Биирдэ уолбун “соһон”, эрэдээксийэбэр үлэлии кэллим. Мичил оччолорго дьыссаат киһитэ. Бу да иннинэ хаалларар сирэ суох буоллахпытына, үгүстүк бэйэбитин кытта илдьэ сылдьарбыт. Онон оскуола, эрэдээксийэ дьиэлэрин, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбитин билэттиирэ. Инньэ гынан, кэлистэ±инэ дьиэтин курдук сылдьара, кэбиниэттэринэн сүүрэн хаалара. Ити эрээри, бобуу, этии күүһүнэн, киирбэт сирдээх этэ. Мин үлэлиир сирбэр ол — Нина Иннокентьевна кэбиниэтэ.
-Олус элбэх үлэлээх, бүтүн түөрт хаһыаты, сурунаалы көрөр, олох киирбэт, мэһэйдээбэт буол, — диэн улахан кэпсэтии, “дуогабар” кэнниттэн кэлсэрэ.
Уолум биирдэ, үгэһинэн, сүтэн хаалла. Бастаан аахайбатым, онтон көстөн, өІөйөн ааспата±ыттан, сэмээр кэбиниэттэринэн сылдьан көрөттөөтүм, ыйыталастым. Уолум ханна да суох.
-Ээ, соруктаах ба±айытык Нина Иннокентьевна кэбиниэтигэр киирэн эрэрэ. Өссө аанын саптар этэ. Наада±а ыыттахтара дии санаабытым, — диэн сурук отделын сэбиэдиссэйэ уонна Нина Иннокентьевна сэкирэтээрэ Наташа Ефремова күлэ-үөрэ кэпсээтэ.
“Бобуулаах” сиргэ киирбититтэн соһуйдум. Сэрэнэн ааны сэгэтэн көрбүтүм, уолум Нина Иннокентьевна үлэлиир остуолугар быардыы сытан, саІа-иІэ ырааппыт, илиитэ даллаІнас. Нина Иннокентьевна кириэһилэтигэр быар куустан, тиэрэ түһэн олорон, мичээрдиир, үөрэр. Онтон миигин көрөн, ыІыран ылла:
-Мичил Андросов кэпсээннээх киһи буолла ээ… Соруктаах ба±айытык, боччумуран киирэн туран: “Эн манна саамай улахан тойонноро±ун дуо?” — диэн ыйытык биэрэн, мух-мах ыытта, —дии-дии, бычылыйан тахсыбыт хара±ын уутун сотто, күлэ-үөрэ кэпсээтэ.
Мин кыбыһынным ахан. Хата, уолум оччолорго сөбүлээн көрөр боевиктаах киинэлэриттэн “Босс” диэн тылы туттубата±ыттан үөрэ санаабытым.
Дьэ, ити уолум улахан тойон диэбит, олус ытыктыыр Далбарбыт Нина Иннокентьевна салалтатынан 20-чэ сыл “Кэскил” хаһыакка бииргэ үлэлээбиппиттэн дьыл±абар махтанабын.
Иван Андросов.