Уһун кыһыҥҥа улугуран сыппыт сир Ийэ сааскы сылаас салгынынан эҕирийэ тыынан, көтөрүн-сүүрэрин хамсатан, айылҕатын тилиннэрэн силигилии туран миэстэтин кини кэнниттэн кэлиэхтээх сайыҥҥы күҥҥэ туораан биэрдэ. Ол күнү биһиги оскуолабыт оҕолоро ыраастык көрсөөрү оскуола территориятын, түмэлбит турар сирин уонна бөһүөлэк киин уулуссатын ыраастаатыбыт, бөҕүн-сыыһын хомуйдубут. Харбаан-ыраастаан сүргэбит көтөҕүлүннэ.
Бу күн 8 кылаас үөрэнээччилэригэр география уруогар «Ыраас биэрэк» диэн экологияҕа аналлаах тэрээһин ыытылынна. Оҕолор уруок кэмигэр уу айанын суола (мотуорунан айан) тохтуур сирин — үрэх биэрэгин ыраастаатылар. Оҕолуу чараас санаалара бэйэлэрин көмөлөрүнэн ырааһырдыбыт хонуулара чэлгийэ көҕөрө түһэн бүгүҥҥү күнү уруйдуу көрүстэ. Ыам ыйын 22 күнэ — Ньукуолун күн, сахаларга сайыммыт саҕаланар күнэ. Бу курдук үлэлээн, сайыны ыраастык көрсөбүт.
Илларион СТАРОСТИН,
XI кылаас,
Арыылаах агрохайысхалаах оскуолатын пресс киинэ, Дьааҥы.