Ааспыт үөрэх сылыгар муус устар 10 күнүгэр оскуолабытыгар кэрэхсэбиллээх ыалдьыттанныбыт. Кылааспыт салайааччыта Туйара Александровна Тарасова Арассыыйаҕа наука уонна технологиялар сыллара биллэриллибитин чэрчитинэн ирбэт тоҥу үөрэтиинэн дьарыктанар тутааччы идэлээх Эдуард Михайлович Романовы ыҥырда.
Ыалдьыппыт ыраахтан айаннаан кэлэн, интэриэһинэй кэпсэтии ыытта. Бастаан утаа кини бэйэтин олоҕуттан, кимтэн-кииннээх, хантан-хааннаах буоларын сэһэргээбитэ. Онтон салгыы кэпсэтии үлэтин, дьарыгын туһунан барбыта. Эрдэттэн бэлэмнэнэн презентация оҥорбут, онон араас дьикти хаартыскалары, каарталары көрдөрө-көрдөрө сэһэргээтэ. Ирбэт тоҥ хайдах үөскээбитин, туох суолталааҕын тиийимтиэ гына быһаарда. Физиканы, химияны, тригонометрияны кыһаллан үөрэтэрбитигэр сүбэлээтэ. Ыалдьыппыт саҥаран-иҥэрэн, дьону бэйэтигэр тардар, ис киирбэх киһи буолан биэрдэ.
Эдуард Михайлович Саха Сирин бүтүннүүтүн кэрийэн элбэх, олус интэриэһинэй, киһи эрэ ымсыыра көрөр хаартыскалардаах. Хайдах курдук дьикти айылҕалаах, ураты кэрэ сирдээхпитинэн, кэрэхсэбиллээх дьонноохпутунан киэн туттуохпутун сөп. Киниттэн “Wall Street Journal” хаһыат суруналыыһа Америкаттан кэлэн интервью ылан барбыт. Уопсайынан аан дойду омуктара барыта климат уларыйыытыттан дьиксинэллэр эбит. Эдуард Михайлович “Дьокуускай куорат – планета климатын уларыйыытын индикатора” диэн үлэтэ “Wall Street Journal” хаһыакка таҕыстаҕа буолуо.
Уопсайынан, омук учуонайдара Эдуард Михайловичтан сүбэ ылан, кэпсэтэн бараллара үгүс эбит. Биһиги ону истэн олус диэн сөхпүппүт. Кини былыргы кэм олоҕуттан, билиҥҥи үйэ туһунан, билим өттүнэн көрөн, баар чахчыны кэпсээбитэ. Эдуард Михайлович үлэтин таптыыыра өтө көстөр, ол иһин кэпсиирэ барыта интэриэһинэй буолан тахсар дии санаатым. Кини биир сиргэ иҥнэн олорбот, наар онно-манна сылдьар, элбэҕи билэр-көрөр, араас дьону кытта алтыһар, ол иһин олоҕо да интэриэһинэй буолан иһэр эбит.
Бу кылаас чааһын кэнниттэн Эдуард Михайловичтыын эбии сэһэргэһэр күүстээх санаа үөскээбитэ, онон киниттэн хас даҕаны ыйытыылаах интервью ылбыппын манна киллэрэбин.
— Биһиги курдук саастаах сылдьан науканы, технологияны төһө кэрэхсиир этигиний?
— Улааттаҕым аайы өйүм-санаам уларыйан испитэ. Үрдүкү кылааска тиийэн баран, санаам хас да хайысхаҕа тэҥҥэ үлэлиир буолбута. Ол кэмҥэ спорт бастакы миэстэни ылара. Ол быыһыгар, инженер-конструктор буолуохпун баҕарарым: араас байыаннай сөмөлүөттэри, ракеталары, сэрии сэбин моделируйдаан тахсарым. Ону таһынан бултуурбун, айылҕаҕа сылдьарбын эмиэ наһаа сөбүлүүрүм. Булчут ыттары иитэрбин саҕалаабытым. Былыргы үһүйээннэри-кэпсээннэри дьонтон истибиппин кэпсиирбин, ону ырытарбын олус астынарым. Эмиэ даҕаны геология, археология, антикварнай оҥоһуктар кэрэхсэтэллэрэ. Олох кыра кылаастан хас да коллекция хомуйан оскуолаҕа туттарбыттаахпын. Билигин да антикварынан үлүһүйэбин аҕай. Хобби курдук бэйэм дуоһуйуубар анаан хомуйабын.
— Арассыыйаҕа наука уонна технология сылыгар үлэҥ эйгэтигэр туох саҥа былаан, бырайыак баарый?
— Ааспыт сыл Арассыыйаҕа наука уонна технология сылынан биллэриллибитэ наһаа кэрэхсэбиллээх. Хомойуох иһин, наука, саҥа технологиялар сайдыылара дойдубутугар кэлиҥҥи сылларга олох мөлтөөтө диэххэ сөп. Ону өйдөөн, өрүһүнэ сатыыр ньыма курдук көрөбүн. Урукку сэбиэскэй оскуолалаах ученайдар сааһыран наукаттан туораан бүтэн эрэллэр диэххэ сөп. Саҥа көлүөнэ учуонайдара сөптөөх үбүлээһини, өйөбүлү булбакка, күүстээх өттө тас дойдуларга тахсар буоллулар. Российскай наука орто да таһымҥа хааларыгар государство өттүттэн улахан болҕомто ууруллара ирдэнэр. Онтон тус бэйэҥ наукаҕа сыһыаныҥ диир буоллаххына, Росия наукатыгар үп-харчы көстүүтэ күчүмэҕэйиттэн киһи ханнык эрэ проблематиканан дириҥник ылсан дьарыктанара уустук. Ол иһин теория өттүнэн үлэм быыһыгар дьарыктана сатыыр курдукпун. Чопчулаан эттэххэ, левитационнай көлө (транспортнай средство) баар буолан, Сир Ийэни хаспат-тыыппат транспорт баар буолуутугар сырабын-сылбабын уурабын. Ол аата нефть, гааз, чох хостооботторун, ойуур маһын кэрдибэттэрин туһугар кылааппын киллэрэр баҕалаахпын. Аан дойдуга сайдыылаах государстволар бары ити проблематиканан дьарыктанар буоллулар. Хомойуох иһин, ити кыһалҕалары быһаарыыга Россия хаалан иһэр. Онтон ити левитационнай транспорт айылҕа ресурсатын тыыппат саҥа технологиянан күүстэнэн хамсыыр. Програмнай обеспеченията эмиэ квантовай күүстээх компьютер-беспилотник, киһи санаатынан хамсыыр сибээстээх буолара ирдэнэр.
— Эйигин Нобелевскай бириэмийэ ылар туһугар үлэлиир диэн истибиппит. Бу бырыайыагыҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Бу сыыһа өйдөөбүттэриттэн эппиттэр. Нобелевскай бириэмийэни сырдык оскуораһыттан түргэн оскуорас баарын дакаастаан биэрдэххинэ ылаҕын, ону ким ылара биллэр диэн эппитим. Мэйиитин, өйүн барытын итини быһаарыыга анаабатах киһи ити проблематиканан дьарыктанара, олоҕун аныыра күчүмэҕэй. Оҕо эрдэхпититтэн мэйиибит үүнэр-сайдар кэмин мүччү туппакка, көрө сылдьан анал үөрэхтээх дьон көдьүүстээхтик сайдарга туһаайан иһэллэрэ улахан суолталаах, сөптөөхтүк уһуйан истэхтэринэ эрэ лаппа сайдыылаах көлүөнэ тахсар кыахтаах. Ол наадатыгар уһуйааччылар үрдүкү таһымнаах, ыраах көрүүлээх, улахан кээмэйдээх дьон буолаллара ирдэнэр. Сырдык оскуораһынынааҕар түргэн оскуорас баарын аан дойду учуонайдара билбиттэрэ ыраатта. Ол эрээри опыт-эксперимент нөҥүө итини дакаастаан таһаара иликтэр. Ол иһин сабаҕалааһын эрэ курдук сылдьар. Эһиги курдук физико-техническэй хабааннаах кылааска үөрэнэр оҕолортон маны дакаастыыр киһи үүнэн тахсыан сөп диэн эрэнэбин.
— Үлэлииргэр-сайдаргар эйиэхэ туох күүс биэрэрий, туох салайарый?
— Бастатан туран, элбэхтик үлэлиир буоллаххына эрэ сайдар туруктанаҕын. Сахаларга Аар Айылҕабыт, Аар Айыыларбыт күүс- күдэх, өй-санаа, тыл-өс биэрэллэрэ наһаа ымыһыннаах (необходимость баар). Биһиги курдук айылҕаҕа ыкса чугас, айылҕа тыынынан олорор омук аҕыйах. Былыр-былыргыттан күүстээх итэҕэллээх омук курдук сананабын, кырабыттан. Манна итэҕэл уонна религия диэни арааран өйдүөх тустааххыт. Иккиһинэн, таптал: кэрэ аҥааргар, оҕолоргор, сиэннэргэр, дойдугар, Аар айылҕаҕар… Таптал муҥура суох бара турар дии саныыбын. Улуу өбүгэлэрбит баччааҥҥа диэри илииттэн илиигэ, кэмтэн кэмҥэ чочуйан оҥорон айан-тайан аҕалбыт Саха омуга диэн ааттанар Аар айыы итэҕэлин испитигэр-хааммытыгар илдьэ сылдьар дьоммут.
— Эдуард Михайлович, биһиги кыра оскуолабытыгар кэлэн, аҕыйах оҕону кытта көрсөн кэпсээн, бириэмэҕин анаан барбытыҥ хайҕаллаах. Биһиги эйигин өссө да күүтэбит уонна улаханнык махтана, ахта саныыбыт.
Кэпсэттэ Мария ПОТАПОВА,
С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын
10 кылааһын үөрэнээччитэ.
Салайааччы: Туйара Александровна Тарасова,
төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ учуутала.