Саҥа дьыллааҕы кылгас болдьохтоох, чэпчэки соҕус ыйытыылардаах уонна бириистээх биктэриинэбит түмүгүн таһаардыбыт.
Бастакы эппиэттэр биллэрбит күммүтүгэр тута кэлбиттэрэ.
Усулуобуйаҕа болдьоҕо “22-кэ диэри” диэн этэ. Ол аата ахсынньы 21 киэһэтинэн бүтүөхтээҕэ. Ону дьон үксэ 22-кэ ыыппыттар этэ. “Хайыырбыт буолла?” диэн толкуйдаан баран, кыһаллан оҥорбуттарын сыаналаан, хоруйдарын ылынныбыт. ОЛ ГЫНАН БАРАН, балаһыанньаҕа “ким бастакынан” диэн ирдэбил баарын иһин, күннэрин эмиэ учуоттаатыбыт. Ол курдук, 18-ка ыыппыттарга эбии 2,5 баалы суруйдубут, уон тохсустарга — 2, сүүрбэһистэргэ — 1,5, сүүрбэ бииристэргэ —1, сүүрбэ иккистэргэ – 0,5.
Барыта 32 үлэни туттубут: Дьокуускай куораттан, Сунтаар, Амма, Уус Алдан, Дьааҥы, Таатта, Чурапчы, Ньурба улуустарын нэһилиэктэриттэн.
Дьэ, аны хоруйдарбытыгар киирэбит:
- Харыйаны киэргэтэр үгэс Эльзастан саҕаламмыта. Бу билигин Франция провинцията. Оттон ол XIV үйэҕэ Германияҕа киирсэрэ. Онон Германия диэн эппиэти сөптөөҕүнэн аахтыбыт эрээри, Эльзас диэн чопчу быһааран суруйбуттарга эбии 0,5 баалы эптибит.
- “Один дома-1,2” оонньообут Маколей Калкины бары билэҕит.
- 1903 сыллаахха Раисы Кудашёва хоһооно “Малютка” сурунаалга бэчээттэнэр. Онтон 1905 с. Леонид Бекман матыып суруйан, бары билэр ырыабытын айар.
- Тымныы Кырдьаҕас төрөөбүт күнэ — сэтинньи 18 күнэ.
- 1700 сылтан. Петр I ыйааҕынан.
- Дьэ, бу саамай сыыспыт боппуруоскут. “Ханнык суруйааччы?” диэҥҥэ норуот остуоруйатын ситэрэн, чочуйан, киэргэтэн биэрбит ааптардары барыларын ааттаталаабыккыт: В.И. Даль, А.Н. Афанасьев, Г.П. Данилевский уо.д.а. Сорохтор оператын суруйбут Римскэй- Корсаковы кытта эппиттэр. Оттон ыйытыы “Саҥа дьыллааҕы герой быһыытынан киллэрбитэй?” диэн этэ ээ. Дьэ, кимий? Сергей Михалков. Кини Лев Кассиллыын Кремль оҕолорго анаан оҥорор Саҥа дьыллааҕы утреннигар сценарий суруйбуттар. Онно Островскай “Снегурочка” пьесатын Хаарчаанатын Тымныы Кырдьаҕас көмөлөһөөччүтүн быһыытынан киллэрбиттэр. Ити ХХ үйэ 50-с сылларыгар. Ол кэнниттэн Сэбиэскэй Сойуус хас утреннигар барытыгар Хаарчаана баар буолар уонна күн бүгүнүгэр диэри Тымныы Кырдьаҕас сиэн кыыһыныын өрүү бииргэ сылдьаллар. Баҕар, этиэххит: “Ити иннинэ 1937 сыллаахха Профсоюзтар дьиэлэригэр буолбут бырааһынньыкка Хаарчаана баар диэн ахталлар ээ”, — диэн. Ол эрээри онно Хаарчаана уобараһын биир инсценировкаҕа эрэ туһаммыттар. Онон бүппүт. Оттон Михалковтаах Саҥа дьыллааҕы герой быһыытынан үйэлээхтик киллэрбиттэр.
- “Буржуазнай олох көстүүтүн – Ороһуоспатааҕы харыйаны – суох гынарга” диэн өй-санаа өрөбөлүүссүйэ бүтээтин кытта тарҕаммыт. Ол гынан баран, Лениннээх Надежда Крупская, оҕолорго үөрүүнү бэлэхтээри, Сокольники ыытар утренниктарыгар харыйа туруоралларын туһунан бары ааҕан билэбит. Онтон Ленин өлбүтүн кэннэ, “антисоветскай” диэн ааттаан, харыйаны туруорары буруйу оҥорууга тэҥнээн, 1926-1935 сс. кытаанахтык бобулла сылдьыбыт.
- Женябыт “Москва, Третья улица Строителей, дом 25, квартира 12” олорорун, дьэ, үчүгэйдик өйдүү сылдьар эбиккит. Ол гынан баран, сорохтор аадырыһын толору суруйбатахтар. Оччотугар баал аҥаара эрэ буолар.
- Италияҕа быраҕалларын бары билэҕит.
- “Саҥа дьылга аккырыыкканан эҕэрдэлэһэр үтүө үгэһи олохтообут куорат?” диэн ыйытыыга эһиги куоратын суруйуохтаах этигит. Ону улахан аҥааргыт Англия эбэтэр Великобритания диэбит. Великобритания диэтэххэ, Англия, Уэльс, Шотландия. Ирландия — барыта киирэр буоллаҕа эбээт. Оттон Англия диэтэххэ, онно хас да куорат баар. Онон чопчу Лондон диэн буолуохтаах этэ.
- Өймөкөөн олохтооҕо, бөлүһүөк, кыраайы үөрэтээччи Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ толкуйдаабыт уобараһа.
- Гирлянданы 1895 с. США-ҕа диэбиккит. Сорохтор Үрүҥ дьиэҕэ диэн быһааран суруйбуттар. Толору эппиэт диэн, эбии 0,5 очукуону биэрдибит.
- Хас биирдии сөпкө таайбыт мультиккыт иһин 1-дии баалы суруйдубут. Оччотугар 6 мультигы барытын сөпкө эппиттэргэ — 6 баал: “Дед Мороз и лето” (1969 с.) “Новогодняя ночь” (1948 с.), “Снеговик-почтовик” (1955с.), “Ну, погоди!” (ахсыс серията 1974 с.), “Щелкунчик” (1973 с.), “Трое из Простоквашино” (1978 с.).
- Сэбиэскэй кэмҥэ судургутук: “Хотугу Полюска”, — диирбит. Онтон кэлин, омуктары үтүктэн, резиденциялаах буолуохтаах диэн, 1989-1994 с. Архангельскай Соломбала оройуонугар дьиэлэнэ-уоттана сылдьыбыта. Онтон 1995-1998 сс. Мурманскай уобалас Кольскай тумул арыытыгар Чунозерской уһаайбаҕа.
- Оҕонньорбут аан дойдуга соҕотох “Ветеран сказочного труда”.
- Мелодист Виталий Андросов. Манна сорохтор Валерий Ноев, М. Еремеева, М.Данилова, Иван Андросов диэбиттэр.
- 1975 с. уһуллубут «Новогодние приключения Маши и Вити». Элбэх киһи “Снегурочка” диэбит.
- 1999 сыл ахсынньы 31 күнүгэр Россия бастакы Президенэ Б.Н. Ельцин тохтуурун туһунан иһитиннэрэн соһуппута.
- Ил Дархан Харыйата аан бастаан 1998 сыллаахха буолбута. М.Е. Николаев идиэйэтинэн.
- Санта-Клаус, Йоллупукки, Бабо Наттале уонна да атыттар биһиги Тымныы Кырдьаҕаспыт сиэн кыыһыгар – Хаарчаанаҕа ымсыыраллар. Кинилэргэ көмөлөһөөччүлэрэ суох. Сорохтор:“Өймөкөөҥҥө, тымныы оройугар, олорун иһин”, — диэбиттэр. Чысхааны бутуйбуттар быһыылаах.
- Камчатка уонна Чукотка олохтоохторо. Кинилэр саҥа сылы Москваттан 9 чаас эрдэлээн көрсөллөр.
- 1964 сылтан хас Саҥа дьыл киэһэ “Голубой огонек” биэрии көстөр.
- “Зима начинается с Якутии” фестиваль чэрчитинэн, ахсынньы 1 күнүгэр Саха Сирин бары улуустарын киин болуоссаттарыгар харыйаны сандаара уматар үтүө үгэс олохтонно.
- 2000 сылларга аатыра сылдьыбыт “Авария” бөлөх ырыата.
- Спасскай башня куранын тыаһынан саҥа сыл үүнэр.
***
Онон хас биирдии кыттааччы эппиэтин сыныйан көрөн, табылыыссаҕа ону барытын сааһылаан, суумалаан, түмүгү, нууччалыы эттэххэ, справедливайдык таһаардыбыт.
Кыайыылаах таҕыстылар:
I миэстэ — Сунтаар улууһун Күндэйэ Б.Н. Егоров аатынан орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Женя (VIII кылаас) уонна бырааттара Сергей (V кыл.), Эльдар (II кыл.) Корниловтар.
Кинилэр аан бастакынан уонна барыта сөптөөх хоруйу ыыппыттара. Оҕолорго ийэлэрэ Евдокия Евгеньевна сүбэ-ама буолбут.
Корниловтарга өрөспүүбүлүкэтээҕи биктэриинэҕэ кыайбыттарын туоһулуур Диплому уонна кэлэр сыл бэлиэтин — таас (керамическэй) сибиинньэ-копилканы — бириис быһыытынан биэрэбит.
Иккис миэстэни Таатта улууһун Ытык Күөл Д.А. Петров аатынан 2-с №-дээх орто оскуолатын IV «б» кылааһын үөрэнээччитэ Наташа Мохначевская ылла. Ийэтэ Ирина Егоровна көмөлөспүт.
Наташа эппиэттэрин хаартысканан ситэрэн, туһаныллыбыт литературатын испииһэктээн оҥорбута кэрэхсэбиллээх. Ити иһин 0,5 баалы эбии биэрдибит. Киниэхэ Диплом уонна 1848 сылтан харыйа симэхтэрин тааһы үрэн, илиинэн уруһуйдаан оҥороллорунан аатырар Клин куорат сиэдэрэй оонньуурдарын бэлэхтиибит.
Таатта улууһун Туора Күөл орто оскуолатын II кылааһын үөрэнээччитэ Дарина Максимова уонна кини ийэтэ, «Кэскил» оҕо саадын муусукаҕа салайааччыта Варвара Николаевна, итиэннэ бэйэлэрэ суруйалларынан, “мэһэй-таһай буолан көмөлөспүт 4 саастаах Вадим Максимов” III миэстэ буоллулар. Максимовтарга Диплом уонна “Елочка” фирма эксклюзивнай симэҕэ.
0,5 баал тиийбэккэ миэстэлэспэтэх Афанасий Потаповка (Дьааҥы, Боронук, Х кылаас) биһирэбил бирииспитин — Саҥа дьыллааҕы хоруопкалаах минньигэһи — аныыбыт.
Онтон атыттарга кыттыбыттарын туоһулуур бэчээттээх, илии баттааһыннаах сертификаттары, аныгы үйэ сиэринэн, электроннай почтаҕытыгар ыытыахпыт. Ону бэйэҕит өҥнөөх принтеринэн бэчээттээн таһааран, оскуолаҕыт Саҥа дьылыгар туттараарыҥ.
Эппиэттэргитин өйдөөн көрөөрүҥ эрэ. Сорохтор “1895” оннугар “1985”, “сэтинньи 18” диэҥҥэ “8” диэбиттэр. Онтон да атын сыыһалар болҕомтото суоххутуттан тахсыбыттар быһыылаах.
Ол гынан баран хомойумаҥ. Манна ким да хотторбото. Тоҕо диэтэххэ, бары туох эрэ билиини ыллыбыт.
Кыттыбыттарга махтанабыт. Keskil14.ru сайты ааҕар буолуоҥ, суруктаргытын ыытыҥ.
Билсэр төлөпүөҥҥүт 89142223579 ( эбиэттэн киэһэ эрийээриҥ).