Биһиги агро хайысхалаах оскуола статуһун тутуһан үлэлээбиппит 10-тан тахса сыл буолла. Бу хайысхаҕа сүрүн дьарыкпыт — сылгы иитиитэ уонна оҕуруот аһын үүннэриитэ . Убаһа этин, оҕуруот аһын нэһилиэнньэҕэ атыылаан эбии дохуот киллэринэбит. Ол сууммата төһө буолара дьылыттан олус тутулуктаах. Ону таһынан, бородууксуйабытын буфекка аһылыкка туттабыт, оскуола оҕолорун барыларын босхо аһатабыт.
Агро-оскуолабыт үлэтигэр овощевод, животновод маастардара, сылгы иитээччилэр үлэлииллэр. Туох эрэ саҥаны, сонуну, туспа хайысханы үлэлэригэр киллэрэн, оҕо билиминэн дьарыктанарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийэллэр. Ол курдук, быйыл оскуолабытыгар сонун сүрээн киирдэ. Ол туһунан овощевод маастар идэлээх Евдокия Вячеславовна Другинаны кэпсииригэр көрдөстүбүт:
— Быйыл Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун кытта кэпситиһэн «Мин бастакы идэм» бырайыагынан дуогабар түһэристибит. Бу бырайыагынан «Көтөрдөрү иитээччи» идэтигэр 5 кыыс үөрэнэ сылдьар. 2 ый үөрэнэллэр. Курстарын үөрэнэн бүтэрдэхтэринэ, ону туоһулуур диплом ылыахтаахтар. Теориятын уонна практикатын тэҥҥэ үөрэтэллэр. Практикаларыгар подсадной кус таһааран иитиэхтээхпит уонна сороҕун кусчуттарга атыылыахтаахпыт. Дьонтон ыйыталаһан билбиппит Чубарскай диэн көҕөн үчүгэйдик саҥаран, кус ыҥырыытыгар үлэлиир эбит. 30 сымыыты Дьокуускайтан сакаастаан атыыласпыппытын, ылларан «Блиц-48» инкубаторга уктубут. Салгыы хаас, индюк сымыыттарын сакааска таһаарыахпыт. Быйылгы инкубаторбыт, уруккубутунааҕар кыамтата, кыаҕа улахан. Ол эбэтэр бастаан куурусса сымыытын инкубаторга уган чоппуускалары таһаартаабыппыт. Ол инкубаторга сымыыттарбытын 2-лии чаас буола буола бэйэбит эргитэр эбит буоллахпытына, быйыл инкубаторбыт салгынын сиигин, температуратын, сымыытын эргитиитин бэйэтэ анал программанан гынар. Ол иһин практикабытыгар чэпчэтии баар. Кусчуттар истэн номнуо сакаас оҥороллор, сыанатын ыйыталлар. Төһө сыанаҕа атыылыырбыт чуолкай биллибэт. Эксперимент аата эксперимент, баҕар табыллымыан да сөп. «Мин бастакы идэм» бырайыак чэрчитинэн, коневод хайысханан 5 уол үөрэнэр. Кинилэри коневод маастар Игнатий Михайлович Бурцев үөрэтэр.
Идэни ылаары үөрэнэр оҕолорбутугар, салайааччыларыгар ситиһиини баҕарабыт. Эксперименнара табылыннын, былааннара туоллун!
Арыылаах агрохайысхалаах орто оскуолатын пресс-киинэ,
Дьааҥы.
Хаартыскаҕа Е. В. Другина түһэриилэрэ