Сэтинньи 23 күнүгэр Ытык-Күөлгэ «Саарыннар ааҕыылара» «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэнпириэнсийэ улуустааҕы түһүмэҕэ буолан ааста.
Кэнпириэнсийэ сүрүн сыалынан оҕо айар уонна интеллектуальнай дьоҕурун сайыннарыы, көрдүүр, чинчийэр уонна экспериментальнай үлэҕэ уһуйуллар дьоҕурун сайыннарыы буолар.
Уопсайа 300 оҕо үлэтэ 58 экспердэринэн сыаналанна. Күрэх 10 секциянан, 23 подсекциянан ыытылынна.
Тэрээһин үөрүүлээх арыллыыта 3 тылынан буолла: сахалыы, нууччалыы, английскайдыы. Кэнпириэнсийэ кыттыылаахтарын «Мохсоҕоллор» квартет ырыанан эҕэрдэлээтэ.
Таатта улууһун Аҕа баһылыга Михаил Михайлович Соров уонна Тааттатааҕы үөрэх салаатын начальнига Владимир Владимирович Кривошапкин эҕэрдэ тылларын эттилэр уонна кыттааччыларга ситиһиилэри баҕардылар.
Бары кыттааччыларга үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
«Сатабыл» медиа-устуудьуйа, Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ.