Балаҕан ыйын бастакы күнүгэр гражданскай сэрии геройа Кеша Алексеев аатын сүгэр Хаптаҕай орто оскуолатыгар Билии күнүн бэлиэтээтибит.
Оскуолабытыгар оҕо уһуйаанын бүтэрбит 15 оҕону иитээччилэрэ Е.И. Павлова уонна А.И. Иванова сиэтэн киллэрэн бастакы учууталларыгар туттардылар. Киһи кэрэхсээн көрөрө 5 кыыс, 10 уол бары сахалыы таҥас кэппиттэр: уолаттар камзоллаахтар, кыргыттар аныгылыы сэкиэттээхтэр. Оҕолор бары хоһоон аахтылар. Оҕолорго оскуола дьаһалтата, улуустааҕы үөрэх управлениета бэлэх туттардылар.
Оскуолабыт выпусниктара бастакы кылаас үөрэнээччилэрин эҕэрдэлээн туран үөрэх-билии кыһатыгар айанныыр самолетиктары бэлэхтээтилэр. Алын кылааһы бүтэрээччилэр ырыанан эҕэрдэлээтилэр. Оскуола бары үөрэнээччилэрин дириэктэр эбээһинэһин толорооччу И.В. Кычкина, олохтоох дьаһалта баһылыга Е.Р. Гаврильева, улуустааҕы үөрэх управлениетыттан Е.М. Дмитриева, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта И.Е. Семенов эҕэрдэлээтилэр, ситиһиини баҕардылар.
Дойдубут Россия былааҕын көтөҕөр чиэс Бүтүн оҕо хамсааһынын кытта үлэлээһин сүбэһитэ А.С. Егороваҕа уонна 9 кылаас туйгун үөрэнээччитигэр Антон Ивановка тигистэ. Үөрүүлээх линейка кэнниттэн оҕолор кылаас чааска тарҕастылар.
Оскуолабыт бары үөрэнээччилэригэр ситиһиилээх үөрэҕи баҕарабын.
Валя СПИРИДОНОВА, 11 кылаас, «Кустук» студия иитиллээччитэ.