Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата үс сыл устата бэлэмнээн, ситэрэн-хоторон 2022-2023 үөрэх дьылыгар киллэрэр саҥа хайысхалара
III түһүмэх:
«Дьиэ кэргэн сыаннастарын аан бастаан оҕоҕо иҥэриэхтээхпит»
Өбүгэлэрбит былыр аан дойдуну алаастан анааран көрөр дириҥ өйдөөх-саналаах эбит буоллахтарына, аныгы сахалар тиэргэммит да иһигэр мунар-тэнэр кыахтаахпыт. Мин кимминий, туохпунуй, төрдүм-ууһум тугуй, кимий диэн ыйытыыга хоруйдуур оҕоҕо буолуох, улахан дьоҥҥо да уустук ыйытыы. Хамсык ыарыы хааччахтааһыннара ити өттүгэр үгүс төрөппүттэр «харахтарын арыйбыта».
Тулалыыр эйгэ» предмети үөрэтэ олорон оҕобуттан аймахтарын ыйыталастым. Арктиканы, Африканы биэс тарбаҕын курдук билэр. Дьиэтиттэн оскуолаҕа диэри барар суолун аттыгар олорор аймахтарын ааттарын эрэ билэр, киминэн аймах буолалларын, араспаанньаларын букатын да билбэт эбит. Эгэ кэлэн нэһилиэкпитигэр хас киһи олорорун, бииргэ үөрэнэр доҕотторун ийэлэрин аҕаларын билиэ дуо?! Наһаа соһуйдум», — диэн үс оҕолоох ийэ кэпсээбитэ.
Соторутааҕыта Саха сирин наукатын академиятыгар өрөспүүбүлүкэ общественнай палатата СӨ генеологическай наследиетын тэриийии туһунан төгүрүк остуолу тэрийэн ыыппыта. Дьиэ кэргэн төрдүн-ууһун үөрэтии, наука таһымыгар таһаарыы, оҕо, ыччат төрдүн-ууһун үөрэтэр, чинчийэр кыахтарын тэрийии туһунан киэҥ кэпсэтии буолбута.
Россия общественнай палататын демографияҕа, дьиэ кэргэни, оҕону уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын харыстыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Рыбальченко:
Төрдү-ууһу үөрэтиигэ бастакы уочарат оҕо кыттыыны ылыахтаах. Дьиэ кэргэн сыаннастарын туһунан дириҥ өйдөбүлү аан бастаан оҕоҕо иҥэриэхтээхпит», — диэн чопчулаан эппитин болҕомто киинигэр ылар наадалаах.
2020 сылтан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата оҕо саадын иитиллээччилэригэр, алын кылаас үөрэнээчилэригэр «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа», орто сүһүөх уонна үрдүкү кылаас оҕолоругар «Төрүччү» диэн икки улахан бырайыагы үлэлэтэр.
Саҥа үөрэх дьылыгар өссө биир саҥа хайысханы киллэрэр – төрдү-ууһу чинчийиигэ оҕолору көҕүлүүр сыаллаах научнай-практическай конференцияны тэрийэн ыытыаҕа.
Төрдү-ууһу нэһилиэк таһымыгар үөрэтии дириҥ суолталаах үлэ. Нэһилиэк историята дьиэ кэргэнтэн саҕаланар, нэһилиэктэн улуус историята тахсар, улуустан — өрөспүүбүлүкэ, өрөспүүбүлүкэттэн – Россия историята. СӨ Общественнай палататын «Хоту дойду норуоттарын генеологиятын научнай-чинчийэр института» общественнай тэрилтэтин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров нэһилиэк баһылыктарын иннигэр бүгүҥҥү күҥҥэ төрдү-ууһу үөрэтиигэ улахан сорук турарын ситэ өйдүү иликтэрин санатта: «Нэһилиэк төрдүн-ууһун, нэһилиэги тэниппит аҕа уустарын үөрэтии социальнай суолталаах тутуулары туруорсартан лаппа суолталаах үлэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 445 муниципальнай тэриллии баар эбит буоллаҕына, баара-суоҕа 19 эрэ улуус нэһилиэктэригэр төрдү-ууһу үөрэтэр үлэ ыытылла турар». Афанасий Семенович бу этиитэ саха дэриэбинэлэригэр төрдү-ууһу билиихайдах курдук улахан суолталааҕын өссө биирдэсанатар.
Сардаана МАТВЕЕВА.