Серафим Романович Кулачиков-Эллэй саха народнай поэта сэтинньи ый 29 күнүгэр 1904 с. Таатта улууһугар Чычымахха Мойуона алааһыгар тѳрѳѳбүтэ, оскуолаҕа үѳрэммитэ, үлэлээбитэ.
Биир дойдулаахпыт, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа С.Р.Кулачиков-Эллэй мусуойугар сырыттахпытына саҥаттан саҥаны билэбит, көрөбүт. Бу мусуойга кини оҕолоро, сиэннэрэ аҕаларын, эһээлэрин туттубут малларын бэлэхтээбиттэр. Ол курдук аһыыр төгүрүк остуолга мин саамай наадалаахпын диэбит курдук саха ыалын сылабаара кылбайан турар. Бу сылабаары Эллэй кыра кыыһа Наталья Серафимовна бэлэхтээбит. Кулачиковтар дьиэ кэргэн бу остуол тула олорон, сылабаартан сылаас чэй иһэ-иһэ үгүһү кэпсэттэхтэрэ, ырыттахтара. Хас биирдии саха ыалыгар дьиэ кэргэн харыстаан, ытыктаан уура сылдьар мала-сала баар буолар. Кулачиковтар дьиэ кэргэн сылабаардарын олус харыстаан бырахпакка ууран кэлбиттэрэ билигин «Ытык мал» буолан кинилэр тустарынан кэпсии турдаҕа. Ытык мал нөҥүө хас биирдии ыал, нэһилиэк, улуус историята көстөр. Ол туһунан биһиэхэ оскуолабыт музейын салайааччыта Андросова Февронья Андреевна кэпсээбитэ. Онон, оҕолор, эһиги эмиэ ийэлэргит, аҕаларгыт, бэйэҕит малларгытын харыстааҥ, быраҕымаҥ. Аны 20-30 сылынан билиҥҥи маллар суох буолуохтарын сөп…
Канаева Лиза,
С.Р.Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын 6 кылааһын үѳрэнээччитэ.