн уһулбута, оттон атыттар телефоҥҥа уонна иккис камераҕа кадрдары уһулбуттара.
Ыытааччыбыт кыбыстан турбакка көрөөччүлэртэн, тэрээһин салайааччыларыттан, күрэхтэһээччилэртэн санааларын ыйытыласпыта, күөх экран көрөөччүлэригэр тиийэр гына кэпсээн-ипсээн барбыта.
Устан бүтэн бараммыт, оскуолабытыгар тиийэн монтаж үлэтин саҕалаабытым. Аан бастаан барыта наһаа үчүгэйдик табыллан испитэ. Видеобар эрдэттэн оҥорбут заставкабын киллэрэн, уһулбут матырыйаалларбын эбэн-сабан, быһан-отон сааһылаан киллэрбитим. Арай көмпүүтэрим “ошибка” таһааран соһутта. Мин хамаандабын түһэн биэрэр буоллум диэн наһаа ыксаабытым. Хата, оҕолор бары саба түһэн көмөлөспүттэрэ. Ханнык баҕарар үлэ ыарахана суох ааспат. Ону аһарарга күүс уонна дьонун өйөбүллэрэ олус наадалаах буолар. Бары хамаанданан үлэлээммит, видеобытын бүтэрэн, “Саас” форум экспертнэй хамыыһыйатыгар ыыппыппыт https://vk.com/wall-199463452_17078
Биһиги бу күн кыһалҕаттан, мэһэйтэн толлубакка, иннин диэки баран иһэр наадатын уонна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөр наадатын билбиппит.
“Саас” форумҥа миэстэлэспэтэхпититтэн хомойботубут. Инникитин биһигини элбэх ситиһии кэтэһэр диэн итэҕэйэбит. Бу күн биһиги өссө ордук түмсүүлээх, бэйэ-бэйэбитигэр болҕомтолоох буолбуппут уонна саамай кылаабынайа туруоруммут сыалбытын тиһэҕэр диэри оҥорбуппут.
Лида БОРИСОВА Х гуманитарнай кылаас, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата