Таатта улууһун Алампа аатынан Ытык Күөл орто оскуолатын «Бэргэн» байыаннай кулууп иитиллээччилэрэ оскуола үөрэнээччилэрин уонна учууталларын ааттарыттан Сталинградтааҕы кыргыһыыга кыайыыны уһансыбыт сэрии бэтэрээнэ, Волгоград куоракка олорор 99 саастаах Зинаида Петровна Степанкинаны өрөгөйдөөх Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлээн, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн, аккырыыкканы үһүс сылларын ыыттылар. Кыыһын Татьяна Николаевнаны кытта куруук сибээстэһэллэр.
2020 сыллаахха Ирина Юрьевна Тарасенко салалталаах бу кулууп иитиллээччилэрэ байыаннай-патриотическай маршрут чэрчитинэн Волгоград куоракка бара сылдьан, хаһан да, тугунан да толуллубат сүтүгүнэн кэлбит төрөөбүт ийэ дойдубутун фашистыы аармыйа сибиэннээх силлиэтиттэн килбиэннээх босхолооһун кыттыылааҕын Зинаида Петровнаны көрсөн кэлбиттэрэ.
Сэрии тыыннаах туоһута ытык кырдьаҕас Лысая гора сиригэр сэриилэһэн, Сталинград үрдүгүн хайдах ылбыттарын туһунан харах уулаах кэпсээбитэ оҕолорго билигин да умнуллубат өйдөбүл буолар. Ону сэргэ бэйэтэ илии баттааһыннаах кинигэлэри бэлэх ууммута. Сэрии дьулаан хонуутун ааспыт, саллар сааһын тухары сындылҕаннаах үлэҕэ сылдьыбыт ытык кырдьаҕас биһиэхэ чаҕылхай холобур буолар.
Зинаида Петровнаҕа эйэлээх олоҕу уһансыбытыгар махтанабыт, сүгүрүйэбит, чэгиэн туругу баҕарабыт!
Лия Маркова, VIII кылаас үөрэнээччитэ,
“Ситим” пост кэрэспэдьиэнэ, Таатта.