Алтынньы 4 күнүгэр Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр Екатерина Афанасьевна Захарова-Саха Күөрэгэйэ аатынан култуура киинигэр «Экстра Синема» саҥа киинэ саалата үөрүүлээхтик арылынна.
Бу күн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир кэмҥэ, биир бириэмэҕэ 40 киинэ салаата арылынна. Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаевы кытта быһа холбонон, киинэ саалалара арыллыбыт нэһилиэктэр олохтоохторун эҕэрдэлээтэ, баһылыктарын кытта кэпсэттэ.
Биһиги нэһилиэкпит култууратын киинин уус-уран салайааччыта Игорь Иванович Болтунов кэпсээбитинэн, киинэбит саалата «Култуура» национальнай бырайыагынан олоххо киирбит. 2022 сыллаахха Сахабыт сиригэр 17 саала арыллыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 40 киинэ саалата арыллыбыт.
«Экстра Синема» инновационнай технология платформатынан буолар. Онон Саха сиригэр буола турар биэриилэри манна олорон көрүөхпүтүн сөп.
– Үбэ-харчыта «Култуура» национальнай бырайыгынан биир мөлүйүөнтэн тахса көрүллүбүт эбит буоллаҕына, бэйэбит бюджеппытыттан эбии 223 тыһ. солк. көрбүппүт. Киинэ саалатын оборудованиетыгар киинэни көрдөрөр проектор, улахан экран, ноутбук баар, – диэн кэпсиир Эмис нэһилиэгин култуура киинин уус-уран салайааччыта Игорь Иванович Болтунов.
– Игорь Иванович, бырайыагы олоххо киллэрэр төһө уустугуй?
– Бырайыагы суруйар уустуктардаах эрээри бу үһүс бырайыакпытын көмүскээтибит. «Экстра Синема» бырайыагы А.А. Иванова, А.Н. Устинова буоламмыт оҥордубут. Элбэх докумуон үлэтэ оҥоһуллар, сүүрүү-көтүү ирдэнэр. Ааспыт сылга Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн, бырайыак көмүскээн, Т.В. Захаров-Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотун иккис чааһыгар олоҕуран, «Очуллаан Чочуллаан» диэн спектакль туруорбуппут. Быйылгы сүрүн бырайыакпытынан балтараа мөлүйүөн суумалаах модернизированнай сыананы көмүскээһин буолар. Ону тэҥэ Олоҥхо дьиэтин үлэтин иитинэн токарнай столярнай сыах арыйан эрэбит. Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээх олоҥхоһут Юрий Борисов «Кэскил Боотур» олоҥхотугар олоҕуран, оҕолорго спектакль туруоруллуохтаах, – диэн кэпсиир Игорь Иванович.
Киинэ саалата арыллыытын кэмигэр култуура киинин дириэктэрэ А.А. Иванова нэһилиэккэ араас кэмнэргэ киномеханигынан үлэлээбит дьоннорбутун ахтан-санаан ааста. Кинилэр ортолоругар Николай Силуянов, Афанасий Катыгин, Василий Егорович Захаров, Афанасий Михайлович Бубякин, Василий Семенович Гаврильев, Борис Емельянов, Андрей Каролайнен, Николай Федорович Константинов, Алексей Иванович Иванов, Татьяна Петровна Николаева уо.д.а. ааттара ааттанна.
80-ус сылларга киинэ тыа сирин дьонун түмэр күүстээх этэ. Сопхуос үлэтин кэнниттэн үлэһит дьон киинэ көрөн сынньанар, өй-санаа өттүнэн сайдар, байар, дуоһуйар кэмнэрэ этэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо, – диэн Анжелика Александровна бэлиэтээн эттэ.
Олохтоохтор үөрүүлэрин Амма улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Иванович Бураев үллэһиннэ. Түгэнинэн туһанан, Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинигэр кыттыбыт олохтоохторго Махтал суруктары туттарда.
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис оскуолатын «Эрэкэ Дьэрэкэ» фольклорнай куруһуок салайааччыта Мотрена Иннокентьевна Владимирова-Силигийээнэ: «Бүгүн үөрүүлээх күн буолла. Сахабыт сирин 40 нэһилиэгэр, ол иһигэр биһиги Эмиспитигэр, «Экстра Синема» киинэ саалата арылынна. Ил Дархаммытын Айсен Сергеевич Николаевы кытта уун-утары көрсөн олорон, кэпсэтэр үйэбитигэр биирдэ буолар түгэҥҥэ сылдьыбыппытыттан олус үөрдүбүт. Култуура киинин үлэһиттэригэр махталбын тиэрдэбин», – диэн санаатын үллэһиннэ.
***
Ити курдук «Култуура» национальнай бырайыак көмөтүнэн тыа сирин дьоно куорат сириттэн туох да итэҕэһэ суох саҥа тахсар киинэлэри улахан экраҥҥа көрөр кыахтанныбыт. Онон олохпут хаачыстыбата биир харыс үрдээтэ диэн үөрэ бэлиэтиибит.
Эрчим НИКОЛАЕВ, IX кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма
Ааптар хаартыскалара