Саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт Антонина Софроновна Дмитриева “Роман Дмитриев. Мои тетради” диэн кинигэтин сөбүлээн аахтым.
Бу кинигэни ааҕа олорон хайдах эрэ Роман Дмитриев миэхэ сонуннарын кэпсии олорор курдук санаммытым. Кинигэ тыла олус бопростуой эрээри оннук “тыыннаах”, дьиҥнээх курдук. Өлүөнэ өрүһү олус үчүгэйдик ойуулаан суруйбут. Тустуук, спортсмен киһи наһаа да чараас, нарын толкуйдаах эбит. Роман Дмитриев дневнигыттан сирдэтэн, Өлүөнэ өрүһү олох атын харахпынан көрөр буоллум.
Мин ис-испиттэн ааҕарбын сөбүлүүбүн. Элбэх кинигэни аахпытым эрээри, киһи бэйэтин көрүүтүн, санаатын аһаҕастык кэпсиир кинигэни аан бастакыбын аахтым уонна сэҥээрдим.
Биир үөрүүлээҕэ уонна суолталааҕа диэн кинигэ сүрэхтэниитигэр кыттыыны ыллым. Олимпийскай чемпиону билэр чугас дьонун, доҕотторун санааларын иһиттим. Кинигэҕэ аахпыппын, билбиппин өссө чиҥэтэн биэрдим. Онон олохпор туһалаах, интэриэһинэй күн буолан ааста.
Вика БОРИСОВА, VIII кылаас, Хайахсыт, Чурапчы
Коля Бандеров хаартыскаҕа түһэриилэрэ, Х кылаас, Хайахсыт, Чурапчы