Дорооболоруҥ, оҕолоор!
Мин бүгүн эһиэхэ хайдах харыйа оҥорорго үөрэтиэм. Биһиэхэ наада: өҥнөөх кумааҕы, икки хортуон (от күөх уонна бороҥ), кыптыый, икки өттүнэн сыһыарар скотч уонна ПВА килиэй. Бастатан туран, харыйа быһыытын оҥоробут уонна килиэйинэн туттарабыт. Онтон аллараа өттүн кырыйан тэҥнээн биэрэбит. Харыйа атаҕын оҥоробут. Бороҥ хортуону аҥаардаан баран бүк тутан-хабан баран килиэйдиибит.
Салгыы биир өттүн эриллэҕэс гына кырыйабыт. Уонна килиэйинэн сотон баран, харыйа иһигэр уган туттаран кэбиһэбит. Харыйа лабааларын оҥоробут. От күөх өҥнөөх кумааҕыны ылан баран эмиэ эриллэҕэс гына кырыйан кэбиһэбит. Уонна скотчунан харыйа кытыытыгар сыһыарабыт.
Харыйа сулуһун уонна оонньуурдарын өҥнөөх кумааҕыттан төгүрүктэри кырыйан баран сыһыарталаан кэбиһэбит. Бэлэм буолла!
Кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылынан!
Сандаара Саввина, С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж 4 «б» кылааһын үөрэнээччитэ.