2024-2025 саҥа үөрэх дьылыттан алын кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах «Орлята России» федеральнай бырайыак Саха сиринээҕи «Өксөкү сиэннэрэ» бырагыраамата оҥоһуллан таҕыста.
Ону көҕүлээччилэринэн А.Г уонна Н. К Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын дириэктэрэ В.С. Пермякова уонна гимназия алын сүһүөх кафедратын учууталлара буолаллар. «Өксөкү сиэннэрэ» бырагыраама научнай сүбэһитэ – педагогика билимин хандьытаата, РФ АПСН чилиэн-корреспондена, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, этнопедагог, «Өксөкүлээх үөрэҕэ» бырайыак ааптара Е.П. Чехордуна. Бырайыак салайааччылара – Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ О.И. Семенова уонна А.Г уонна Н. К Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын иитии үлэтигэр дириэктэр сүбэһитэ В.П. Васильева. Координатор – «Росдетцентр» ФГБТ «Оҕо саас сирдьиттэрэ регионнааҕы тирэх киин салайааччыта Н.В. Макарова. Сахалыы тылбааһы оҥорууга А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын төрүт култуураҕа учуутала А.П. Иванова үлэлэстэ.
А.Г. уонна Н. К Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын алын сүһүөх кафедратын учууталлара «Орлята России» тирэх өйдөбүллэрин оҕо сахалыы тылынан, сахалыы толкуйунан ылынарыгар сөптөөх гына оҥорон таһаардылар.
Сэттэ дьарык тиэмэтэ сахалыы тылынан маннык бэриллэр:
«Басхан – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Лидер); «Киэҥ билиилээх – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Эрудит); «Уран уус – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Мастер); «Бэйэтин баҕатынан көмөлөһөр – Өксөкү сиэнэ»(Орлёнок – Доброволец); «Эрчим – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Спортсмен); «Айылҕаны харыстыыр – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Эколог); «Историяны харыстыыр – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Хранитель исторической памяти).
«Өксөкү сиэннэрэ» Саха сиринээҕи бырагыраама методическай ыйынньыктаах. Дьарыкка туттуллар бэлэм матырыйааллар «Чуораанчык» сурунаал 2024 сыл иккис аҥаарыгар тахсар 7, 8, 9, 10, 11, 12 нүөмэрдэригэр (от ыйа-ахсынньы) бэчээттэниэҕэ. Маны таһынан дьарыгы ыытарга туттуллар бэлэм оҥоһуллубут сценарий www.keskil14.ru саайка тахсыаҕа.
«Ɵксɵкү сиэннэрэ» Саха сиринээҕи бырагырааманы билиһиннэрии атырдьах ыйын 22 күнүгэр күнүс 14 чаастан СО РАН Дьокуускайдааҕы Научнай киин диэтигэр (аадырыһа: Петровского уул. 2 №) ыытыллар.
Бу күн «Ɵксɵкү сиэннэрэ» Саха сиринээҕи бырагыраама ааптардарыттан биирдэстэрэ, А.Г. уонна Н.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын алын кылааһын учуутала Василий Николаевич Макаров «Киэҥ билиилээх – Өксөкү сиэнэ» (Орлёнок – Эрудит) дьарыгы ыытыаҕа.
www.keskil14.ru