Алтынньы 16 күнүгэр саха норуотун поэта, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 70 сааһыгар оҕо сааһа ааспыт Тулуна нэһилиэгэр П.В. Аммосов аатын сүгэр оскуолаҕа научнай-практическай конференция буолан ааста.
Конференция арыллыытыгар оскуола үөрэнээччилэрэ Тулуна нэһилиэгин өрөгөйүн ырыатын толордулар. Өрөгөй ырыа тылларын ааптара Иван Васильевич Мигалкин буолар.
Конференция кыттыылаахтарыгар эҕэрдэ тылларын Уус Алдан улууһун баһылыга солбуйааччыта Анатолий Дмитриевич Сторожев, Тулуна нэһилиэгин баһылыга Петр Егорович Бурнашев, Тулуна орто оскуолатын дириэктэрэ Надежда Николаевна Сторожева, Иван Васильевич бииргэ төрөөбүт быраата Афанасий Васильевич Мигалкин эттилэр.
Конференция алта секциянан ыытылынна: «Иван Васильевич Мигалкин удьуордара», «Иван Васильевич Мигалкин – поэт», «Иван Мигалкин – публицист», «Саһарбыт хаартыска кэпсиир», «Иван Мигалкин оҕолорго айымньылара», «Мин кининэн киэн туттабын».
«Кэскил» медиа оскуола юнкордара секцияларынан арахсан үлэлээтибит. Биһиги «Саһарбыт хаартыска кэпсиир» секцияҕа эдэр чинчийээччилэр үлэлэрин иһиттибит. Иван Мигалкин Москваҕа Максим Горькай аатынан Литературнай институкка бииргэ үөрэммит доҕоро Намбарын Энхбаярд кэлин Монголия Президенэ буолбутун, доҕордуу сыһыаннарын куруук истиҥник тута сылдьыбыттарын соһуйа, астына иһиттим.
Уус Алдан улууhун Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын VI «Б» кылаас үөрэнээччитэ Чаҕыл Бурнашев Иван Мигалкин саха норуотун суруйааччыта Петр Николаевич Тобуруокап 90 сыллаах үбүлүөйүгэр түспүт 8 хаартыскатын булан үөрэппит. Бу хаартыскалар Иван Васильевич дьоһун олоҕун, айымньылаах үлэтин биир туоһулара буолаллар. «Иван Мигалкин Петр Тобуруокабы кытта Москваҕа бииргэ алтыспыт, чугастык билсибит эбит. Петр Тобуруокап Иван Мигалкины бастакыттан сөбүлээбит, хоһоонун ырыппыт, саха тылыгар уһуйбут», – диэн кэпсиир Чаҕыл Бурнашев. Кини салайааччыта саха тылын, литературатын учуутала, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, филологическай наука кандидата Наталия Васильевна Бурцева буолар.
«Саһарбыт хаартыска кэпсиир» секцияҕа кыайыылааҕынан Уус Алдан улууһун Хомустаах сүрүн оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччитэ Павел Лугинов ааттанна. Салайааччыта Я.Н. Новгородова, алын кылаас учуутала. Иван Васильевич Москва куоракка үөрэнэ сылдьан, Павел таайын Василий Бурнашевы кытта чугастык доҕордоспут. Таайа Иван Мигалкинныын Москваҕа биир кэмҥэ үѳрэммиттэрин уонна доҕордоспуттарын кэпсиирин өйдөөн дьиэтигэр бара сылдьыбыт. Таайын кытта кэпсэппит. Иван Мигалкинныын түспүт хаартыскалары көрдөөн, биир саһарбыт хаартысканы булбуттар. Ол хаартыскаҕа олоҕуран, чинчийэр үлэни ыыппыт.
Ити курдук оҕолор үлэлэриттэн элбэҕи биллибит, урукку кэм историятын кытта алтыһан аастыбыт.
Павел ГЕРАСИМОВ, VIII кылаас
Родион Перевалов хаартыскалара
«Sitim LegMedia» хамаанда юнкордара, Лөгөй лиссиэй-интэринээт, Уус Алдан