Саҥа дьылынан оҕоҕор чэпчэки сыаналаах уонна олус туһалаах бэлэҕи оҥоруоххун баҕараҕын? Оччоҕо “Бичик” таһаарбыт кинигэлэрин ылан бэлэхтээ. Уон хонуктаах уһун өрөбүлгэр оҕоҕун кытта тэҥҥэ ааҕан, сынньалаҥҥытын туһалаахтык атаарыаххыт.
- Саҥа дьыллааҕы кинигэ: [хомуйан оҥордо Семенова У.А.] – Дьокуускай: Бичик, 2017. – 60 с.
Саҥа дьылы көрсө, харыйаны, дьиэни, тиэргэни сиэдэрэйдик хайдах киэргэтэбин? Чугас дьоммутугар, маҕаһыынтан бэлэми атыыласпакка, туох бэлэҕи бэйэм илиибинэн оҥоруохпун сөбүй? Сынньалаҥ күннэрин атаарарга тугунан дьарыктанабын?
Ити ыйытыыларгар сүбэлэри, таайбараҥнары, көрүдьүөстэри, оонньуулару, ас ырысыаптарын бу бэртээхэй кинигэттэн булуоҥ.
- Лаглайбыт күөх харыйачаан : ырыалар, хоһооннор, сценарийдар / [хомуйан оҥордо М.Г. Никифорова; С. Черепанова, А.Алексеев, К. Лыткин ойуулара]. – Дьокууускай : Бичик, 2017. – 80 с.
Төрөппүт, иитээччи, учуутал оҕону ыллыыр-туойар, кэрэни кэрэхсиир дьоҕурун сайыннарарыгар туһуламмыт бу кинигэҕэ Саҥа дьылга аналлаах хоһооннор, ырыалар, сценарийдар киирдилэр.
- Иэнньэ уонна Иэлэ көрдөөх сырыылара / Анна Гончарова; [Данил Макеев тылбааһа]. – Дьокуускай: Бичик, 2018. – 64 с.
Нуучча талааннаах суруйааччыта, уйулҕа үөрэхтээҕэ Анна Гончарова Иэнньэ уонна Иэлэ көрдөөх сырыыларын туһунан остуоруйаларын маҥнайгы кинигэтэ сахалыы тылбаастанан таҕыста. Атын сиэрийэлэрэ салгыы бэчээттэниэхтэрэ.
Бу остуоруйаны төрөппүт кырачааныгар аахтаҕына, оҕо оччугуй сааһыттан, Иэнньэ уонна Иэлэ курдук, сытыы-хотуу, аһаҕас, бэйэтигэр эрэллээх, доҕордуу сыһыаны өрө тутар буола улаатыа. Айымньы истиҥ сыһыаҥҥа иитэр, кэрэни сыаналыырга үөрэтэр.
Остуоруйа бүтүүтүгэр баар тургутук айымньыны истибит, аахпыт кэннэ санатыһарга туһалаах.
- 10 кыҥкыйтан 10 остуоруйа. Оҕо майгытын тупсарар кинигэ / Евгения Саввинова; [А.Иванова ойуулара]. – Дьокуускай : Бичик, 2018. – 32 – (Төрөппүккэ көмө).
Оҕо улаатан истэҕин аайы майгыта уларыйан иһэр. Холобура, ханнык эмэ кэрдиис кэмҥэ эмискэ олус уйан, биитэр кыҥкый, эбэтэр өһөс буолуон сөп. Онуоха сөпкө өйдөөн, этэҥҥэ аһарыыны оҕо салгыы сайдарыгар улахан суолталаах. Оҕону мөҕөн-этэн, кыыһыран-тымтан, бобон-хаайан «иитэр» табыллыбат, ол оннугар өйдөнүмтүө тылынан, холобура, остуоруйа көмөтүнэн быһаарар табыгастаах.
Онон бу хомуурунньукка, төрөппүттэргэ көмө буоллун диэн, оҕо уон араас хаппырыыһын тохтотор уон айымньыны түмтүбүт.
5. Сказки алмазной красавицы / Любовь Винс; [худ.: Наталья Елоева, Евдокия Романова]. – Якутск : Бичик, 2018. – 64 с.
Любовь Михайловна Винс – член Союза писателей России, живет в городе Мирном, пишет рассказы и сказки. Предлагаемый вашему вниманию сборник сказок предназначен для детей младшего и среднего возраста. Прочитав его, вы узнаете, как Новый год появился, почему в Якутии лето короткое, как у лосей рога появились и многое, многое другое.
6. Чудовище Лабынкыра: сказки / В.В. Егоров; [Рисунки Алены Арсентьевой]. – Якутск : Бичик, 2017. – 64 с.
В книгу вошли сказки о нашем родном северном крае. Герои сказок, как будто взятые из жизни, близки и понятны каждому. Они своими бескорыстными поступками делают мир добрее, лучше, ярче и справедливее. И находят выход даже из самой трудной ситуации. Издание предназначено для детей младшего школьного возраста.
«Бичик» пресс-сулууспата.