Былыр маҥнай саһыл эһэлиин бэрт эйэлээхтэрэ үһү. Биирдэ көрсөн кэпсэппиттэр. Эһэ:
— Эн туохтан ордук куттанар буолаҕын? — диэн ыйыппытыгар, саһыла:
— Мин икки атахтаахтан ордук куттанабын, — диэбит.
Онуоха эһэтэ:
— Пахай, икки атахтаах бэлэм ас буоллаҕа дии. Хата, мин ордук куттанарым — ити сайын чачыгырыы түһэн баран, дулҕа быыһыттан, атаҕын анныттан көтөр кыылы, — диэбит.
Саһыла туран:
— Холоонтон да куттанаахтыыр эбиккин. Дьэ эрэ, эн икки атахтааҕынан биир аппаны толор, мин эн куттанар көтөргүнэн биир аппаны толоруом, — диэбит.
Эһэтэ сөбүлээбит, онон арахсыбыттар.
Саһыл үөмэ сылдьан үгүрүөнү дэлби тутан, аппатын толорон кэбиһэн баран, эһэтин ирдии ыалга барар. Ол тиийэн көрбүтэ: эһэтин сиэн баран, баһын уҥуоҕун төҥүргэскэ иилэн кэбиспиттэр.
— Оо, эрэйдээх, сөбүгэр да буолан баран киһиргиир эбиккин, —диэбитинэн, саһыл эһэ баһын уҥуоҕун сиргэ ылан быраҕар.
Онтон ыла саһыл эһэлиин кыр өстөөх буолбуттара үһү.
“Ааҕар кинигэ”, сахалыы үөрэх кинигэтин оҥорор хамыыһыйа оҥорбута. Ону Сэмэн Ноҕуруодап көрөн көннөрөн баттаппыта. Москуба—Бүөтүр куората, 1923 с., стр. 8—9.